Бүгүн С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр Норуот сомоҕолоһуутун күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Бастатан туран, араас омук национальнай бүлүүдэлэригэр көрүү күрэс ыытылынна. Күрэскэ барыта аҕыс тэрилтэ кытынна. Кыттааччылар сүрдээҕин бэлэмнэнэн, олус элбэх бүлүүдэни астаан, киэргэтэн кэлбиттэрэ сөхтөрдө. Быыстапкаҕа кыттааччылар национальнай көстүүмнэри кэппиттэрэ — эмиэ биир кэрэ көстүү. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылааҕынан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета буолла.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһын арыллыытыгар мустубут дьону улуус баһылыга Анатолий Григорьев эҕэрдэлээтэ. Баһылык бырааһынньык суолтатын, историятын кылгастык билиһиннэрдэ. «Биһиги модун Арассыыйабытыгар араас омук эйэлээхтик олорор, сайдыыга бары биир сомоҕо буолан үлэлиибит, айабыт-тутабыт, биһиги улууспут дьоно-сэргэтэ манна эмиэ улахан кылааттара баарыттан бары киэн туттабыт», — диэн баһылык бэлиэтээн эттэ. Норуоттар сомоҕолоһууларын бырааһынньыга улахан суолталааҕын тоһоҕолоото.
Үлэ бастыҥнарыгар наҕараадалар туттарылыннылар. Бу күн Куокуну олохтооҕо Ада Генерова “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕаһа” диэн бочуоттаах бэлиэни уораҕай киэҥ саалатыгар сахалыы таҥнан олорор дьон дохсун ытыс тыастарынан доҕуһуоллатан тутта. Сунтаар олохтоохторо өйдүүрбүт буолуо, 2019 сыл сайыныгар ууттан аҕалаах уолу быыһаан хорсун быһыыны оҥорбут Тима Степановы. Уол оччолорго оскуолаҕа үөрэнэрэ. Билигин кини педагогическай колледж устудьуона. Оттон 2018 сыллаахха баара-суоҕа уон эрэ саастаах Алексеев Ариан умайа турар дьиэттэн үс оҕону быыһаабыта. Кинини дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Хорсун быһыы” уордьанынан наҕараадалаабыта. Хорсун уолаттарбытыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай кэмитиэт быһаарыытынан “Горячее сердце” түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаламмыттарын туттардылар. Оттон да атын салааларга таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар элбэх киһи наҕараада тутан, дьон-сэргэ эҕэрдэлэрин истэн үөрүүлэрэ үксээтэ. Ол кэннэ бэртээхэй кэнсиэр буолла. Манна көрөөччүлэр араас омук үҥкүүлэрин, ырыаларын сэргии көрдүлэр.
“Оһуокай – сомоҕолуур күүс” диэн туран, бырааһынньыгы оһуокайынан түмүктээтилэр.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат