Сэлиэһинэй бурдугу олохтоохтор хамаҕатык атыылаһаллар

Сунтаарга дьон «Туймаада» маҕаһыыҥҥа сэлиэһинэй бурдук баар диэн кэпсэтэллэрин истэн, бүгүн анаан-минээн ол бурдугу атыылаһан кэллим.

Атыылааччы уол  прилавоктар быыстарынан хаама сылдьарбын көрөн: «сэлиэһинэй бурдук ылаары гынныҥ дуо?» диэн ханна турарын көрдөрөн биэрдэ уонна «бу бэйэбит олохтоох бурдукпут, өссө бу чэй баар, эмиэ маннааҕы» диэн киэн тутта кэпсээтэ. Атыылааччы рекламата күүстээх эбит, онон олохтоох чэйтэн эмиэ атыыластым. «Олохтоох бурдук, чэй маҕаһыыммытыгар киирдэҕинэ дьон хамаҕатык ылар», —  диэн атыыһыт уолум кэпсиир.

Бу Бүлүүчээн өҥ буордаах бааһынатыгар үүннэриллибит сэлиэһинэй бурдук. Маны тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр, чуолаан, олохтоох бэйэ бородууксуйатын дэлэтиигэ олохтоохтук ылсан үлэлии сылдьар Станислав Семенов  бэлэмнээн атыыга таһаарар. Станислав сири кытта үлэҕэ ылсыбыта хаһыс да сыла. Кини соҕотоҕун маннык дьыаланнан дьарыктанар үгүс ыарахаттардааҕын өйдөөн, доҕотторун кытары сүбэлэһэн кооператив тэриммиттэрэ. Маннык дьаһаммыттара түмүктээҕин бириэмэ көрдөрөн иһэр. Холобур, ити сэлиэһинэй бурдугу киһи сииригэр бэлэмнээн таһаарыы үгүс үлэттэн турара биллэр. Ону дириҥ толкуйдаах, инникини саныыр уолаттар бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэ диэтэхпинэ сыыһыллыбата буолуо. Бурдугу мэлийэр тэрили – суорунаны Станислав эрдэ булан хааччыммыта. Бастаан бэйэлэригэр диэн бурдук тардаллара, оттон билигин атыыга таһааран эрэллэрэ хайҕаллаах. Өссө ити чэйи эмиэ бэйэтэ оҥорор. Ол туһунан биһиги хаһыаппытыгар суруйан турардаахпыт.

Бурдугу таһынан эбиэс, хортуоска, араас оҕуруот аһын олордоллор. Кыһын улуус оскуолаларын, уһуйааннарын бэйэбитигэр үүннэриллибит иҥэмтэлээх оҕуруот аһынан хааччыйаллар.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше