Бүгүн, А. П. Павлов аатынан Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолатыгар олус суолталаах тэрээһин буолла. Ол курдук “Судостроение” фирменнэй кылааһын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Бу сайын тыа сирин оскуолаларын педагогическай дьаарбаҥкатын кэмигэр “Сунтаар улууһа” МТ баһылыга Анатолий Григорьев, “Жатайдааҕы судоверфь» АО уонна Жатайдааҕы тиэхиньикум салалталарын кытта уу суудунатын тутууга үөрэтэр фирменнэй кылааһы арыйыыга бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥэр илии баттаспыттара. Маннык кылаастар өрөспүүбүлүкэ 11 оскуолатыгар үлэлиэхтээхтэр, ол иһигэр биһиги улууспутугар.
Билиҥҥи кэм ирдэбилэ – анал хайысхалаах кылаастар арыллаллара, биһиги уопсастыбаҕа ханнык идэлэр ордук наадалаахтарын билэн, оҕолорбутун бэлэмнээтэхпитинэ сайдыы баар буолар. Бу кылаас анала оскуола оҕолорун эрдэттэн идэҕэ бэлэмнээһин буолар. Сунтаарбыт улууһун үөрэнээччилэрин хараабылы тутуу курдук саҥа хайысханы кытта билиһиннэрии – бу интэриэһинэй хайысхаҕа умсугутуу буолар.
Быйылгы үөрэх сылыгар 17 уол «Основы судостроения» уонна “3D-моделирование» предметтэргэ үөрэхтэрин саҕалыахтара. Аны үс сылынан үөрэммиттэрин туоһулуур сертификат ылан тахсан, Жатайдааҕы коллежка конкуренцията суох үөрэнэ киирэр кыахтаналлар. «Судостроение» фирменнэй кылаас ситиһиилээхтик үлэлиэ диэн бигэ эрэллээхпит.
Сунтаар улууһун үөрэҕириитин пресс сулууспата
Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолатын юнкордарын фотолара