Сунтаар нэһилиэгэр 23 ыал саҥа дьиэ күлүүһүн тутта

Ол курдук, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааманан саҥа дьиэ күлүүстэрин олохтоохтор туттулар.

Саҥа дьиэ күлүүһүн туттарыы сиэрэ-туома Наталья Эконова алгыһынан, Сунтаар улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров, нэһилиэк баһылыга Эдуард Филиппов, «ДабанСтрой» ХЭТ дириэктэрин солбуйааччы Альберт Игнатьев бу дьиэҕэ көһөн киирээччилэр ыраас, сырдык, сылаас дьиэҕэ быр-бааччы дьоллоохтук олороллоругар баҕаран туран, барыта этэҥҥэ буоллун диэн санааларын тиэртилэр.

Эдуард Филиппов иһитиннэрбитинэн, Сунтарский переулок 1а аадырыстаах 5 этээстээх, 71 кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах таас дьиэ бастакы уочарата  –  23 кыбартыырата  – үһүс подъеһа киирдэ. Ол кэннэ салгыы иккис уочаратын 48 кыбартыыралаах дьиэ бастакы уонна иккис подъезд тутуутун «ДабанСтрой» ХЭТ тутан бу сылга бүтэриэ.

Санатан эттэххэ, Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыагын чэрчитинэн, Саха сиригэр саахалланар уонна хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү саамай улахан бырагыраама олоххо киллэриллэр. 2019 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо 40 тыһыынча киһи 700 тыһыынча кв.м. иэннээх хаарбах туруктаах олорор дьиэттэн көһөрүлүннэ. Бу сыллар устата барыта араас муниципалитеттарынан 200-тэн тахса элбэх кыбартыылаах дьиэ тутулунна. Ол иһигэр Сунтаар нэһилиэгэр 11513 кв.м. иэннээх, 232 кыбартыыралаах 5 дьиэ үлэҕэ киирдэ.

 

 

Сунтаар нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата

Читайте дальше