Уйгулаах сайыны Сир ийэ оттуур-мастыыр үлэһит сахаҕа, дьиэ кэргэн маанылаах остуолун тэрийэр хаһаайкаларбыт сир астыылларыгар анаабыт кэмэ буолар.

Оҕо сааспыттан нэһилиэкпит киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн бииргэ сир астыыр эдьиийдэрбин, саҥаспын, учууталбын кытта биир дойдулаахпыт сайын кэлэ сырыттаҕына  буолбут биир сырыыбытын кэпсиэхпин  баҕарабын.

От ыйа үүннэ да эдьиийдэрим Тамара Степановна, Александра Григорьевна учууталым Надежда Софроновна, саҥаһым Александра Николаевна хаһан, хайа диэки барабыт диэн мустан бараллар. Күн ахсын былааннаныы саҕаланар. Мин оҕо сырыттахпына туох да тиэхиньикэ суоҕа, аҕыйах дьоҥҥо матасыыкыл, тыраахтар баара. Биһиги ол былаан оҥостон тиийиэхтээх Лэппэчикээн диэн сирбит Түбэй бөһүөлэгиттэн 2,0 көһү кыранан кыайбат сир, онно сатыы айан тутабыт. Бу маннык ыраах сиргэ дьэдьэннии диэн барабыт. Дьэдьэн – айылҕабыт саамай күндү, хас биирдии ыал мааны остуолугар, ыалдьыттарыгар хоспоҕуттан таһааран күндүлүүр сирин аһа. Дьэдьэнэ суох  остуоллаах тыа ыала суоҕа буолуо.

Дьэ, биир оннук кэм айанныыр күммүт үүннэ. Миигин ийэм тэрийэр. Хомунуу-тэринии хас да күн инниттэн саҕаланааччы. Үрүсээкпитин тэринии биир туһунан улахан үлэ курдуга. Ол саҕана билиҥҥи курдук чэпчэки ыйааһыннаах иһит-хомуос, таҥас суоҕа. Аҥаардас утуйар мөһөөччүктэрбит, балааккабыт да ыйааһыннара сыттаҕа. Үрүсээкпит ыбыс-ыарахан буолар. Ийэм, уруккулуу эттэххэ, лааппыга үлэлиир буолан барсыбат, улахан эппиэттээх үлэлээх. Ийэм миэхэ наһаа да эрэнэр эбит, билигин санаатахха.

От ыйа күммүт муҥутуур итиитинэн көрөр кэмэ. Бустарбыт-хаттарбыт да, айаммытын тутабыт. Айаммыт тухары кумаартан сапсына-сапсына хаамыы. Мин айаҕалыы сатаан уоспунан үрэбин эҥин. Аны онтубуттан мэйиим эргийэр. Бастакы сынньалаҥ Эмис диэн сиргэ буолла. Манна олорон уу иһэн, кумаартан эмтэнэн ыллыбыт. Хааман иһэн халлааны хантайан көрөбүн, күнү былыт хаххалаан ыллаҕына сөрүүкээн, тыын ылар курдукпут. Ол кэмнэргэ сыһыылаах сирдэргэ таҕыстахха араас өҥнөөх сибэкки, лыах бөҕө баар буолара, билигин ол саҕана көрбүт лыахтарым тоҕо эрэ суохтар, көстүбэттэр. Билиҥҥи кэм эбитэ буоллар суотабайга, аппараакка хатаабыт буолуом этээ… Ол кэмнээҕи айылҕа көстүүлэрэ харахпар эрэ хатаммыттар. Ойуур устун ыллык суолларынан хаамарга биһигини батыһа муруку бөҕө сүүрэрэ, ыппыт күнү быһа кинилэри эккирэтэн тахсара. Ити курдук айаннаан киэһэ 8 чаас диэки өтөхпүтүн буларбыт. Өтөхпүтүгэр киирэн эдьиийдэрим дорооболоһоллоро уонна ол кэннэ биирдэ сээкэйдэрбитин сүөкэнии, хостооһун буолара. Таһырдьа күөс өрөллөрө, бары ыһыкпытыгар хортуоппуйдаах, кырбас эттээх буоларбыт, тиийээт да ол аспытын буһарабыт, онтон сарсыҥҥыттан кэнсиэрбэ сиирбит. Аҕа саастаахпыт сирбитин хайаан да аһатан, “сарсын сириҥ аһыттан бэрсээр” диэн көрдөһөрө, алҕыыра. Билигин санаатахпына, элбэхтик оннук-маннык түбэлтэлэри кэпсииллэрин иһиттэрбин да, өтөхтөн улаханнык куттаммат эбиппин. Уһун айан кэнниттэн сылайан даҕаны буолуо, куттана сытарга соло да, кыах да суох буолаахтыа, быстаран утуйан хаалбыт буоларым. Сарсыарда ардыгар дьонум аан, остуол, туох эрэ өтөх тула тыаһаабыта эҥин диэн кэпсэтээччилэр. Дьэдьэн эрэ булбут киһи диэн санаалаах кэлбит киһи өйгүттэн ол кэпсэтиилэр түһэн да хаалаллара буолуо, ону эрэ санаабат буоларым. Чэй иһэ түһээт иһиппитин тутан, өйүөбүтүн сүгэн буруопулларбыт, урут сааһааннаммыт сирдэр – дэлээнэлэр диэки хаамабыт, оннук элбэх да буруопуллары кэрийдэхпит. Билигин ол сирдэр отунан-маһынан үүнэн суохтар.  Улахан, бөдөҥ да дьэдьэннэри хомуйарбыт. 3 киилэлээх иһиппин биир күнү быһа улахан дьоннооҕор мөлтөҕө суохтук хомуйан кыранан толорбот этим. Үргүү сылдьан ийэм үөрбүт сирэйин санаабар оҥорон көрөбүн: иһиппин толорон элбэх дьэдьэннээх тиийдэхпинэ төһө эрэ үөрэллэр диэммин сүрэҕэлдьээбит санаам сүтэн хаалар этэ. Эдьийдэрим дьэдьэн үргүү сылдьан элбэҕи да кэпсэтэллэрэ, көрдөөҕү кэпсээн күлэн да байаллара. Оннук сырыттахха сылайбыккын да билбэккэ хаалаҕын, бэйэтэ сынньалаҥ курдук буолара. Оттон киэһэ буоллаҕына өтөхпүтүгэр төннөн кэлэбит, киэһээҥҥибитин астанан, аһаан баран кэпсэтэ-кэпсэтэ утуйарбыт. Иккис күммүтүгэр 3 чааска диэри үргүүбүт уонна дьиэбитигэр тэринэн-бэринэн төннөр суолга турунарбыт. Өтөхтөн тахсан барыахпыт иннинэ учууталым Надежда Софроновна тэтэрээккэ хас биирдии сырыыбытын суруйан иһэр буолара. Ханнык баҕарар өтөххө эбэһээт тэтэрээт дневник баар буолар, ону кэлэ сылдьыбыт киһи күнүн-дьылын ыйан туран хайан да  толоруохтаах. Ол дневниги ааҕар олус интэриэһинэй буолааччы.

Дьэ бу сырыыга тоҕо эрэ учууталым Надежда Софроновна быһа суолунан барыахха диэн тыл көтөхтө. Ону ким ким да утарыласпата, бары сөпсөһөн айаммытын туттубут. Бастаан син билэр сирдэрбитинэн хаамтыбыт, онтон улам-улам буккулуу барда. Бары толкуйдуу, быһаарса сатыыллар, биир да киһи кыайан чопчу манан диэн быһаарбат. Муннубут. Ол курдук тохтоон олорон ыла-ыла ойуурбутугар сылдьабыт. Мин үрдүк тиит маска өйөнөн олорон үөһээни көрөбүн, күн оройо бүппүт, киирэн эрэр. Улам-улам ойуурбут хараҥарарга дылы буолла. Мас тыаһаатаҕына оҕо-оҕо курдук куттанан ылабын, санаабар “арай эһэ тахсан кэллин” эҥин диэн санаалар оонньууллар.

Бу сырыыбытыгар биир дойдулаахпыт учуутал идэлээх, суруйуунан ылсан үлэлиир Ирина Ивановна Харайданова барсыбыта. Кини саҥата хам буолбат, элбэҕи да кэпсиир, санаатын отой түһэрбэт, иннин хоту баран иһэр. Ол гынан баран кэлин бөһүөлэккэ кэлэн баран эппитэ: “Дьиҥэр, долгуйбутум, куттаммытым ахан, эрээри эһиэхэ биллэрбэтэҕим”, – диэн. Учууталым Надежда Софроновна, эдьиийим Тамара Степановна эмиэ санааларын түһэрбэттэр быыс-хайаҕас була сатыыллар. Ол курдук син добуочча хааман, эстэ быһыытыйбыппытын кэннэ күөллээх сиргэ кэллибит. Сыһыы буолбатах, хайдах эрэ ойуур ортотугар үөскээбит күөл курдук. Күөл ортотугар хаппыт мастар тураллар уонна ол үөһэнэн тула тыкаарылар хаһыытыы-хаһыытыы көтөллөр. Бу күөлтэн бара сатыыбыт, син балай эмэ хаамабыт уонна эмиэ күөллээх сиргэ тиийэн кэлэбит, олорон сынньанабыт. Онно олорон этэбин: “Бу баарыыҥҥы күөл”,– диэн. Ону ким да сөпсөспөт. “Чахчы, күөл ортотугар били мастарбыт уонна сол тыкаарылар дии”, – дии сатыыбын. Ону бары ханна баҕарар хаппыт мастар, тыкаарылар бааллар диэн аахайбаттар. Инньэ гынан ол күөлбүтүн хаста да эргийдибит. Онтон хаһыс эрэ эргиирбитигэр ким эрэ “бу күөлтэн кыһыҥҥы суол тахсар эби”т диэтэ уонна эмиэ күөлбүтүн хос эргийэн кэлэн ол суолбутун булан күөлбүтүн эргийэ сылдьарбытын дьэ өйдүүллэр. Кыһыҥҥы суол син биир барар сирбитигэр тириэрдэр диэн, дьэ, ону батыһан суолбутун булбуппут. Билигин санаатахпына, дьиҥэр, кутталлаах түгэн буоллаҕа. Элбэх буоламмыт аһары уолуйбакка, син иннибитин-кэннибитин быһаарыннахпыт буолуо. Суолбутугар киирэн, кэпсээн-ипсээн бүппэккэ, күлэн-үөрэн бөһүөлэкпитин этэҥҥэ түүн 1 чааска булбуппут.

Дьиэҕэ төннөн кэлэр саҕа үчүгэй суох буоллаҕа. Ол сырыыга иһитим томточчу туолбута, ол гынан баран ханнык баҕарар сир аһа сахсыллан, ууланан түһэн хаалар. Ийэм үөрэ-көтө көрсөн дьэдьэннээх иһиппин тааска куттаҕына, эчи, элбэҕэ, сыта минньигэһэ бэрт буолааччы. Билигин даҕаны ийэбит тэрийэн сир астыы барабыт. Бииргэ төрөөбүт балтыбынаан Дунялыын, эдьийбинээн Тамаралыын, 75 саастаах, саҥаспынаан Шуралыын, учууталбынаан Надежда Софроновналыын, 75 саастаах, аҕам саастаах эдьийбитинээн Агния Ивановналыын, 77 саастаах сир астыырбытын тохтоппокко сыл аайы хомуйабыт уонна бэйэбит кыргыттарбытын Санитаны, Софияны эмиэ илдьэ сылдьан сир астыырга үөрэтэн эрэбит. Арай урукку курдук бөһүөлэктэн ыраах барбаппыт, чугас массыынанан баран хомуйа охсон кэлэбит.

Бу курдук сайыҥҥы кэми туһалаахтык, сынньалаҥнык атаарар киһи ыгылык турукка ылларбат, уйулҕата бөҕө буолар эбит.

Баҕарыам этэ быйыл сайын барыгытыгар байанайдаах сир аһын, доруобуйаны, чөл туруктаах олоҕу!

Тамара Степановна уонна Агния Ивановна

Санита уонна София

 

Алена ПАВЛОВА,

өрөспүүбүлүкэтээҕи психология киинин Сунтаардаҕы филиалын социальнай педагога

 

 

Читайте дальше