Сарсын, ахсынньы 11 күнүттэн Сунтаар иһигэр икки автобус 2 маршрутунан сүүрэн үлэтин саҕалыа.
Бу туһунан Сунтаардааҕы «АТП» МАУ механига Айсен Иванов:
— Хомустаах-Баҕалаах, Химия-Партизан маршруттарынан икки автобус сылдьыа. Автобустар маршруттарын дьоҥҥо ордук табыгастаах буолалларын курдук оҥоро сатаатыбыт. Урут маннык маршрутунан сылдьа иликтэр этэ. Төһө кыалларынан бириэмэтин эмиэ табыгастаахтык аттара сатаатыбыт. Холоон, үөрэтэн көрүү курдук сырыы ахсынньы 11 күнүттэн саҕаланыа.
Автобус билиэтин сыаната улахан дьоҥҥо 50 солк., оҕолорго 25 солк. Төлөбүр билиҥҥитэ тута харчынан буоларынан, онон төһө кыалларынан, пассажирдар, бука диэн, ордуга суох сууманан төлөһөргө бэлэм буоларгытын санаталлар. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро проездной картанан босхо сылдьыахтара.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.