Оскуолабытыгар учуутал күнүн көрсө араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Учууталлары оҕолор эҕэрдэлээтилэр. Оскуола аактабай саалатыгар үөрүүлээх линейка тэрийдилэр. Ыллаатылар, үҥкүүлээтилэр, алаадьынан уонна тордунан күндүлээтилэр. Оҕолор учууталларыгар сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Бу күн оҕолор учууталлары солбуйдулар. Уруок ыыттылар. Маны сэргэ остуол тениһигэр оҕолор уонна учууталлар күрэхтэстилэр. Бары бу тэрээһинтэн астынан тарҕастылар. Кыайыылаахтар грамотанан наҕараадаланнылар.
Музыка нэдиэлэтигэр анаан алын сүһүөх, орто сүһүөх, улахан сүһүөх кылаастарга «Музыкальное путешествие» күрэх буолла. Онно музыкальнай викторина уонна «Угадай мелодию», караоке күрэххэ күөн көрүстүлэр. Кыайыылаах кылаас грамотанан наҕараадаланнылар.
Улуус кииннэммит бибилэтиэкэтэ кэтэхтэн «Кинигэ мин доҕорум» өйтөн суруйууга 8 «в» кылаас үөрэнээччитэ Амелия Оконешникова 2-с бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Грамотанан уонна бирииһинэн наҕараадаланна. 7-с уонна 8-с кылаастарга көрдөөх стартар ыытылыннылар. 2-с-5-с кылаастарга «Мой домашний питомец» быыстапка-презентация буолла. Онно оҕолор дьиэтээҕи кыылларын туһунан кэсээтилэр уонна боппуруостарга эппиэттээтилэр. Үрдүкү кылаастар СТК орто үөрэх күннэригэр сырыттылар, маастар-кылаастарга кытыннылар.
Оскуолабытын бары наһаа таптыыбыт, сөбүлээн үөрэнэбит. Биһиги элбэҕи билэрбитигэр араас усулуобуйа барыта баар.
тэттик сонуннары тистим Анисия СЕМЕНОВА