Саҥа маҕаһыын аһылынна

 Сэтинньи ый 15 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга “Христина” маҕаһыын аһылынна. Бу тэрээһини Анатолий Николаев алҕаан сиэрин-туомун толордо. Маҕаһыыны Кириэстээхтэн төрүттээх урбаанньыт Егор Саввинов сыл иһигэр дьиэтин-уотун оҥорон, ситэрэн-хоторон үлэҕэ киллэрэн, олохтоохтору үөртэ.

ИП тутаах үлэһитэ Юлия Саввинова, нэһилиэк дьонун иннигэр алгыс тылларын этэн туран, аҕа баһылык Иван Игнатьевтыын уонна атыыһыт Туяра Саввиновалыын кыһыл лиэнтэни быһа кырыйан маҕаһыын аһыллыбытын кэрэһилээтилэр. Атыыһыт бастакы атыылаһааччылары үөрэ- көтө көрүстэ. “Христина” маҕаһыын салайааччылара «бастакы атыылаһааччыга», «төрөөбүт күннээххэ», «элбэх суумаҕа  атыылаһааччыга» диэн соһуччу бириистээхтэрэ дьону үөртэ, сэргэхситтэ.

Саҥа маҕаһыын ситиһиилээхтик үлэлииригэр, элбэх махталлаах атыылаһааччылаах буоларыгар баҕарабыт.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше