От ыйын 8-10 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин Ураһалаах алааһыгар «Сельская школа & Образовательная марка» диэн XX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка буола турар. Бу тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһуттан 32 педагог, ол иһигэр 9 оскуола дириэктэрэ, учууталлар уонна иитээччилэр кытта сылдьаллар.
Дэлгэгээссийэлэр хонукпутугар Майатааҕы маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолаҕа түстүбүт. Тэрээһин саҕаланыыта биһигини төгүрүк алаас ортотугар баар ыһыахтыыр сиргэ Томтор орто оскуолатын учууталлара алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр, эбиэккэ сылаас минньигэс астаах сандалы бэлэмнээн көрүстүлэр.
Сунтаар улууһун үөрэҕириитин салайааччытын солбуйааччы Владимир Уаров салалтатынан тэрээһиммит бастакы күнэ ситиһиилээхтик саҕаланна, маннык үлэнэн кытынныбыт:
— Хоро орто оскуолата — 2 бырайыагынан;
— Кэмпэндээйитээҕи политехническай оскуола — «Будущее моей малой родины»;
— Сунтаардааҕы коррекционнай оскуола — »Вместе ради будущего»;
— А.П. Павлов аатынан Сунтаардааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуолаттан Мария Семенова, Лена Габышева, Светлана Осипова икки былаһааккаҕа бырайыактарбытын көмүскээтибит — «Педагогика творчества-2024» уонна «Единое экологически ориентированное образовательное пространство детского сада и школы как основа формирования духовно-нравственных ценностей»;
— Сунтаардааҕы 2-с нүөмэрдээх орто оскуола — «Ийэ тыл — дьиэ кэргэн»;
— Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт — «Иис-уус түһүлгэтигэр» быыстапканан;
— «Муниципальные методические службы» диэн былаһааккаҕа Владимир Уаров экспердээтэ.
Сардаана АФАНАСЬЕВА.