Кэлэр нэдиэлэҕэ, балаҕан ыйын 21 күнүгэр Сунтаарбыт улууһун күнүн бэлиэтиэхпит. Тэрээһин Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр — Оҕо саас, Сунтаарбыт улууһугар — Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын чэрчитинэн ыытыллыаҕа.
Бүгүн улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар бу тэрээһини торумнуур сүбэ мунньах ыытылынна. Мунньаҕы улууспут баһылыга Анатолий Григорьев салайан ыытта. Манна тэрилтэ салайааччылара кытыннылар. Сунтаарбыт улууһун култууратын салайааччыта Саргылаана Меркурьева ханнык тэрээһиннэр ыытыллалларын билиһиннэрдэ. Мунньах кыттыылаахтара санааларын этэн, тэрээһин боппуруостарын сүбэлэстилэр.
Сунтаарбыт күнүн көрсөргө бэлэмнэнии үлэтэ барар.
Алена ИВАНОВА