Аалай кыһыл — таптал өҥүнэн киэргэммит «Сааскы серенада» кэнсиэр угуйуктуур афишатыгар бэйэтэ отучча эр киһи мэтириэтэ кэккэлэһэр. Бастакы санаа: «Айыбыын бачча элбэх ырыаһыт эр дьонноохпут дуо?», — диэн… Онтон кэнсиэркэ сылдьан баран: «Бааллар эбит…»,- диэн үөрэ-көтө, киэн тутта кэпсиибин. Киһи сөҕөрө, ырыаһыттар култуура эрэ үлэһиттэрэ буолбакка, ОДьКХ, успуорт, үөрэҕирии, урбаан эйгэлэриттэн эр хоһууттар түмүллэн, кэрэ аҥаардарга бэртээхэй кэнсиэри тэрийдилэр. Барыл ааптара, ыытааччыта Айсен Сүөдэрэп сабыс-саҥа, кыһыл көмүс киэргэллээх бинсээгин анньынаат, салайааччыта Юрий Олуун аан тылы этэн арыйааттарын кытта, «Өрөгөй», «Дьулуур» ансаамбыллары кэккэ биирдиилээн ырыаһыттар, колледж үҥкүүһүт уолаттара сыанаҕа тахсаннар, икки чаастаах кэнсиэри биир тыынынан көрөн астынныбыт. Тэрийэччилэргэ, кыттааччыларга барҕа махтал! Сонун курдук этэр буоллахха, ОДьКХ үс ырыаһыт уола ылбаҕай ырыаларынан сүрэҕи долгутаннар, эһиил сатаннаҕына, кинилэр кэнсиэртиэхтэрэ диэн буолла! Сыанаҕа эр киһи тахсара — ураты дьоһун көстүү, өссө ис сүрэхтэн ыллаан бардаҕына үгүс сүрэҕи долгутар…
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА