Саҥа дьыл битэ-билгэтэ

Саҥа дьылы көрсөргө үгүс араас бит-билгэ, үгэс баар. Олортон ордук тарҕаммыттарын холобурдуохха. Ким итэҕэйэр тутуһуо, ким эрэ көннөрү сэҥээриэ.

— Саҥа дьылы көрсөр күн буолбут туох эрэ түгэн сылы быһа элбэхтик хатыланыан сөп.

—  Саҥа дьылы иэстээх көрсүллүбэт.

—  Былыр Саҥа дьылы көрсөргө дьиэ кэргэн остуол тула олорбутун кэннэ олоппос атахтарын быанан эрийэ баайаллар эбит. Оччотугар кэлэр сылы дьиэ кэргэн бука бары этэҥҥэ туорууллар диэн.

— Үүммүт сылга байылыаттык олоруоххун баҕарар буоллаххына, бырааһынньыктааҕы остуолуҥ дэлэй астаах буоларыгар кыһан.

— Саҥа дьыл бырааһынньыгар түбэһэ киирбит ыалдьыты холдьоҕуллубат. Сыл тосхойор дьолуотун куоттарыаххын сөп.

— Саҥа сылы саҥа таҥастаах, сиэпкэ бөдөҥ харчылаах көрүстэххэ, үүммүт сыл ситиһиилээх буолуо.

— Курант тыаһыыр кэмигэр таайыллыбыт баҕа санаа туолар диэн. Ким эрэ ыра санаатын лиискэ суруйан, умата охсон бокалыгар кутан иһэр, ким эрэ көннөрү иһигэр таайар. Сүрүн быраабылата – тугу таайбыккын этимэ.

— Сыл бастакы күнүгэр бастакынан эр киһини көрсө түһүү, эбэтэр бастакы ыалдьыт эр киһи буолара кэлэр сыл ситиһиини түстүүр үчүгэй билгэ эбит.

— Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр халлаан сулустара ааҕа көстөр былыта суох буоллаҕына, үүммүт сыл үүнүүлээх диэн тойоннууллар эбит.

— Атын күҥҥэ тохтубут туус куһаҕаҥҥа эбит буоллаҕына, Саҥа дьыл күн бу төттөрүтүн үчүгэйгэ диэн буолар эбит. Оттон иһити алдьатыы куһаҕаны түүйүүнэн сыаналанар.

— Бырааһынньык күн төһө даҕаны дьиэни ыраастык тутарга дьулуспут иһин, бөҕү-саҕы күн киирбитин кэннэ таһырдьа таһаарбат ордук. Иирсээннээх-этиһиилээх сыл буолуо.

— Саҥа дьыл түүнүгэр тугу эмэ соһуччу булан ыллаххына – сылы быһа бэлэх тутуоҥ.

— Курант охсор кэмигэр тапталлаахтыын уураһыы сыһыаны чиҥэтиэ дииллэр.

— Ааһан эрэр сылы “көрсүөххэ диэри” диэн атаарыллыбат, “быраһаай” дэниллиэхтээх эбит. Маны таһынан Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр “эргэ сыл” тахсан барарын курдук ааны хатаныллыбат диэбиттэр.

Үүнэр 2024 сыл чорбохтоох (високоснай) сыл. Маннык ордук хонуктаах сыл бэйэтэ туһунан биттээх-билгэлээх буолар. Итэҕэйэр, үгэстэри тутуһар бэрдин бэрт эрээри, наһаа баран үлүһүйэр, биллэн турар, омнуолаах. Онон үүнэр сылга үтүөнү күүтүөх, кэлэр кэмҥэ кэрэни түстүөх.

 

«Сунтаар сонуннара» хаһыат