Күүтүүлээх сааспыт салаллан, Сунтаар сэлиэнньэтигэр бастакы чалбах тахсыбыт күнүгэр, Сиэйэлиир чиэскэ тигистибит. Сунтаар улууһун олохтоохторун сүүрбэттэн тахса сыл бэйэлэрин үтүө баҕаларынан чөл олоххо уһуйар «Чэбдик» кулууп (салайааччы Диана Трофимова) 13 чилиэнин Сиэйэ нэһилиэгин баһылыга Александр Николаевич Романов үс массыынанан бэйэтинэн кэлэн илдьэттээбитэ сүргэлэрин сүрдээҕин көтөхтө.

Бу тэрээһин Дьокуускай куорат олохтооҕо Варвара Макарова-Сүүрүк Балбаара баҕарбыт баҕа санаатын толоруу буолар. Улууска «Чэбдик» кулуубу төрүттээбит, 15 сыл салайбыт кэмигэр Сиэйэттэн ураты бары нэһилиэктэргэ көрсүһүүлэри тэрийэн,чөл олоҕу көҕүлээһиҥҥэ тэрээһиннэри ыыппыт. Онтон арыыланан хаалбыт Сиэйэбитигэр, дьэ бу, айаннаан иһэбит.

Олохтоохтор ыалдьыттарын үөрэ-көтө көрүстүлэр. Нэһилиэк дьаһалтатын дьиэтигэр баай-талым астаах остуолга олорон тото-хана аһаатыбыт. Тэрээһиммит бу быйыл сабыс-саҥа аанын тэлэччи аспыт көҥүл тустуу энтузиаст тириэньэрэ Николай Михайлов аатынан успуорт саалатыгар буолла. Түбэй уонна Түбэй-Дьаархан нэһилиэгиттэн баҕалаахтар эмиэ кэлбиттэр. Болдьоммут чаас туолуута нэһилиэк баһылыга Александр Романов уонна бу тэрээһин сүрүн көҕүлээччитэ, салайааччыта, медицина, үлэ бэтэрээнэ, Түбэй-Дьаархан, Сунтаар нэһилиэктэрин, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина, чөл олох төлөннөөх көҕүлээччитэ, чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин, Арассыыйа успуордун маастара, бэтэрээн маастардар ортолоругар Европа 6 төгүллээх, Аан дойду 3 төгүллээх чөмпүйүөнэ, бэтэрээн маастардарга Аан дойду Кубогын хаһаайына Варвара Макарова, Саха сирин биир чулуу марафонеһа Иван Архипов эҕэрдэ тыллары эттилэр, чөл олоҕу сайыннарыыга успуорду өрө тутууга ыҥырдылар. Дьэ, ол кэнниттэн успуорт араас көрүҥнэригэр маастар кылаастар саҕаланнылар. Хаалыктаах хаамыыга Варвара Григорьевна уонна инструктор Мария Чагдинская 17 киһини үөрэттилэр. Манна 86 саастаах Мария Иванова, 78 саастарын нөҥүөлээбит Агафия Данилова, Елизавета Догойдонова атыттарга холобур буолан, инники сырыттылар. Дуобакка успуорт маастарыгар хандьытаат, Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатын преподователэ Василий Уаров, теннискэ Альберта Петрова, хабылыкка, хаамыскаҕа Александра Николаева маастар кылаастары тэрийдилэр. Сүүрүк Балбаара уонна 101 марафоҥҥа сүүрбүт Иван Архипов араас күрэхтэһиилэргэ бастаабыт мэтээллэрин, кырааматаларын уурбуттарын мустубут дьон тутан-хабан, сөҕөн-махтайан көрдүлэр. Ол кэмигэр, биһиги баһылык Александр Николаевиһы батыһан, саҥа уораҕайы интэриэһиргээн иккис этээскэ тахсабыт. Сырдыгын, ырааһын, ичигэһин ситэрэн, усулуобуйата толору эбит. Манна эмиэ туалеттаах, душтаах, теннистиир , администратор, мед. персонал үлэлиир туспа хостордоох. Олохтоохтор бэйэлэрэ кыттыһан атыыласпыт 300000 солк. суумалаах араас тренажер туруоруллубут.

Үс нэһилиэктэн мустубут дьон маастар кылаастартан астынан, салгыы хаалыктаах хаамыынан дьарыктаныахпыт, диэн махтанан-баһыыбалаан үөрэ-көтө тарҕастылар. Түбэй нэһилиэгин олохтооҕо Александра Павлова дьарык кэнниттэн санаатын маннык үллэһиннэ: «Былырыын атаҕым тобугун эпэрээссийэлэппитим. Онтубун бэрэбиэркэлээри кэлбитим. Дьарык кэнниттэн тобугум ыалдьыбатаҕар наһаа үөрдүм. Онон салгыы хаалыктаах хаамыынан дьарыктаныыһыбын.» Аны туран тэрээһин сиэрин-туомун ситэрэн диэбит курдук, киэһэ 6 чаастан Юрий Гурьев аатынан култуура дьиэтигэр ырыа-тойук дьиэрэйдэ, үҥкүү-битии көҕүлүттэн тутулунна. Дьэ, манна Мария Иванова, Агафия Данилова, Елизавета Догойдонова, аҕам саастаахтарын таһыччы умнан, араас цыганныы, бальнай үҥкүүлэри имигэстик үҥкүүлээн илибирэтэн , чахчы даҕаны, былааһы ыллылар. Көрөөччүлэр дэгиттэр талааннаах Ефрем Афанасьев олоҥхоттон быһа тардан толорбутун, чулуу спортсмен Иван Архипов ырыаһыт бэрдэ буоларын, Елизавета Догойдонова гимнастическай имигэс нүөмэрдэрин кэрэхсээн көрдүлэр, иһиттилэр. Онон Сүүрүк Балбаара ааспыт сылларга төбөтүгэр иитиэхтии сылдьыбыт былаана олоххо киирэн, астыммытын биллэрэн, араас хаартыскалаах альбомун нэһилиэк дьаһалтатыгар, кинини өйөөбүт «Чэбдиктэригэр» бэлэх биэртэлээтэ.

Иван ЧАГДИНСКАЙ

Читайте дальше