Сайыҥҥын хайдах атааран эрэҕин?

Василий Спиридонов, Бордоҥнооҕу «Айыллаан» ССК дириэктэрэ:

– Сайыҥҥы өттүгэр былаан диэн элбэх буоллаҕа. Бу гараас­пытын туттан бүттүбүт. Аныгы матырыйаалынан – СИП панелинэн – туттубут. Бордоҥҥо бу бастакы маннык гараас. Бы­йыл сылаас буоллаҕына рекламалыахпыт. Мастааҕар отой чэпчэки. Билигин мас сыаната олус үрдээтэ.  Бу гарааһым бүттэҕинэ уопсай суумата 450-500 тыһ. солк тахсыа. Оттон маһынан суоттаатахпына, 900-1000 тыһ. солк. буолар. Билигин уоппускабытыгар сылдьабыт. Куоракка барыахтаахпыт. Таарыйа балаҕан ыйы­нааҕы дьаарбаҥкаҕа сылдьыахпыт. Маны таһынан, быыбарга үлэлиэхпит. Кэргэним Мария быйыл дьокутаат быһыытынан Бордоҥ, Илим­ниир, Сунтаар Абаҕа өттүттэн туруорунуо. Онно эҥин үлэлиэхпит. Уонна оттон, бука барыгытыгар сайынын үчүгэй сынньалаҥы баҕарабын.

 

Галина Саввинова, Сунтаар сэлиэнньэтин олохтоо­ҕо:

– Мин сайыммын мэлдьи манна атаарааччыбын. Быйыл биэнсийэлээх киһи быһыытынан, Дьокуускайга улахан уолбар күүлэйдии бараары сылдьабын. Бииргэ төрөөбүт балтыларбар ыалдьыттаан, ахтылҕаммытын таһааран дуоһуйа кэпсэтэн, сынньаныам диэн былааннаахпын. Куоракка олорор дьонум кэлэр күммүн күүтүү бөҕөлөр, “хаһан кэлэҕин, өр буолардыы кэлэҕин, бырагыраамабыт киэҥ” диэн күн аайы төлөпүөннүү олороллор.Барыбытыгар астык, туһалаах сайын буоллун.

 

Данил Иванов, “Мой кейс” маҕаһыын атыыһыта:

– Быйыл сайыҥҥы кэмҥэ толору үлэлиибин. Үлэ кэнниттэн, өрөбүллэргэ дьиэбэр-уоппар түбүгүрүөм.

 

 

 

«Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше