Сунтаар 1№-дээх оскуолатыгар ийэлэри кытта истиҥ көрсүһүү

Ийэ киһи социальнай сүрүн өйдөбүлүн (оруолун) үрдэтэр соруктаах Ийэ күнүн бырааһынньыга дойдуга 1998 сылтан бэлиэтэнэр. Онтон, өрөспүүбүлүкэбитигэр 1993 сыл алтынньытыттан, Сахабыт сирин бастакы бэрэсэдьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээhининэн, Ийэни чиэстээһин үтүө үгэһэ олохтоммута.
Сунтаар 1 №-дээх 8″в» кылааһын  ийэлэригэр элбэх оҕолоох ийэ, эбээ Елизавета Никитична Кириллина күндү ыалдьыт буолла.

Кини оҕо иитиитигэр сүбэтин-аматын эдэр ийэлэргэ үллэһиннэ. Оҕону кыратыттан үлэҕэ сыһыара үөрэтин, оҕо дьиэтигэр хонуохтаах,төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, үөрэх таһынан бэйэтэ дьарыктаах буолуохтаах диэн сүбэлээтэ. Елизавета Никитична илиитигэр талба талааннаах буолан иистэнэр ,быысапкалыыр эбит. Көрсүһүүгэ бэйэтин үлэлэрин илдьэ кэлэн көрдөрдө.

Төрөппүттэр аҕам саастаах ыалдьыттарыгар сүбэтин-аматын иһин махталларын тиэртилэр. Өссө даҕаны ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр салҕанан барыахтара.

Кокарева Е.А. 8″в» кылааһын салайааччыта

 

Читайте дальше