«САРДААНА» УҺУЙААН ДОРУОБУЙАЛАРЫНАН ХААЧЧАХТААХ ОҔОЛОРУ САЙЫННАРАР

Сунтаар улууһугар 34 уһуйаан үлэлиир. Бу уһуйааннартан Сунтаар нэһилиэгэр баар «Сардаана» доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору сайыннарыыга улахан олук буолар. Уһуйаан 60 сылын ахсынньыга бэлиэтээбитэ.

«Сардаана» уһуйаан 86 иитиллээччилэрдээх. Оҕолору бары эйгэнэн сайыннарарга араас үлэни ыытар. Биир сүрүн тутула доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору көрөр-истэр уонна сайыннарар. Бу маннык хайысханан үлэлиир улууска соҕотох уһуйаан буолар. Лекотека бөлөҕөр логопед, психолог, дифектолог анал хосторо үлэлииллэр. Манна улуус дьаһалтата 300 тыһ солк. көмө оҥорон улахан төһүү буолла. 17 доруобуйаларынан хааччахтаах оҕо баарыттан үһэ истибэт уонна саҥарбат. Онуоха сурдолог баара буоллар диэн ыраларын этинэллэр. Уһуйаан иитээччилэрэ сытар ыарыһах оҕолорго дьиэлэригэр кытта баран көмө буолаллар.

 

 

 

 

 

 

 

 

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА