Сунтаар кэрэ аҥаардарын кэрэҕэ уһуйан

КҮННЭТЭ БИЛЭР ДЬОММУН АТЫН ӨТТҮНЭН АРЫЙАБЫН, ХОЛОБУР САРГЫЛАНАНЫ ИИСТЭННЬЭҤ ЭРЭ БЫҺЫЫТЫНАН БИЛЭРИМ ОНТУМ БААРА…

Урукку кэрэ кэмҥэ Индия киинэтэ, үҥкүүтэ, кэрэ эйгэтэ барыта олус күндүтэ. Билигин даҕаны ол кэмтэн саҕыллан индийскэй сүрэхтээхтэр элбэхтэр. Онтон биирдэстэрэ Сунтаарга олорор Саргылана Докторова.

Саргылана Докторова кыра эрдэҕиттэн индийскэй киинэлэри сырса сылдьан көрөрө. Таптал остуоруйа дойдутугар ыллыы-үҥкүүлүү сылдьартан ордук кэрэ туох баар буолуой?! Кырачаан кыысчаан ыратын илэ, бу билигин толорон олус дьоллооҕун үллэстэр.

Саргылана бэйэтэ ааттаах иистэнньэҥ, аны эбии индия классическай катхак үҥкүүтүн уһуйааччыта буолла. Бу идэни баһылаары Улан Удэҕэ Светлана Цыденоваҕа тиһигин быспакка үɵрэнэр, ону кытта Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыт Ашвани, Свеитлана Нигамнарга маастар-кылаастарыгар сылдьан билигин кини Сунтаар кэрэ аҥаардарын бу кэрэ эйгэҕэ угуйар уонна уһуйар.

Саха далбара таптал үҥкүүтүн истиҥ иэйиилээхтик кэрэхсээн иэйиилээхтик толороро элбэҕи да кэпсиир. Бу эйгэнэн Саргылаана ситиһиитэ олус элбэх. Соторутааҕыта Бурятияҕа тэриллибит «Краски Индии» күрэскэ иккис, үһүс үрдэл көтөллөөх кэлбитэ.

ОСТУОРУЙА ДОЙДУТУН ТАПТАЛ ҮҤКҮҮТҮН ХАМНАНАН КЭРЭ ЭЙГЭҔЭ КУУСТАРЫАХХА!

 

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше