Бу күн бэҕэһээ бассаап ситимигэр пааркаҕа ойуурунан киириигэ куоска оҕолорун дьааһыкка уган аҕалан бырахпыттарын хаартыскаҕа түһэрэн ыыпппыттара баара. Аньыыта да бэрт дии, «хайдах, туох тоҥ сүрэхтээх киһитэ маннык дьаабыланна, ама, кырдьык буолуо дуо?» диэн толкуй бөҕөҕө түстүм. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ аҕалан дьааһыгынан хастыы да куоска оҕотун быраҕа сатаан баран, аны ытык сирбитигэр аҕалан хаалларар буолбуттар дуу?..

Кырдьыгын, сымыйатын билээри, дьааһыктаах куоска оҕолорун булбут киһи, баҕар, кырачаан кыылларга амарах санаалаах хаһаайын булбута буолаарай диэн бүччүм санаалаах ол хаартысканы ыыппыкка төлөпүөннүү сырыттым да, бачча былдьаһыктаах күннэргэ дьиэҕэ төлөпүөнү тутан баран олорбот киһи быһыылаах. Үлэ, дьаһах, сүүрүү-көтүү буола сырыттаҕа.

Хаартыскаҕа көрдөххө, ойуура пааркаҕа киириигэ баар курдук. Онон чахчы быраҕыахтарын да сөп буолан тахсар. Киһи кыһыйыах өссө ас табыгыната түспүттэр. Итинэн аньыыбытын боруостуубут дии саныыллара дуу, хайдах дуу. Маннык ыһыктаах уопсай дьиэлэргэ «түүҥҥү ыалдьыттар» кыһыннары, сайыннары «кэлээччилэр». Ити уопсай дьиэлэргэ да аҕалан быраҕалларын аньыырҕаабаттара эбитэ дуу. Дьиэбититтэн таһаардыбыт да сөп диэн бэйэмсэх буолуу санаа баһыйар дуу. Уопсайдарга араас дьон олорор эбээт. Кыратыттан кырдьаҕаһыгар, доруобайыттан ыарыһаҕар тиийэ. Куоска түүтүттэн, сытыттан аллергиялыыр киһи баар буолуон сөп буоллаҕа. Ити куосканы аҕалан быраҕааччылар ону санаан ыларгыт дуу, суоҕа дуу. Куоска оҕотун мээнэ быраҕан бэйэҕитигэр буруйу оҥосторгутун таһынан, эһиэхэ туох да куһаҕаны баҕарбатах, олох да харахтаан көрбөтөх дьоҥҥутун эрэйгэ ыытаҕыт эбээт. Аллергиялыыр киһи туруга хайдах да буоллун, онно кыһаллыбакка, бэйэ туһун эрэ санааһын. Ол да быстах санаа буолар…

Билиҥҥи үйэҕэ стерилизациялатыы, аттааһын өҥөтүн бэтэринээринэй управление оҥорорун туһунан сотору-сотору иһитинннэрии ыытыллар ээ. Ааһа баран, бу өҥөлөргө аахсыйанан чэпчэтии бөҕө буолааччы. Тоҕо да сатамматый, ити өҥөнү туһанан, тыынар тыыннаах дьиэ кыыла барахсаны моруу гыммакка, сир-халлаан икки ардыгар хаалларбакка киһилии көрөр-харайар?!

  Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше