Байар айдааннаахпыт
Билиҥҥи эриэккэс кэмҥэ дьиибэ турукка толугураһан олоробут. Тура-тура байар баҕабыт баһаам. Эмиэ да сөп ээ. Хаһааҥҥытааҕар даҕаны хачыгырыыр харчы барыны быһаарар кыаҕа-күүһэ түмүллэн, биһиги кэммитигэр сүрдэннэ. Харчылааххын—үөрэх муҥутуу сайдыбыт сиригэр сайдыс. Харчылааххын—аһаа-сиэ, таҥын-симэн. Харчылааххын—эмтэн, үтүөр. Харчылааххын—ханна да тиий, халлаан уута хабарҕаҕынан.
Биһиги сахалар эрэ итинник ытыыр баҕалаахпыт буолуо дуо диэн мунаарар этим. Онтум баара аан дойдуга син биир оннук эбит. Итэҕэйдим, арааһы санаатым, ырааҕынан эргитэн толкуйдаабыта да буоллум.
Бу күннэргэ, дьэ, сахаҕа да тылы баһылаабыт, тылбааһы уста-туора талбытынан оонньотор дьонноох эбиппит диэн үөрэн олоробун. Тугун баҕас үчүгэйэй, сөрүүн сүөгэйдии, астына-ыймахтыы, үкчү сахам тыатыгар уонна бу Дьокуускайбытыгар буолбут түбэлтэ курдук биир саҥа кинигэни ааҕан кээстим эбээт! Ол—“Соһуччу байбыт миллионер” диэн. Тылбаасчыта—Нина Дьячковская. Эмиэ астынар атастарым курдук буолбуттара ырааппыт “Айар” кыһам бородууксуйата.
Бастаан утаа дьиибэргээтим: ханнык эрэ саха кыыһа бу аныгылыы аат оҥостон суруйбут буоллаҕа дуу диэн муодарҕааммын, иннин-кэннин сыныйбытым, чахчыта тылбаас эбит. Ол эрээри ааҕа олорор киһи ону атын омук туһунан кэпсэнэр дии санаабакка бэйэтигэр тиэрдэн чугаһатара, дьэ, дьикти. Ол буолуо, бука, тылбаас маастарыстыбатын баһылааһын.
Чэ, сааһылаан кэпсиим.
Кылааты буллаҕа?!
Былыргыга дылы буолан. Тыа саҕатыгар көһүйэ көмүһү булаат, куорат сиргэ тиийэн ыһа-тоҕо эргинэн, тиэрэ байбыкка дылы. Киһи уруккулуу итинник саныыр. Ол гынан баран бу кинигэҕэ суруллар уол дьылҕата арыый атын. Кини “соһуччу байыытыгар” дьон сыһыана, сэнээһин, аанньа ахтыбат, суолталаабат буолуу түмүгэр кинини милийэньиэр быһыытынан төрүт быыкаа сир олохтоохторо ылымматтара көстөр.
Уол аҕата өлүөҕүттэн ыла, букатын кыра эрдэҕиттэн кыаммат ийэҕэ иитиллэр. Саҥардыы туран эрэр оҕоҕо эҥинэ бэйэлээх санаа-оноо буһуута манан аҕай буолбата биллэр. Кыра киһи өйдүүрүн тухары эгэлгэ кыһарҕаны көрсүүтүн атаҕастабыл курдук ылыммат, бу кыһалҕаттан хайдах гыннахха төлөрүйүөххэ сөбүн бэйэтинэн тобула сатыыр түбүккэ кубулутар. Итиниэхэ сытар кини эрчиллиитэ уонна оҕоҕо маарыннаабат муударай төбөтө.
Саха сиригэр да кытыы сиргэ олох араас. Бу кинигэҕэ кэпсэнэр усулуобуйа биһиэнинээҕэр уустук эбит дии санаатым. Хайдах эрэ түҥкэтэҕинэн сыаналаатахха биһигиннээҕэр алыс. Онуоха холоотоххо биһиги “үрэхпит баһа” урут даҕаны аһары итинник буолбатах этэ. Оччотугар түҥ кытыы да сиртэн маннык милийэньиэрдэр тахсыахтарын эмиэ сөп буолбат дуо? Онуоха төбө олоруута быраап! Баҕарыахха, турунуохха уонна ситиһиэххэ! Мин итини ааптар кигиитин, билигин өссө да кыра ыччаты киксэриитин курдук көрдүм. Кытаатыҥ, доҕоттор, сэнэнимэҥ! Ыра санааҕытын оонньотуҥ, тэнитиҥ, баҕарыҥ! Оччоҕо бу аул уолун курдук кыаммакка-түгэммэккэ өйөбүл буолар күҥҥүт үүнүө эбээт!
Тустаахха уустук
“Соһуччу байбыт” диэн иһиттиннэр эрээри, тустаахха букатын соһуччу буолбатах. Син мээнэ элбэх сыл ааһар. Ол тухары тулуур уонна дьулуур бииргэ кыттыһан, күннэтэ туруулаһан, кыра-кыратык “сир ылан” сыҕарыйаллара бэркэ суруллар.
Соҕотох буруукта лааппытыттан саҕалаан супер-маркекка тиийэ харчыны хамсатар, солкуобайы сомсор маҕаһыыннаныы, ону бас билии биир күнүнэн быһаарыллыбат. Ол эрээри олохтоохтук дьаһанар эйгэҕэ бу уол сыччах бэйэтин билиитигэр эрэ тирэнэн эрэллээхтик киирэр. Өр сылларга сыраласпыта, анал үөрэҕи тутуспута, өйдөөх бэрэпиэссэр оҕонньортон элбэххэ такайыллыыта барыта экэниэмикэ сокуонун иһиттэн-таһыттан үөрэтиититтэн тахсар.
Ханнык да кэм эриэннээх…
Диэх да курдук. Кинигэҕэ, дьэ, 90-с сыллар хото суруллубуттар. Ити кэмҥэ биһиэхэ манна да уларыйыы-тэлэрийии элбэҕэ. Дьокуускайга Ленин уулуссата “Арбаат” буола сылдьыбыта. Онтон пароходство дьиэтин ойоҕоһугар сыҕарыс гыммыта. Ити саҕана кэлээччи-барааччы эргиэмсиктэр күннээбиттэрэ, төбөлөрүгэр киэргэл курдук (эчикийэ саха киһитэ оччолорго саатар көстүүтэ этэ да, сирэйбит түргэнник халыҥаабыта) презервативтары кэккэлэччи кэтэн баран, били сэбиэскэй саҕана көрбүт киинэбитигэр баар апачи Гойко Митич курдук, уоттааҕынан үтэн-анньан көрөн олороллоро бу баарга дылы.
Биһиги да хаалсыбатахпыт. “Саамай кытыгырастарбыт” бэрт түргэнник кытайдар атыылыыр спортивнай ыстааннарыгар дьылыс гынаат, Маскубаҕа нэдиэлэҕэ хаста да баран-кэлэн, Лужники ырыынагыттан баһаам табаары сосуһан, эргинэн элэгэлдьийбиттэрэ. Ол быыһыгар “эриэкэккэ түбэстим” диэччи элбээбитэ, биллэн турар, эргиэн миэлиҥсэтигэр албыннатыы-көлдьүннэтии үгүс буолбакка?
Итини санаатым эмискэ, ааҕа олороммун. Итиэннэ ханнык баҕарар уларыйыы-тэлэрийии, киһи олорор хайа баҕарар кэмэ үчүгэйдээҕин саҕа куһаҕаннаах, өйдөнүллүбэтин саҕа эридьиэстээх. Бу—олох сокуона. Ханна да барар кыаҕыҥ суох. Ол эрээри киһи эриэнэ таһыгар тахсар эриэккэс дьылга-күҥҥэ үөрүүҥ-хомолтоҥ барыта майгыны, сиэри кытта ситимнээх буолар эбит.
Уорбут-талаабыт уһаабатах буолуохтаах дии саныыбын. Оттон бу кинигэҕэ суруллар, тиһэҕэр милийэньиэр буолбут, норуот киэн туттар уолун курдуктар, дьаныһан туран, тугу-ханныгы быраҕан туран, аттыларыгар баар кыамматы-кырдьаҕаһы ытыктаабыттара, дьадаҥылар ыччаттарын үөрэттэрбиттэрэ, ыарыыга ылларбыты быыһаабыттара киһи кыайан эппэт, харах уулаах махталлаах дьыалалара үйэ тухары уос номоҕор киирдэхтэрэ. Ол иһин айымньы суруллар. Ол иһин дьон киэҥ сиринэн истэр, үтүөнү, ырааһы-сырдыгы сүһэн ыларга күн дьоллоохтор дьулуһаллара—дьолбут!
Казах суруйааччыта, бу Сауле Досжан диэн ийэ дьахтар суруйааччы эбит. Ол да иһин маннык уустук тиэмэни таарыйдаҕа, тылын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэртэҕэ. Оннооҕор биһиэхэ тылбаасчыт Нина Дьячковская баар буолан тиийэн кэллэҕэ. Бу эмиэ сүҥкэн ситиһии эбээт!
Сахам ыччата эмиэ кытаатан, кытаахтаһан, олох долгунугар олорсон, милийэньиэр буоллун, төрөөбүт норуотун туһугар кыаҕырдын диэн алгыыбын! Аахпыт кинигэҥ эйиэхэ сарыал курдук санаалары эбэр, сүрэххин манньытар буоллаҕына, ол аата соругун сиппит, бэртээхэй айымньы тахсыбыт диэн буолар. Ситигирдик үөрэбин уонна соһуччу сонуннар биһиэхэ эмиэ кэлэ турдуннар диим!
Анньыыһын НЕУСТРОЕВ,
Дьокуускай.