Сөбүлүүр дьыаланы олоххо киллэрии

Дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай барыл чэрчитинэн, социальнай ханта­раак судаарыстыбаттан көрүллэр анал өйөбүл бырагыраа­ма, нэһилиэнньэ үгүс араҥатыгар төһүү күүс буолар. Бырагыраама Саха сиригэр 2010 сылтан үлэлиир. Бу сыллар тухары элбэх киһи социальнай хантараак түһэрсэн, бэйэ дьыаланы утумнаахтык тэринэн кэллэ. Хантараак көмөтүнэн киһи үөрэниэн, бэйэтин дьыалатын арыныан, кэтэх хаһаайыстыбатын сайыннарыан, үлэҕэ киириэн уонна ыарахан кэмигэр судаарыс­тыбаттан көмө ылыан сөп эбит.
Сунтаар улууһун Уһун Күөл нэһилиэгин олохтооҕо Лилия Попова 2022 с. улуустааҕы социальнай харалтаны кытары социальнай хантараак түһэрсэн, бэйэ дьыалатын тэринэн, күн бүгүн көтөр араас бииһин көрөр-харайар.
Лилия Валерьевна, үтүө күнүнэн! Бэйэҥ тускунан, билигин дьарыктанар дьыалаҕын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриэххэ.
Мин тыа хаһаайыстыбатыгар 20 сыл үлэлээбитим. Кэлин биэнсийэҕэ тахсыам иннигэр уонна тахсан баран уопсайа 6 сыл агрооскуолаҕа маастардыы сылдьыбытым. Кууруссаны, хаастары уруккуттан иитэр этибит. Маны таһынан өссө үүнээйинэн эмиэ дьарыктанабын. Эбэм, ийэм мэлдьи үүнээйи уонна көтөр иитэр этилэр, онон бу дьыалаҕа оҕо эрдэхпиттэн сыстаҕаспын.
Төрөппүт, эбэ, эһэ бэйэтин холобурунан оҕону үлэҕэ-хамнаска илдьэ сылдьан иитэрэ мантан көстөр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кинилэр үтүө холобурдарын утумнааҥҥын, сөбүлүүр дьарыктаннаҕыҥ. Социальнай хантараакка туох санааттан кыттыбыккыный?
2011 сылтан доруобуйабынан хааччахтанан бастакы группаҕа таһаарбыттара. Онно бастаан мунан-тэнэн баран, ис туругум сөбүлэспэккэ, дьиэтээҕи дьонум көмөлөрүнэн, өйүм хотор дьарыгын булан дьарыктанан барбытым. Улахан сүгэр, көтөҕөр ыарахан үлэ буолбатах, аа-дьуо хамсаныахха эрэ наада. Кэлин индюктары, онтон саҕалаан араас көтөрү инкубатордаан таһааран иитэр буолбуппут 7-8 сыла буолла. 2022 с. соцхантараак нөҥүө 240000 солкуобай суумалаах харчынан өйөбүлү ылан, саҥа, улахан инкубатор ылыммытым. Үчүгэйэ диэн 620 куурусса сымыытын эбэтэр индюк сымыытын 400, эбэтэр хаас сымыытын 270 устууканы биир олоххо таһаарар. Харчым ордугар көтөр тутарга анаан инвентарь, сетка ылбытым. Ол иннигэр бэйэм инкубатордарым номнуо эргэрэн, таһаарар хаачыстыбалара мөлтөөн, оросхуотум улаатан барбыта. Онон соцхантараак бириэмэтигэр олус туһалаах өйөбүл буолбута.
Дьэ, бу маны барытын хайдах дьаһанаҕыный?
Билигин инкубационнай сымыыты сакаастаан ылар табыгастаах буолан үчүгэй. Маныаха харчы эрэ баар буолуон наада. Бастаан тахсыбыт чоппуускалары бэйэбит иитэн испиппит. Онтон дьон олус наадыйарын көрөн, дьоҥҥо тарҕатан барбыппыт. Билигин куруук сакаастаан, таһаартаран ылар дьонноохпун. Сыл аайы эбиллэн иһэллэр. Дьиэ кэргэммэр, улууһум, нэһилиэгим дьонугар бэйэм хайдах сатыырбынан, билэрбинэн көмөлөһө, үллэстэ олорорум миэхэ стимул буолар. Онон бэйэбин дьоҥҥо наадалаахпын дэнэбин. Билигин индюктан ураты, кэҥэтэн арааһы бары таһаарабын. Үксүн эт буолар бройлернай көрүҥнэргэ охтобун. Бройлернай кустары, кууруссалары, хаастары таһааран иитэбин уонна атыылыыбын. Көрүүтүгэр наадыйар дьоҥҥо, бэйэм төһөнү билбиппинэн сүбэ-ама биэрэбин. Ороскуоппун саптарга эбэһээт ордугу таһааран атыылыыбын. Маннык дьаһанан эрэ эбилик харчыланабын. Уотум харчыта, сымыытым уонна саамай сыаналааҕым көтөрдөрүм астара буолар.
Сымыыты уонна көтөрдөр астарын хантан ылаҕыный?
Сымыыттарбын Саха сиригэр баар көтөр иитээччилэрдиин кыттыгас араас омук сириттэн уонна Арассыыйа иһинээҕи птицепромнартан сакаастаан ылабын. Оттон сүрүн астарын Аллараа Бэстээхтэн кыһын «Сахафермердарга» сакаастаан хааччынабын. Куоракка баар «Тимин» лааппыттан бастакы хонуктарыттан сиир астарын ылан, таксиларынан аҕалтарабын. Биһиэхэ ити кыалла илик курдук. Ол эрээри Тойбохой нэһилиэгэр комбикорм оҥорор тэрилтэ баарын улуус дьоно бары истэрбит буолуо. Олортон комбикорм ылан боруобалыы иликпин да буоллар, килийиэннэрим сөбүлээбиттэр этэ. Аҕыйах сыллааҕыта дьон соччо билбэт эбит буоллаҕына, билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көтөр арааһын ииттэн эбии дохуоттанар, бэйэ аһынан хааччынар баҕалаах дьон олус кэҥээтибит.
Сымыыттары инкубаторга төһө өр буола-буола, ханнык бириэмэҕэ таһаараҕытый?
Саас олунньуттан ыам ыйыгар диэри саҕалыыбын. Сааскы чоппуускалар атырдьах ыйтан алтынньыга диэри идэһэ эт буолаллар. Ити индюктар, хаастар. Оттон бройлер куурусса чоппуускаларын 42-60 хонугар диэри тутан баран эмиэ туттабыт. Сөптөөх ыйааһыннарын сөпкө аһаттахха ылаллар. Бройлер кустар 55-60 хонугар тиэрдэҕин. Ити ыйыллыбыт хонуктарын аһарар барыыһа суох. Улаатан бүтэллэр.
Кыһын өттүгэр көтөрдөрү ханна тутаҕытый?
Кыһын сымыыттыыр кууруссалары, хаастары, перепелкалары эрэ хаалларабын. Эт буолааччылары эрдэ дьаһайабыт, кинилэри кыстата турбаппыт. Ынахтары кытары хотоҥҥо тураллар. Быйыл хааспын кыстатар сирим суох буолан, тохтоттум. Кэлии сакаас сымыыт сыаналаах. Үчүгэй дьиэ-хаһаа туттарарым буоллар, саатар сымыыттанньаҥ кууруссалары родстадо оҥостон, кыстатан бэйэм сымыыппын баттатыам эбитэ буолуо диэн баҕа санаалаахпын. Билигин олус күүскэ кэҥэтэ сатаабакка, бэйэбитигэр сөп ноҕоруусканы көрөн, көтөрдөрү тутабыт. Ол да ас буолар, оросхуот сабынар харчы киирэр. Аны туран, итинтэн элбэттэххэ биһиги курдук кэтэх ыалга кыаллыбат.
Бу курдук, күүстээх санааҕынан нэһилиэк, улуус олохтоохторугар сүбэ-ама, өйөбүл буола сылдьарыҥ олус кэрэхсэнэр. Сибэкки арааһын босхо түҥэтэр диэн тус бэйэбэр нэһилиэгиҥ дьоно биһирии, махтана эппиттэрэ. Көтөрдөрү таһынан өссө үүнээйи арааһын олордор үгэстээх эбиккин.
Бэйэм саамай сөбүлүүр дьарыгым, дууһабын үөрдэрим үүнээйилэрим буоллаҕа. Ол эрэн көтөрдөрү эмиэ тэҥинэн сөбүлүүбүн… Онон үлэлии сылдьар курдук санаммаппын даҕаны. Үгүс дьон барытын хаһан ситиһэҕин дииллэр эрээри, бириэмэни сөпкө аттаран, судургутук көрөттөөтөххө, улахан үлэ дии санаабаппын.
Лилия Валерьевна кэпсэтииҥ иһин барҕа махтал. Өссө да таһаарыылаахтык, бэйэ сөбүлүүр дьарыккын ситэрэн-хоторон ыччаттаргар холобур буола тур диэн баҕа санаа бастыҥын аныыбын.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше