Эһигини бука барыгытын Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин күнүнэн Сунтаар оройуонун киин балыыһа администрациятын аатыттан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин күнэ биһиги дойдубутугар, үгэс курдук, сылын аайы дьон-сэргэ олоҕун, доруобуйатын харыстабылыгар олохторун анаабыт үтүө үлэлээх дьон бырааһынньыгын быһыытынан бэлиэтэнэр.
Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ ордук бу күн дьон олоҕор улахан суолталаах, наадалаах дьоһун идэлээхтэрин өйдүүллэр, талан ылбыт идэлэринэн, ситиһиилэринэн киэн тутталлар.
Былыр-былыргыттан киһи доруобуйатын төннөрөр, чөлүгэр түһэрэр үтүө дьыала дьон-сэргэ ортотугар улаханнык ытыктанар, бочуоттанар этэ.
Эмчит идэтэ — үрдүк идэтийиини эрэ эрэйбэт, ураты, дьиҥ киһиэхэ чугас хаачыстыбалары: аһыныгас, амарах, болҕомтолоох, ханнык да кэмҥэ көмөҕө кэлэргэ бэлэм буолууну ирдиир идэ.
Күн бүгүн Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үгүс уларыйыылар киирэллэр – эмтиир тэрилтэлэрбит базалара тупсар, быраастар, сиэстэрэлэр идэтийиилэрин таһыма үрдүүрүгэр саҥа кыахтар көстөллөр. Бу биһигини инникитин өссө да таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиирбитигэр кынаттыыр.
Күндү биир идэлээхтэрим!
Бэйэни харыстаммат үтүө суобастаах үлэҕит, талааҥҥыт, маастарыстыбаҕыт, үрдүк аналгытыгар бэриниигит, дьоҥҥо болҕомтоҕут, тапталгыт иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын.
Эһиги күн аайы эппиэтинэстээхтик үлэлээн, киһиэхэ саамай күндүтүн – доруобуйатын уонна олоҕун –быыһыыгыт.
Бука барыгытар, чугас дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну уонна үтүө, махталлаах үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!
Үлэҕит дьону үөрдэ, бэйэҕитин астыннара турдун!
Анатолий НАЗАРОВ, Сунтаардааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа