Бүгүн Норуот сомоҕолоһуутун күнэ. Улууспутугар интернациональнай дьиэ кэргэн элбэх. Галина уонна Авазбек бүгүҥҥү ыалдьыттарбыт.
Хас биирдии киһиэхэ дьиэ кэргэнэ кини тирэҕэ, туллар тутааҕа, халыҥ хаххата буолар. Биһиги Сунтаарбытыгар интернациональнай дьиэ кэргэттэр син бааллар. Бу Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө биһиги биир оннук дьиэ кэргэни бүгүн ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит. Сунтаардар кинини сибиэһэй уонна удамыр сыаналаах оҕуруот аһын, фруктаны атыылааччы Бек диэн аатынан бэркэ диэн билэбит. Кини Сунтаарга олохсуйбута син ыраатта. Бүгүн биһиги кини дьиэ кэргэнигэр ыалдьыттаатыбыт.
Галина Анатольевна Саввинова кэргэнэ Авазбек (Бек) Гапырович Амировы кытта Сунтаарга дьиэ-уот тэринэн олорбуттара номнуо 13 сыллара.
– Үтүө күнүнэн, дьиэ кэргэҥҥит, бэйэҕит туһунан кэпсиэххит дуо?
– Биһиги Сунтаар сэлиэнньэтигэр олорбуппут номнуо 13-с сыла буолла. Мин ыал ийэтэ, Аллыҥа нэһилиэгэр үс оҕолоох Саввиновтар дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэм Римма Петровна өр сылларга Аллыҥа нэһилиэгэр уһуйаан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, аҕам Анатолий Афанасьевич сопхуоска механигынан онтон кэлин тыраахтарынан нэһилиэккэ от-мас тиэйиитинэн дьарыктаммыта. Бэйэм билигин Сунтаардааҕы «Ньургуһун” оҕо сайдар киинигэр иитээччинэн үлэлиибин. Аныгы олох ирдэбилинэн эбии үп-харчы оҥостон «Комфорт» диэн гостиница үлэлэтэбит.
– Мин, ыал аҕата, Киргизия Ошскай уобалаһын Жал диэн сиригэр төрөөбүтүм. Дьиэ кэргэммэр бииргэ төрөөбүттэр биэспит. Ийэм, хомойуох иһин, эрдэ олохтон туораан, аҕам Гапыр Амирович барыбытын атахпытыгар туруортаабыта. Үйэтин тухары оскуолаҕа дириэктэрдээбитэ. Билигин 87 сааһыгар үктэннэ. Сотору, сотору төлөпүөнүнэн «привет якут» диэбитинэн сибээскэ тахса турар.
Бэйэм үлэбинэн оҕуруот аһын, фрукта тиэйэн аҕалабын. Былырыын Киргизияттан бииргэ төрөөбүт быраатым саадыттан «золотой грин», “симиренко”, “хрепсон” суортаах яблокалары атыылаабытым. Дьон амтана ураты, минньигэс диэн сөбүлээн атыыласпыттара быйыл эмиэ күүппүттэр эбит, ону сыана үрдээн, онно саастара тымныы буолан үүнүүтэ аҕыйаан кыаллыбата.
– Авазбек Гапырович, Саха сиригэр хаһан кэлбиккиний уонна хайдах дии санаабыккытый?
– 2002 сыллаахха Ленскай куоракка үлэлии кэлбитим онтон сөбүлээн Мииринэй куоракка олохсуйа хаалбытым. Аан бастаан кэлэн баран тымныытыттан уонна кумаарыттан, оҥоойутуттан олус диэн сөхпүтүм. Успуорт көрүҥнэриттэн волейболу сөбүлүүр буолан, Мииринэй хамаандатыгар оонньообутум. Онтон салгыы Сунтаарга олохсуйан бараммын сунтаардар хамаандаларын чилиэнэ буолан улуус чиэһин элбэх күрэхтэһиилэргэ көмүскэспитим.
– Хайдах билсиспиккитий?
– Биһиги 2009 сыллаахха билсибиппит. Ол кэмнэргэ мин манна Сунтаарга “Алгыс” диэн остолобуойга үлэлиирим. Онно Авазбек Мииринэйтэн оҕуруот аһын туттара кэлэрэ, аан маҥнай онно билсэн саҕалаабыппыт. Биир сыл буолан баран, 2010 сыллаахха, бииргэ буоларга санаммыппыт. Биир дьикти түгэни санаан ааһыахпын баҕарабын (Галина күлэр). Биирдэ хаартынан сэрэбиэйдэттим, арай сэрэбиэйдьитим: “Эн омукка ананан кэлбит эбиккин”– диэбитигэр өһүргэммиттээхпин, сөпкө да эппит эбит диэн билигин сөҕө саныыбын.
–Тоҕо чопчу Сунтаарга олохсуйар туһунан толкуйдаммыккытый?
– Элбэх киһи ыйыталаһааччы, Киргизияҕа тоҕо көспөккүт диэн, ону «Сунтаар – мин дойдум» диир кэргэним Бек уонна бэйэтэ даҕаны сирин-уотун, үтүө, элэккэй дьонун-сэргэтин сөбүлээн манна олохсуйарга санаммыппыт.
– Хас оҕо, сиэн баарый?
– Биир кыыс, 4 сиэн. Кыыспыт Ириша Дьокуускай куоракка ыал буолан оҕолонон олорор. Идэтинэн инженер-проектировщик «АСК Дом” ХЭТ үлэлиир. Күтүөппүт Владислав Жатай техникумугар практика уонна үлэнэн хааччыйыы салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Кыра сиэммит Данил 1 сааһын ааста.
– Бэйэ-бэйэни өйдөһүү төрүөтэ туохха сытарый?
– Бэйэ-бэйэбитин аан бастакыттан өйдөһөбүт. Биир санаанан, биир сыаллаах-соруктаах олорооһун дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүн ирдэбил дии саныыбыт.
– Эһиги дьиэ кэргэн туох үгэстээҕий?
– Быыс, бириэмэ көһүннэр эрэ төрөппүттэрбитин көрсө Аллыҥаҕа барабыт. Ирэ-хоро кэпсэтэн, хортуоска олордон, дьиэ ис-тас үлэтигэр үлэлээн-хамсаан, дуоһуйа сынньанарбытын сөбүлүүбүт. Түгэнинэн туһанан, күндү төрөппүттэрбитигэр, биһиэхэ сүбэ-ама, күүс-көмө буолан олороллоругар махталбытын тириэрдэбит. Кэргэним бэйэтин норуотун үгэстэриттэн остуолга саастаах дьон олорбутун эрэ кэннэ эдэрдэр олороллор диэни тутуһар. Былырыын Киргизияттан Авазбек бииргэ төрөөбүт быраата кэлэн, биһиэхэ сынньанан барбыта. Оттон Бек бэйэтин норуотун саамай сөбүлээн астанар аһын – плов буһарарын сөбүлүүр. Ирииһин дойдутуттан аҕалтаран, бараан этинэн астыыр үгэстээхпит. Олус минньигэс буолар.
– Авазбек, сахалыы үгэстэртэн тугу билэҕин, тутуһаҕын?
– Сахалыы үгэстэри тутуһабын. Аан бастаан дьиктиргиир курдук этим. Уһун айаҥҥа барарбар булгуччу алаадьы астатан илдьэ барабын, сирбин-уоппун хайаан даҕаны аһатабын. Ханнык баҕарар киһи, омугуттан, олохтооҕуттан тутулуга суох тулалыыр ийэ айылҕаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыллаах сыһыаннаах буолуохтаах дии саныыбын.
– Түмүккэ, Сунтаар олохтоохторугар, ааҕааччыларга баҕа санааҕыт?
– Бар дьоҥҥо чэгиэн туруктаах буолууну, или-эйэни, туох баар үтүөнү, үчүгэйи баҕарабыт!
– Дьиэ кэргэҥҥит туһунан билиһиннэрэн, кэпсээн-ипсээн үллэстибиккитигэр махтанабын. Эһиэхэ эмиэ туох баар үтүөнү, сырдыгы баҕарабын!
Алена ИВАНОВА