Күндэйэ, биллэрин курдук, улууска биир саамай туруктаах, аныгы олох сайдыытын кытта тэҥҥэ баран иһэр нэһилиэк буолар. Сыл аайы тыа сирин кэлим сайыннарыы бырагырааматын өйөөн, нэһилиэкпитигэр биллэр—көстөр үгүс тутуу барда. Нэһилиэнньэ улаханнык көҕүрээбэт, ыччат олохсуйар, ол аата олох салҕанар.
Бастатан туран, нэһилиэкпитигэр таас оскуола, 50 миэстэлээх оҕо саада тутулуннулар. Дьон күннэтэ наадыйар табаарын атыылыыр сэттэ маҕаһыыннаахпыт, олохтоох балыыһабытыгар биэс киһи үлэлиир. Маны сэргэ бэйэ бородууксуйатынан, үрүҥ аһынан хааччыйар улууска биир бастыҥ үлэлээх «Сырдык аартык» ТХПК, «Тускул» үүт аһы астыыр сыах, сайыҥҥы өттүгэр алта сайылык олус бэркэ тэринэн үлэлии туралларын үгүс киһи билэр.
Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама (ППМИ) чэрчитинэн, нэһилиэкпитигэр уулуссаларбыт оҥоһуллаллар, сырдыыллар, кэрэ көстүүлээх бэлиэ сирдэр баар буолаллар. Ону сэргэ нэһилиэнньэ олоҕун тупсарар сыалтан ыал ахсын уу ситимэ сайын бэркэ үлэлээтэ. Оппутун, маспытын, мууспутун тиэнэрбитигэр анаан «Беларусь» тыраахтар атыылаһыллыбыта. Онон, быһаччы биир тылынан эттэххэ, сайдыы тохтообот, салгыы элбэх былааннаах үлэ иннибитигэр күүтэр.
Күндэйэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар буолан, сүрүн болҕомто онно ууруллар. Тыа сиригэр сүөһү, сылгы көрүллэр буоллаҕына, дьон – үлэлээх, хамнастаах. Онно утары баран, Розалия Алимфиевна Иванова барахсан тэрийбит «Сырдык аартык» кэпэрэтиибэ билигин эдэр, эрчимнээх илиигэ киирэн тэтимнээхтик үлэлиириттэн үөрэбит. Күн бэҕэһээ бу тэрилтэ дириэктэрэ Алина Львованы кытта кэпсэттим. Урукку хотоннорун таһыгар өссө салайааччылара Розалия Алимфиевна уонна кырдьаҕас хомуньуус, Күндэйэ ытык олохтооҕо Николай Егорович Сергеев бу миэстэҕэ толору механизациялаах саҥа хотон туруоҕа диэн аал уоту оттубуттара хас эмэ сыл ааста.. Ол баҕа санаалара күн бүгүн туолан эрэриттэн киһи долгуйа үөрэр. Бу миэстэҕэ ааспыт нэдиэлэттэн Дьокуускай куораттан урбаанньыт В.В. Охлопков биэс киһилээх биригээдэтэ 120 миэстэлээх, 720 кв. м иэннээх сэндвич саҥа панелы таҥан, хотон сүрүн тутуутун – сыбааркатын үлэтин саҕалаан үлэ күөстүү оргуйда. Үлэһиттэр үрдүгэр харабыл дьиэтигэр олохсуйан, сарсыарда эрдэттэн үлэлээн бу тутуу тэтимнээхтик саҕаланна. Манна олохтоох Владислав Васильев бэйэтин тыраахтарынан буор үлэтигэр көмөлөһө сылдьара хайҕаллаах. Тутуу бүттэҕинэ, Күндэйэ ыалларын ынахтара киириэхтэрэ. Үүт үрүйэлии устуо. Үүт баар буолла да, творог, арыы, быыппах, йогурт, кефир уо.д.а. ас дэлэйэ түһэн улуус дьоно үөрэ-көтө бэйэ олохтоох аһынан аһыыра дэлэ үчүгэй буолуо этэ дуо. Бу тутууну билиҥҥитэ «Сырдык аартык» бэйэтин күүһүнэн саҕалаата, инникитин улуус, өрөспүүбүлүкэ өйөөһүнэ хайаан да наада бу олара ирдэнэр курдук. Онон бу үлэ бары өттүнэн өйөнөн, оборудованиета туран быйыл үлэҕэ киирдэр диэн турунан тутааччылар үлэлии сылдьаллар. Үөһээ турар салалта маны болҕомтоҕо ылан, саҕаламмыт үлэ түмүктээх буоларыгар үлэлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Феврония НИКОЛАЕВА, Күндэйэ