Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, клещкэ ытыттарыы былырыыҥҥытааҕар 11,4% элбээбит. Биһиги улууспутугар бу үөҥҥэ ытыттарыы 13 түбэлтэтэ тахсыбыт. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрэр.

Оттон улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Анатолий Назаров этэринэн, бу аҕыйах хонуктааҕыта клещкэ ытыттарбыт биир оҕону санрейсынан куоракка ыыппыттар. Лабораторнай чинчийии түмүгэ көрдөрөрүнэн, оҕону энцефалиттаах клещ ытырбыта биллибит.

Сир астыы, отуу да сылдьааччылар сэрэниҥ. Ордук төрөппүттэр кыра оҕолоргутун көрө-истэ, таҥастарын-саптарын, эттэрин бэрэбиэркэлии сылдьыаххытын наада. Тыаҕа тахсааччылар кэтэр таҥаскытыгар болҕомтоҕутун ууруҥ. Сырдык таҥаһы, уһун сиэхтээх ырбаахылары, аллараата эрэһиинэлээх ыстааны кэтэр ордук. Дьиэҕитигэр кэллэххитинэ, таҥаскытын-сапкытын, бэйэҕитин кичэйэн көрүнүҥ.

Яина ВЛАСЬЕВА

 

Читайте дальше