Сэргэх көрсүһүү буолла

Саха сиригэр «Бастыҥнар хамсааһыннара» «В гостях у ученого» диэн тэрээһин чэрчитинэн историческай наука кандидата, тыл уонна хотугу норуоттар култуураларын институтун фольклор кафедратын доцена Светлана Ивановна Петрова «Вестиментарная культура якутов: традиция, трансформация и адаптация» диэн көрсүһүүтэ буолла. Лекция оонньуу-боппуруос быһыытынан барда. Ону тэҥэ, маастардар үлэлэрин көрдөрөн оҕолор интэриэстээхтик, болҕойон олорон иһиттилэр. Оҕолор үйэлэри уҥуордаан кэлбит төрүт таҥаспыт уларыйыытын, таҥас кэтии култууратын билэн астынан тарҕастылар.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше