«Үөрэҕирии» национальнай бырайыак иитинэн «Үөрэх систиэмэтин саҥардан биэрии» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн Сунтаар 1№-дээх оскуолатыгар уопсайа 127 мөл.солк. суумалаах хапытаалынай өрөмүөн муус устар ыйтан ыытыллыаҕа. Өрөмүөн сүрүннээн ис үлэтигэр барыаҕа. Ол курдук, истиэнэтин, муостатын, ис үрдүн, түннүктэрин, ититэр систиэмэтин, уотун-күөһүн саҥардыахтара. Ону тэҥэ, остолобуой, үөрэнэр кэбиниэттэр саҥа тэриллэринэн хааччыллыахтара. Билигин бэдэрээччиги быһаарыы үлэтэ барар.
Оскуола үөрэнээччилэрэ сааскы сынньалаҥ кэнниттэн икки сиринэн: алын сүһүөх оскуолатын мас дьиэтигэр уонна СПТЛИ икки симиэнэнэн тарҕанан үөрэниэхтэрэ. Үөрэнээччилэргэ быстах кэмҥэ үөрэнэр усулуобуйаны толору олохтуохтара.
Санатан этэр буоллахха, маннык элбэх суумалаах өрөмүөн үлэтэ бу оскуолаҕа ыытылла илигэ. Бу иннинэ оскуола сарайын уларыппыттара. Өрөмүөн үлэтин саҥа үөрэх дьылыгар бүтэрэр соруктаахтар.
Мира АФАНАСЬЕВА