Бүгүн, бэс ыйын 11 күнүгэр, улуус баһылыга Анатолий Григорьев нэһилиэк баһылыктарын кытары сүбэ мунньаҕар саҥа анаммыт салайааччылары билиһиннэрдэ. Ол курдук, улуустааҕы успуорт отделын салайааччытынан Дьулус Егоров ананан үлэтин саҕалаата. Дьулус Николаевич ааспыт өттүгэр баһылык көмөлөһөөччүтүнэн, ол кэннэ Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай оскуолаҕа таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Дьулус Николаевич успуорду, чөл олоҕу пропагандалааччы, бэйэтэ спортсмен киһи.
Оттон улуустааҕы архыып сулууспатыгар салайааччынан эмиэ бэйэбит олохтоох уолбут Тит Намылов ананна. Кини Кириэстээхтэн төрүттээх. Оскуола кэнниттэн ХИФУ историческай институтугар киирэн 2021 с. ситиһиилээхтик бүтэрбит. Иккис үөрэҕэ – филолог. Үөрэҕин кэнниттэн историк быһыытынан археологическай раскопкаҕа үлэлээбит. Ону таһынан Дьокуускайга мусуойга, типографияҕа үлэлии сылдьан баран, дойдутугар кэлбит.
Саҥа үлэҕэ анаммыт эдэр салайааччыларбытыгар ситиһииилэри баҕарабыт.
Яина ВЛАСЬЕВА