70-80-с сылларга, оччолорго, Таас сайылыгар атыы-эргиэн үлэһиттэрэ анаан-минээн Ыанньыксыт күнүгэр бастакы кэлии борохуот аһын-үөлүн, бородууктатын тиэнэн бырааһынньыкка кэтэһиилээх, күндү ыалдьыт буолан тиийэрбитин санаан кэллим…
Күндэйэни Күндэйэ дэппит, үрүҥ илгэни үрүйэлии сүүрдүбүт үтүө-мааны үлэһит дьоммутун оччолорго да өрө туталлара. Чахчы да киһи киэн туттар бары чулуу үлэһиттэр этилэр… Онтон бэттэх үтүмэн элбэх сыл ааспыт эбит.
Мин бүгүн уруккунан Ыанньыксыт күнүн, билиҥҥинэн Сайылык күнүн бырааһынньыгар ыалдьыт курдук ыҥырыллан, аныгы Ньэккэй сайылыгын саҥа көрөн, олус үөрэн кэллим. Үлэлиэххэ, олоруохха барыта баар. Сайылык барахсан көбүөр курдук сибэккинэн симэнэн, Кулуһуннаах уута толору угуттанан, сыһыытыгар хороҕор муостаах көҥүл мэччийэн, чыычаах чырып ырыатынан, түптэ унаар буруотунан илгийэн, күммүт кытта үөрэ мичийэ көрүстэ.
Бу үөрүүлээх бырааһынньыкка Сунтаартан кэлбит күндэйэлэргэ элбэх кылаатын, өйөбүлүн анаабыт ытыктанар ыалдьыппыт Надежда Корнилова эҕэрдэ бастыҥын анаата. Кыһыннары, сайыннары пиэрмэҕэ быһаччы үлэлии сылдьар дьонугар махтанан туран, хаһаайыстыба чилиэттэрэ сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Кыстык этэҥҥэ ааһан, сайылыкка көһүү үөрүүтүн арыылаах алаадьынан аал уотун аһатан, көөнньөр кымыһынан сир ийэтин илгэлээн Револий Елисеев үрдүк айыыларга махтанан алгыһын анаата. Бастыҥ үлэһиттэргэ «Сырдык аартык» дириэктэрэ Алина Львова махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттарда. Мустубут дьон күөх хонууга төгүрүччү олорон үтэһэлээх эти, саха лапсалаах ис миинин, араас ас эгэлгэтин тото-хана аһаан, үтүө үгэс кубулуйбут Сайылык бырааһынньыга өргө диэри оҕо аймах оонньуутунан,үөгүүлээх-хаһыылаах көрдөөх күрэхтэринэн, онно эбии оһуохайдаан ойуу, ырыа-тойук ыраахха диэри дьиэрэйдэ.
Бырааһынньык түмүгэ өссө үөрүүлээх буолла. Бастыҥ сайылык Ньэккэй – 30 тыһ, Таас – 20 тыһ, Каакы Маара — 10тыһ. солк. суумаҕа сэртипикээт тутттулар. Онон инникитин сайылыктарыгар эбии тутуу ыытан өссө киэркэйиэхтэрэ турдаҕа! Барыгытыгар илгэлээх, быйаҥнаах, үөрүүлээх сайыны баҕарабыт!
Феврония НИКОЛАЕВА