«Сардаана» уһуйаан ийэлэрин сатабыла

«Сардаана» уһуйаан күн курдук сырдык, күн курдук сылаас күндү ийэлэригэр «Талба талаан түhүлгэтэ» -диэн араас маастар-кылаастары тэрийдилэр.
Бастаан утаа оҕолор уонна иитээччилэр истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.  Онтон талба талааннаах ийэлэр маастар-кылаас кыттыылаахтарыгар Светлана Фёдорова «Уходовая косметика», Тамара Спиридонова хомуска үөрэттэ, Рена Горохова «Нейрографика» туһунан кэпсээтэ. Оҕолор эмиэ ийэлэрин сатабылларыгар үөрэннилэр. Ол
курдук, Пелагея Прокопьева оҕолору капкейк астыырга үөрэттэ.

Уhуйаан үлэһиттэрэ «Продуктовая корзина» диэн аахсыйаҕа кыттан анал байыанай дьайыыга сылдьар төрөппүттэрдээх дьиэ кэргэттэргэ сэмэй кылааттарын бэлэх ууннуллар.

Светлана ФЕДОРОВА

Читайте дальше