Самаан сайыны ыраастык, сэргэхтик көрсөбүт

Дьон-сэргэ урут-уруккуттан саас ыам ыйыгар уонна күһүн кыстыкка киириэх иннинэ дьиэлэрин тэлгэһэтин иһин-таһын, олорор сирдэрин бөхтөн-сыыстан босхолоон ыраастыыр, кэрэ-бэлиэ сирдэринэн сылдьан ыһыллыбыты хомуйар , бэйэни өй-санаа өттүнэн сааһыланар, ыраастанар үтүө үгэстээх.

Бүлүүчээн олохтоохторо бу үгэстэн туора турбакка, бу күннэргэ эмиэ үтүөкэн хамсааһыннары оҥордулар.

Ол курдук, нэһилиэккэ хас да күннээх субуотунньук биллэриллэн, үлэ күөстүү оргуйда. Хас биирдии тэрилтэ, ыал территорияларын ис-тас өттүн хомуннубут. Пааркабытын, өрүс үрдүн, урукку порт территориятын, нэһилиэк уулуссаларын күргүөмнээх үлэ түмүгүнэн араас бөхтөн-сыыстан босхолоотубут.

Субуотунньук суолтата бииргэ буолуу, сомоҕолоһуу, бэйэ-бэйэни өйөһүү-өйдөһүү. Ыраастык, чэбэрдик дьаһанан олоруу киһиэхэ ыраас-сырдык санааны, кыаҕы биэрэр диэтэххэ сыыспаппыт буолуо.

Людмила НИКОЛАЕВА

Читайте дальше