Дьахтар күнүгэр Сиэйэ нэһилиэгэр бэрт сэргэх тэрээһиннэр буолан аастыллар. Ол курдук, сылын аайы ыытыллар  Марина Хомподоева «Молодая бабушка» бырайыага куйаар ситиминэн ыытылынна. Кыайыылааҕынан «Радуга» оҕо уһуйаанын үлэһитэ Вера Меркурьева буолла.

Түөлбэлэр икки ардыларыгар «Үрүҥ көмүс Далбардар» — кэрэ хотуттар күрэстэрэ буолла. Манна биэс түөлбэттэн биирдии аҕам саастаах эбээ кытынна. Бастакы түһүмэххэ Айыыһыт уобараһын кумааҕынан таҥан оҥордулар.

Биир чаҕылхай түһүмэҕинэн 90-с сыллардааҕы таҥастары кэтэн муода көрдөрүүтэ буолла. Көрөөччүлэри ол кэминээҕи бириэмэҕэ төнүннэрэ сырыттылар. Кыттааччылар бары уобарастарын олус үчүгэйдик биэрдилэр. Кыттааччылар кожанка көстүүмнэри, варенка банан ыстааннары, джинсовай кууркалары, өҥнөөх легинсылары, сиэккэ таҥастары, реглан сиэхтээх спортивнай былаачыйалары кэттилэр, санныга сүгэ сылдьар «Романтика» магнитофоннаах тахсан дьону соһуттулар. Маны таһынан, далбар хотуттар бэйэни билиһиннэрии, талааны көрдөрүү, киэһээҥҥи уобарас диэн түһүмэхтэргэ кытыннылар. Кыттааччылар бары бииртэн биир кэрэлэр, бастыҥнар, ол эрэн, кыранан чорбойон «Кустук» түөлбэттэн Антонина Иванова кыайыылааҕынан тахсан кэрэ коронаны кэттэ. Көрөөччү биһирэбилин куоластааһын түмүгүнэн «Сарыал» түөлбэттэн Вера Меркурьева ылла. «Кустук» түөлбэттэн Валентина Семенова, «Ньургуһун»  түөлбэттэн — Рада Селляхова, «Угуһут» түөлбэттэн —  Елизавета Михайлова анал ааттары ыллылар. Оттон тэрийээччилэр кыттааччыларга дьоҥҥо кэрэни кэрэхсиир бырааһынньык киэһэтин бэлэхтээбиттэригэр барҕа махталларын биллэрэллэр.

Кулун тутар 9 күнүгэр саҥа успуорт саалатыгар Сунтаар улууһун эпчиркэҕэ (кыраккыы) федерациятын салайааччыта Ким Николаевич, Сиэйэ нэһилиэгин баһылыга Александр Николаевич уонна нэһилиэккэ успуорт инструктора Борис Александрович буолан сүбэлэһэн, дьахталларга эпчиркэҕэ (кыраккыыга) уонна дарска биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиини тэрийдилэр. Ыаллыы оройуонтан Ньурбаттан элбэх кыттааччы кэлэн, күрэх таһымын үрдэттилэр. Бэрт тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Саастарынан икки бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр. Эпчиркэҕэ 19-54 саастаахтарга аҕыс кэрэ аҥаар кытынна. Бастакы миэстэни Уһун Күөлтэн Татьяна Григорьева, иккис миэстэни — Ньурбаттан Анна Егорова, үһүс миэстэни — Ньурбаттан Сусанна Габышева ыллылар. Эдэрдэргэ аҕыс буолан кыттыбыт буоллахтарына, бэтэрээннэрнэ 55 сааһыттан аҕа саастаахтарга, 18 кэрэ аҥаар күрэхтэстэ. Бастакы миэстэни Уһун Күөлтэн Павлова Надежда элбэх очкону ылан эрэллээхтик бастаата. Иккис миэстэ — Сунтаартан Таисия Ксенофонтова, үһүс миэстэ —  Сунтаартан Валентина Иванова буоллулар. Элбэх дьон көрө илик күрэҕин олус сэҥээрэн, эбии кыраккыыга дьарыктаныах буолан үөрэ-көтө тарҕастылар. Онон Сиэйэҕэ кэрэ аҥаардарга аналлаах олус сэргэх, сонун тэрээһиннэр буолан аастылар.

Мария ЕФИМОВА

Читайте дальше