Икки атахтаах, икки илиилээх толору, бүтүн чэгиэн дьон: «Маны кыайбаппыт, ону сатаабаппыт», — диэн ытаннахтарына абарабын аҕай… Оннооҕор буолуох олох ыарахан охсууларыттан илиилэрин-атахтарын сүтэрбит дьон барыны бары кыайаллар, үгүс ɵттүгэр биһигиннээҕэр ордук да курдуктар…
Григорий Фокинов 2011 сыллаахха УАЗ тимир кɵлɵтүнэн аҕа кылынынаан булка айаннаан иһэн саахалланан, олоҕор улахан охсууну көрсүбүтэ. Ол күн кинини үɵһэттэн салгыы олорор дьылҕата — үгээрдээн охтубут киһини уһугуннарбыта. Уһуктан кэлэн чугас киһитин хайдах да быыһыыр кыаҕа суоҕун ɵйдɵɵн, аам-даам тымныыга 20 км бөһүɵлэккэ «айака» ыарыылаах сатыы айан тутан балыксыттары кɵрсɵн быыһаммыта. Кɵмɵ буолааччылар балыыһаҕа илдьэн түргэнник куораттаппыттара. Онно тиийбитигэр бастакы кɵмɵ сыыһа оҥоһуллан, эмсэҕэлиир ɵрүтэ элбэх диэн иһитиннэрбиттэрэ. «Илиигин хайдах да быыһаабаппыт, атаххар туруора сатыахпыт» диэбиттэрэ да, ол да быыһамматаҕа. Бу ыар түгэнтэн Григорий ыһыкта да сыспыт кэмнэрэ бааллара, ол онно аһыы утах да таһааччылар кɵстүбүттэрэ диэн абатыйа ол кэми саныыр. Ытаабытым-ыллаабытым да иһин хайдах да ааспыты тɵнүннэрбэппин ɵйдүүрүм да ыарыыта, аһыыта сүрэ бэрт этэ диэн санаатын үллэстэр. Онуоха аттыгар эрэлэ, тыыла кэргэнэ Татьяна Аркадьевна баар буолан тыыннаахпын диэн олус күндүтүк саныы билинэр. Григорий бу түгэҥҥэ «дьонноох буолан өрүттүбүтүм, ыһыктыа суохтаахпын диэн бигэ тыл ылыммытым» диэн кэргэнигэр Татьянаҕа, оҕолоругар, чугас дьонугар махтанар.
«Ол сыл «Беларусь» тыраахтар ылыныам диэн куораттаабытым, бииргэ тɵрɵɵбүт убайым Александр сүбэтинэн тыраахтары буолбакка, погрузчик ылынан сɵпкɵ тайаммыт эбит этим», — диир.
Онтон бэттэх хас эмэ сыл ааста. Фокиновтар тэлгэһэлэригэр өлгөм үүнүүлээхтэр, кустаахтар, козалаахтар, ону кытта хас да булчут ыттаахтар. Хаһаайын булчут бастыҥа, сайын ɵттүгэр дьиэ аттыгар буоллаҕына, кыһынын кини ойуур киһитэ. Гриша сайына погрузчик тыраахтар үрдүгэр… Сунтаардар буорбутун тэҥнэтээри гынныбыт да: «Фокиҥҥа эрийиэххэ!», — дэһэбит. Бу иннинэ кини Ис дьыала уорганыгар уонна экологияҕа үлэлээбитэ. «Экологияларбын кытта билигин да билсэбин» диир.
Аҕыйах сыллааҕыта тыа сирин сырдатар блогер эр киһи кэлэ сылдьан кинини сырдатан барбыта. Ол киһи «бэйэҥ курдуктарга сүбэ-соргу буолар блогта аһын» диэн сүбэтин истэн, тыһыынчанан киһилээх «Фокин Сунтарский» диэн ютуб ханааллаах. «Хата, киирэн кɵрɵɵрүҥ, кэлин үлэ үɵһүгэр буолан отой устубакка сылдьабын» диэн билинэр. Арай «устар киһи баара буоллар» диирин, «сиэннэргин үɵрэт» диэн сүбэлиибин.
Григорий туохтан да толлон турбат, бэл диэтэр, сиэнин Аринаны бэйэтинэн күн сиригэр кɵрдɵрбүт түгэннээҕин истэн соһуйбуттааҕым. Дьиэ кэргэнинэн тыаҕа хонуктаах сир астыы барбыттара. Ол онно кыыһа Саргы тɵрɵɵрү талыыта киирбитигэр ыксаан, тимир кɵлɵнɵн киирэн иһэн суол ортотугар кыыһы быыһаабыттара, кырачаан Арина күн сирин кɵрɵн үɵрдүбүтэ.
Олох ханнык да түгэнигэр санааны түһэриэ суохха диирэ оруннаах. Бу кэпсэтэ олордохпутуна Мичуринаҕа буор тэҥнээһигэр сакаас киирдэ. Уол оҕото онно турунна…
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА