Олунньу 13 күнүттэн биһиги улууспутугар СӨ Бырабыыталыстыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин нэһилиэнньэ иннигэр отчуотун саҕалаата. Ситэриилээх былаас отчуотун бөлөҕүн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов салайан кэллэ. 9 киһилээх дэлэгээссийэ 4 күн үс бөлөҕүнэн арахсан үлэлиэҕэ.
Олунньу 13 күнүгэр бырабыыталыстыба чилиэннэрэ 8 нэһилиэккэ сылдьан, отчуоту туруордулар, олохтоохтор санааларын-оноолорун иһиттилэр. СӨ Бырабыыталыстыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин-хамнаһын дьон биһириибит диэн сыаналаатылар. Үгүс үлэ араас бырагырааманан, бырайыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ ыытылла туралларын хаһыаттан, куйаар ситимиттэн ааҕан билэ-истэ олоробут, тэлэбииһэринэн күннэтэ көрдөрөллөрүн хайгыы көрөбүт дииллэр. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр да, улууспутугар араас тутуулар олоххо киирдилэр, үөрэх, доруобуйа эйгэлэригэр саҥардыы хамсааһыннар биллэ элбээтилэр, чуолаан дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээн олоххо киирэр национальнай бырайыактарынан үлэ элбэхтик ыытылынна диэн бэлиэтээн этэллэр.
Георгий Михайлович салайар бастакы бөлөҕөр үөрэх министиэристибэтин ресурсанан хааччыйыы киинин дириэктэрин солбуйааччы Василий Трифонов, “СӨ массыына суолун управлениетын” отделын начаалынньыга Александр Шипошин бааллар. Ону сэргэ Ил Түмэн дьокутаата Андрей Николаев быыбардааччыларын көрсө, дьокутаат үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэ сылдьар.
Отчуоту туруорар бастакы бөлөх үлэтин Устье нэһилиэгиттэн саҕалаата. Мунньахха кэлбиттэр бүгүҥҥү отчуот кэмигэр үгүс ыйытыы биэрдилэр. Туруорсуу да оруннаах буолла. Холобур, Устье олохтоохторо нэһилиэккэ МФЦ тутуута хаһан саҕаланыай? диэн ыйыталлар. Өрөспүүбүлүкэҕэ өрүстэри туоруур муосталары тутууну эмиэ туоһуластылар. Муоста тутуутун туһунан эппиэттииригэр бөлөх салайааччыта: «Муосталары тутууга дойдубут бэрэсидьиэнэ В.Путин сүрүн болҕомтотун уурар. Чуолаан, биһиги өрөспүүбүлүкэбигэр тутуллуохтаах муосталар федеральнай суолталаахтар. Онон биир-икки сылынан бу баараҕай тутуулар баар буолбаттара биллэр. Тутуу уочарат быһыытынан тутулларын ситиһиэхтээхпит», — диэтэ.
Уот кыамтатын күүһүрдүүнү, «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагыраамаҕа, үөрэҕирии эйгэтигэ, о.д.а. туруорустулар.
Хороҕо отчуоту туруорар бөлөх салайааччыта Георгий Степанов бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн — Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн олохтоохтору эҕэрдэлээн туран, хоһоон ааҕан отчуоту саҕалаата. Отчуоту истэ, дьүүллэһэ элбэх киһи кэлбит.
Xоротооҕу «Харысхал»култуура киинин дириэктэрэ Вера Иванова ППМИ чэрчитинэн нэһилиэккэ барыахтаах үлэ туһунан кэпсээн туран, бэйэтин ыйытыытын биэрдэ. Олохтоохтор төрөөбүт тылы сайыннарыыга санааларын этиннилэр, уокка, күннээҕи туттар табаарга сыана үрдүгэ салынарарын эмиэ тумнубатылар. Дьон бэйэ дьыалатын арынан үлэлээн дохуот киллэринэргэ хоролор социальнай хантараак түһэрсэн үлэлээн эрэллэрин иһитиннэрдилэр.
Элгээйи «Оһуор» култуура киинигэр өрөспүүбүлүкэбитигэр ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэ отчуотун истэ дьон хото кэлбит. Сүрүн дакылаатчыт СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов үлэни салаа-салаанан арааран кэпсээбитин дьон сэргии иһиттэ.
Элгээйигэ бу сылга балыыһа тутуута барыахтаах. Бу тутуу дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Манна даҕатан эттэххэ, бу бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай киин тутуллан үлэҕэ киирдэ.
«Сайылык суолун оҥоруутугар үп-харчы көмө бырабыыталыстыбаттан баар буолуо дуо?» диэн бэтэринээринэй үлэһит Раиса Иванова ыйытар. Манна оттуур ходуһалаах дьон эрэйдэнэллэрин, бу сайылыкка сайылыыр хаһаайыстыбалаахтар ыарахаттары көрсөллөрүн этэр. Ону таһынан Раиса Николаевна ветүлэһит, чуолаан техник-осеменатор хамнаһа үрдүө дуо? диэн ыйытта. Манна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыга Владимир Анисимов хоруй биэрдэ. Ол курдук, сайылык суолун оҥорууга бастаан докумуоннаах ирдэнэр, оттон техник-осеменатор хамнаһа инникитин үрдүүрүгэр үлэ барарын иһитиннэрдэ. Манна эбэн эттэххэ, бу үлэһиттэр бэтэринэриийэ департаменыгар киирэллэр эбит. Элгээйилэр оҕо саадын тутуутун туруорсаллар. Ону сэргэ Б.Н.Андреев аатынан түмэл таас дьиэлэниэн наада. Түмэл тутуута хаһан барыай? диэн олохтоохтор ыйыталлар.»Уһуйаан тутуутун өссө төгүл боротокуолга киллэрэбит. Инвестбырагыраамаҕа киллэриигэ үлэ барар» диэн хоруй ыллылар. Оттон түмэли үөрэҕирии министиэристибэтиттэн таһааран, култуура салаатыгар биэрэн, тутууну национальнай бырайыак нөҥүө ыытыахха сөп диэн буолла.
Олохтоохтору быраас, учуутал идэлээх үлэһит тиийбэтэ дьиксиннэрэр. Манна үлэ күүскэ барыан наада дииллэр. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ манна бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
— Бу боппуруос өрөспүүбүүлүкэбитигэр сытыытык турар, ол эрэн үлэ барар. Ол курдук, тыа сиригэр анал үөрэхтээх исписэлиистэри олохсутан үлэлэтэргэ биһиги өттүбүтүттэн элбэх дьаһал тахсар. Урут тыа сирин сайдыыта диэн буолла да тыа хаһаайыстыбатын саныы, өйдүү биэрэрбит. Ол билигин оннук буолбатах. Социальнай өттүн эмиэ көрүөхтээхпит. Тыа сирин сайыннарыыга, ыччаты олохсутууга элбэх дьаһаллар ылыллаллар. Холобур, доруобуйа, үөрэх эйгэтин, бырааһынан, учууталынан хааччыллыыга өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Саха сирэ сайдыытын туһунан стратегическай дьаһалларыгар илии баттаабыта. Бу дьаһаллары олоххо киллэрэр биһиги сүрүн сорукпут буолар. Оттон улуустарга исписэлиистэр кэлэн олохсуйууларыгар аҕҥардас материальнай дьаһал ылыныы тутах дии саныыбын. Манна эһиги, улуус, нэһилиэк баһылыктара, олохтоохтор эмиэ үлэлэһиэххитин наада. Ол курдук, кэлии исписэлиистэри нэһилиэнньэни кытары ыкса билсэллэригэр кыах биэрэн, араас тэрээһиннэри эмиэ ыытыахха сөп. Кистэл буолбатах, билигин тыа да сиригэр тастыы олорор ыалбытын кытары кэпсэтэрбит кэмчи, аттыбытыгар олорооччуну билбэт түгэммит эмиэ баар. Ынах маҥыраһан, киһи кэпсэтэн диэн олус муударай этии баар. Маны биһиги өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар. Онон бэйэ бэйэни кытта ыкса алтыһар олус көдьүүстээх буоларын саарбахтаабаппын.
Дьэ бу курдук, этэргэ дылы аах тэпсэн олорон истиҥ сэһэргэһиинэн, кэпсэтиинэн, санаа атастаһыытынан бастакы бөлөх бүгүҥҥү үлэтин түмүктээтэ.
СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин салайааччылаах иккис бөлөх Аллыҥа, Тойбохой, Кириэстээх нэһилиэктэригэр үлэлээтэ. Бырабыыталыстыба 2023 с. үлэтин отчуоттуур иккис бөлөххө бааллар:
СӨ олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын министиэристибэтин олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа Департаменын салайааччыта Айсен Кирсанов, СӨ экономикатын министиэристибэтин госкапвложениеларын уонна федеральнай бырагыраамалары кытта үлэ департаменын салайааччыта Егор Макаров, Ил Түмэн дьокутаата Афанасий Постников, Сунтаар улууһун баһылыгын солбуйааччы Николай Александров, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова уонна тэрилтэ салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ.
Аллыҥаҕа отчуоттуур бөлөх олохтоохтору долгутар боппуруостарга: киин ититии, уот кыамтата кырата, уһуйааҥҥа оҕо аһылыгын хааччыйыы үбүлээһинэ кырата, биэлсэр суоҕа, Тойбохой врачебнай амбулаториятын тутуу, улууска медицина оборудованиетын үлэлэтии, каадыры элбэтэргэ анал бырагыраамалар, о.д.а. туһунан ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Аллыҥа орто оскуолатын дириэктэрэ Кирилл Марков эдэр исписэлиистэргэ «подъемнай выплаталара» төлөммөккө хаалыытын, эдэр учууталлар орто хамнастара МРОТ-ка хапсыбатын чопчулуур ыйытыылары биэрдэ, каадыр тиийбэт кыһалҕатын таарыйда.
Тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах киирбит ыйытыыларга улуустааҕы т/х управлениетын салайааччытын солбуйааччы Григорий Готовцев хоруйдаата:
— Ынах сүөһү төбөтүгэр көрүллэр субсидия курдук сылгыны тутар чааһынай дьоҥҥо биэ төбөтүгэр харчы көрүллүө дуо?» Хоруйа: «2018 сылтан ынах сүөһү ахсаана аччаан барбытыгар көрүллэр буолбут субсидия билиҥҥитэ 39 тыһ.солк.тахсан турар. Ынах сүөһү ахсаана кыччааһына тохтоото диэххэ сөп. Сылгыны иитээһиҥҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит билиҥҥитэ инники күөҥҥэ сылдьар. Кэпэрэтииптэргэ, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга эрэ сылгы төбөтүгэр 5 т. солк.көрүллэр
«Мелиорация үлэтин ыытарга, эргэ хоруулары чөлүгэр түһэрэргэ үлэ барыа дуо?»
«Анаалыстааһын үлэтэ барар, каналбыт аҕыйаата, мелиоративнай тэрилтэ Ньурбаҕа кииннэнэн үлэлиир, сезон кылгас, биһиэхэ баттаһан кэлбэттэр, онон штат боппуруоһун туруорсабыт»
Салгыы отчуоттуур иккис бөлөх Тойбохойго үлэлээтэ. Сүрүн дакылааты СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин оҥордо. Дакылаат кэннэ олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Ол курдук, Тойбохой олохтооҕо Елизавета дьиэ кэргэнинэн былырыыҥҥыттан үлэлэтэр сынньалаҥ кииннэрин (сылгы базата) кэҥэтиэхтэрин, улаатыннарыахтарын баҕаралларын кэпсиир, агротуризмҥа туох граннар баалларын сураста. «Ньургуһун» оҕо сайдар киинин сэбиэдиссэйэ Октябрина Ксенофонтова уһуйаан дьиэтэ эргэрбитин, саҥа детсад тутуллар уочарата өрөспүүбүлүкэҕэ 69-с эрэ сылдьарын, 80-тан тахса оҕолоох икки дьиэнэн үлэлии олороллоро уустуктардааҕын эттэ.
Ил Түмэн дьокутаата Афанасий Постников Тойбохой олохтооҕо исписэлиистэр дьиэлэнэллэригэр көрүллэр көмөлөр тустарынан ыйытыытыгар хоруйдаата.
Нэһилиэнньэ отчуоттуур бөлөххө үгүс ыйытыыны, мунаарар боппуруоһун биэрдэ. Олортон сүрүннээн холобурдуур буоллахха:
-Балыыһа эргэрэн 10-ча сылы быһа саҥа балыыһа тутуутун туруорсалларын эттилэр. Тойбохой балыыһатыгар сыһыарыллыбыт хас даҕаны нэһилиэк баарын бэлиэтээн эттилэр.
— Сунтаар улууһун дивиденин боппуруоһа ханна тиийбитин сурастылар.
— Иһэр, туттар уу кыһалҕата, скважинаны хаһыы боппуруоһун сөргүтэри эттилэр.
С.Г. Кривошапкин аатынан оҕону иитэр киин саҥа таас дьиэ тутуллар боппуруоһун чопчуластылар.
Федеральнай суол нэһилиэги ортотунан ааһарын, ОДьКХ ититэр ситимин суолу туоратарга уустуктар баалларын ыйдылар, о.д.а.
Отчуоттуур бөлөх кыттыылаахтара киирбит ыйытыыларга хоруйдаатылар, сорох боппуруоһу ситэри үөрэтэргэ бэлиэтэннилэр.
Кириэстээх нэһилиэгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 с. үлэтин отчуотун истэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Дойду Өрөгөй ырыатын кэннэ СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин сүрүн дакылааты оҥордо. Ол кэннэ олохтоохтор ыйытыыларын биэрдилэр.
Тыа хаһаайыстыбатыгар бастыҥнар кэккэлэригэр киирэр көрдөрүүлээх Кириэстээх нэһилиэгин олохтоохторо тыа хаһаайыстыбатыгар туһаайан үгүс ыйытыыны биэрдилэр. Ордук өртөөһүн тиэмэтэ көтөҕүлүннэ.
«Өртөөһүн үлэтэ көҥүллэниэ дуо?» диэн ыйытыкка т/х управлениетын хоруйа маннык буолла: «Көҥүллэнэр кэмнэрдээх, таһа ыраастаммыт эҥин буолара ирдэбиллээх. Бу боппуруоска салгыы үлэлэһии ГАУ «Лесресурс» профилактическай үлэтин кытта ситимнээхтик барыан сөп». Салгыы: «Сорох регионнарга ыты «усыпи» гынары көҥүллээтилэр, ити биһиэхэ кыаллыа дуо?» — диэн үгүс дьон долгуйар боппуруоһун биэрдилэр. Манна Ил Түмэн дьокутаата Афанасий Постников: «Үлэ бара турар. Бурятия бу сокуону бастаан ылынарыгар Ил Түмэн өттүттэн сөбүлэҥ Госдуумаҕа барбыта. Кэлин Чукотка эмиэ ыты утутарга диэни ылынна. Биһиэхэ итиннэ сөбүлэһэр дьокутаат элбэх. Инникитин быһаарыллыан сөп боппуруос» — диэн эппиэттээтэ.
Үһүс бөлөҕү СӨ үбүн миниистирин бастакы солбуйааччыта Иван Алексеев, Сунтаар улууһун баһылыгын экономикаҕа уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Борис Васильев салайан илдьэ сылдьаллар. Бүгүн кинилэр үлэлэрин Туойдаах нэһилиэгиттэн саҕалаатылар. Олохтоохтор кулууп дьиэни толору мустан СӨ Бырабыыталыстыбатын ааспыт сылга ыыппыт үлэтин-хамнаһын отчуотун сэҥээрэн иһиттилэр. Саамай долгутар боппуруостарынан бензин сыаната үрдээһинэ, бэйдиэ сылдьар ыттар, мелиорация, суол, оскуола-саад тутуута буолла. Туойдаахтар отчуоттан астыммыттарын уонна үтүө баҕа санааларын эттилэр.
Хадан. Үгэс быһыытынан, отчуот Өрөгөй ырыанан саҕаланна. Сүрүн дакылааты үп миниистирин бастакы солбуйааччы Иван Алексеев иһитиннэрдэ. Саас, күһүн суол хаалыытыгар күчүмэҕэйдэрдээх, онон сиэттэрэн нэһилиэкпитигэр баһаарынай чаас (МПЧ) аһыллара буоллар диэн олохтоох Борис Дмитриевич ыйыталаста. Боротокуолга киллэрэн үлэлэһиэхпит диэн бэлиэтэнниллэр. Олохтоохтортон сүрүннээн маннык ыйытыктар киирдилэр: сыана үрдээһинэ, нэһилиэнньэҕэ киин ититиини киллэрии, миграннары хонтуруоллааһын, экология о.д.а. Бэриллибит ыйытыктарга чопчу хоруйдар бэрилиннилэр. Түмүккэ Хадан нэһилиэгин олохтоохторо бырабыыталыстыба кэлэн нэһилиэнньэни кытта көрсөн отчуоттаан баралларын сэргииллэрин этэн туран, үлэни биһирииллэрин биллэрдилэр.
Яина ВЛАСЬЕВА, Марфа ИВАНОВА, Алена ИВАНОВА