Быйыл Г.И. Павлов тэрийбит Элгээйи-Дьокуускай маршрутунан сатыы хаамыы 35, Үлэ Дьоруойа П.Х. Староватов төрөөбүтэ – 150, дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылларынан, Элгээйи орто оскуолатын оҕолоро балаҕан ыйын 12 күнүгэр, Элгээйи – Маар Күөл – Уһун Күөл – Тойбохой – Кириэстээх – Соколинай Коса маршртунан сатыы айаҥҥа туруммуттара. Айанньыттар этэҥҥэ былаан быһыытынан болдьоммут үс күн иһигэр маршруттарын толору хааман, дойдуларыгар сыалларын-соруктарын ситэн тиийбиттэрэ. Сатыы айан кыттыылаахтарыттан бу сырыыларын туһунан санааларын истиэҕиҥ.
Владимир Иванов, Элгээйи орто оскуолатын физкультураҕа учуутала.
– Дьокуускайга диэри сатыы хаамыы 35 үбүлүөйдээх сылыгар уонна Үлэ Дьоруойа П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сылынан быйыл күһүн Элгээйи оскуолатын оҕолорун илдьэ сатыы хаамыы оҥордубут. Маршруппут: Элгээйи -Маар Күөл – Уһун Күөл – Тойбохой – Кириэстээх – Үрүҥ Хайа. Мантан өрүс уҥуортан сарсыарда 9 аҥаартан туруммуппут. Уопсайа 15 буоламмыт. 8 оҕо 7 улахан киһи. Маар Күөлгэ киэһэ оруобуна 8 чааска тиийбиппит. Суолбут быһа түһүүнэн 30 (29 км 800 м) км этэ. Хаамарга суолбут дулҕалаах, умайбыт сирдэрдээх, охтубут мас үрдүнэн-аннынан хаамааһыннаах. Бастаан барарбытыгар ардах түспүт буолан инчэҕэй этэ. Онтон халлааммыт көнөн, үөнэ-көйүүрэ эҥин суох буолан, хаама сылдьыахха оһуобай буолбута. Маар Күөл оскуолатыгар тиийэн сынньанан, аһаан баран сарсыарда иккис күммүтүгэр Уһун Күөлгэ уонна Тойбохойго хаампыппыт. Уһун Күөлгэ эбиэккэ тиийбиппит. Чэйдээн, сынньана түһэн, Леонид Попов аатынан түмэли көрөн баран салгыы 2 аҥаарга Тойбохойго туруммуппут. Онно 6 чааска тиийбиппит. Манна хаамарбытыгар ардах бөҕө түһэн суолбут бадараан буолбута. Ол эрээри айаны тохтоппокко, Тойбохойго этэҥҥэ тиийбиппит. Тиийбит сирбит аайы оскуолалар олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Тойбохойго оҕолор тиийэн сынньанан, волейбол эҥин оонньообуттара. Сарсыныгар Кириэстээххэ баран иһэн Арассыыйа Дьоруойа Владимир Африканович сайылыгар ыалдьыттаабыппыт. Салгыы Кириэстээххэ тиийэн сынньанаат, Соколинайга барбыппыт. Айылҕа биир кэрэ-бэлиэ миэстэтигэр тиийэн айаны түмүктээбиппит. Ити курдук этэҥҥэ сылдьан кэллибит, оҕолор астыннылар, олус үчүгэй сырыы буолла.
Аэлита Никанорова, 10 А кылаас үөрэнээччитэ
– Мин сатыы айаҥҥа бэйэбин тургутан көрөөрү барсыбытым. Ордук ойуурунан хаамары сөбүлээтим. Тоҕо диэтэххэ, айылҕа кэрэ көстүүтүн көрөр-көрө хаамар олус үчүгэй. Сыалбын барытын ситистим дии саныыбын. Айаны барытын тулуйан, бүтэһигэр диэри сатыы хааман тиийдим. Онон бэйэбинэн киэн туттабын.
Вадим Иванов 11 А кылаас үөрэнээччитэ:
– Мин бу Элгээйиттэн Кириэстээххэ диэри хаамыыга кыттынным. Бастакы күммүтүгэр Элгээйиттэн Маар Күөлгэ диэри тиийбиппит, 30 км уһуннаах суолу хааман. Онтон иккис күммүтүгэр Маар Күөлтэн Тойбохойго диэри барбыппыт. Ол барарбытыгар дириэктэрбит Софья Васильевна хаамсыбыта. Уһун Күөлгэ уонна Тойбохойго музейдарга сылдьыбыппыт. Манна сылдьан элбэҕи биллим-көрдүм. Айылҕаҕа хаамар олус үчүгэй эбит. Аҕам саастаах дьоммутуттан сиэри-туому тутуһа сылдьарга үөрэнним.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат.