Саргылана Омукова: Таптал биһигэ — дьиэ кэргэн

Саргылана Омукова Сунтаар оһуохайдьыттарын түмсүүтүн салайааччыта. Саха сирин үтүөлээх оһуокайдьыта, Сунтаар улууһун Далбар оһуокайдьыта, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна.

Саргылана Дмитриевна  улуус култууратын уонна айылгытын управлениетын салайааччыта. Үгүс түбүктээх, элбэх сыраны-сылбаны, толкуйу уурар улуус биир улахан тэрилтэтин салайарын таһынан, кини олус истиҥ хоһооннору айар. Кини хас да хоһооно ырыа буолан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. Бэйэтэ эмиэ кэргэнэ Николай Омуковтыын олус да бэркэ ыллыыллар.

«Таптал биһиги – дьиэ кэргэн» диэн хоһоонугар Анна Тотонова матыып суруйан, ырыа гынан көтүппүттэрэ. Бу ырыалара 2022 сыллаахха улууспутугар биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар анаан Өрөгөй ырыата буолбута.

Таптал биһигэ – дьиэ кэргэн

Истиҥ сыһыаны  үөскэтэн,

Итии тапталы күөрэтэн,

Бэйэ-бэйэни харыстаан,

Үтүө тыллары хатылыах.

Таптал биһигэ – дьиэ кэргэн,

Дьол туоната – дьиэ кэргэн,

Оҕо мичээрэ – дьиэ кэргэн,

Дойду эрэлэ – дьиэ кэргэн.

Төрүппүтүн ууһатан,

Төлкөбүтүн төрүттээн,

Сайдыы суолун тутуһан,

Саха сиэрин умнумуох.

Дьол туһугар дьулуһан,

Мэһэйдэри туоруохпут,

Эйэлээхтик олорон,

Кэскилбитин түстүөхпүт.

Читайте дальше