Сунтаарбыт киинигэр «Сайдам» атыы-эргиэн киинин билбэт киһи диэн суох. Кэргэннии Мария, Андрей Андреевтар бэйэлэрин дьыалаларын саҕалыылларыгар кыра, дьоҕус хос арендалаан үлэлээбиттэрэ. Онтон билигин икки маҕаһыыннаах эргиэн эргийэр, дьон сөбүлээн сылдьар кииннээх, биллэр-көстөр урбаанньыттар. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт  — Мария.

Мария, бүгүн Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр урбаанньыттар күннэринэн дьиэ кэргэҥҥитин истиҥник эҕэрдэлиибин, үгэс быһыытынан, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

— Үтүө күнүнэн! Мин оҕо сааһым Бордоҥ нэһилиэгэр ааспыта. Павловтар дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм, бииргэ төрөөбүт икки этибит. Ийэлээх аҕа тапталыгар угуттанан улаатан, дьоллоох оҕо саастаахпын. 2008 с. оскуоланы үөрэнэн бүтэрэн, оҕо бырааһын идэтин баһылаабытым. Сунтаарга ананан кэлэн, икки сыл бырааһынан үлэлээбитим. Билигин 6-с сылын оҕолорбун көрөн олоробун. Кэргэним Андрей Кэбээйиттэн төрүттээх, идэтинэн архитектор. Манна көһөн кэлиэхпит иннинэ Дьокуускай куоракка Ис дьыалаҕа ОБЭП-ка үлэлээбитэ. Аан маҥнай көрсөн билсээт, харахпытынан хайҕаһан, таптаһан, ыал буолан 3 оҕолоохпут. Улахан кыыспыт 11 саастаах, Дьокуускай куоракка балетнай оскуолаҕа үөрэнэр, икки кыралар “Ньургуһун” оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ.

Биисинэс эйгэтигэр хайдах кэлбиккитий, аан бастаан туохтан саҕалаабыккытый?

— Атыы-эргиэн эйгэтин оҕо эрдэхпититтэн иккиэн көрөн, бу эйгэни билэн улааппыт эбиппит диэххэ сөп. Ийэм сүрүн үлэтин таһынан Кытайтан табаар аҕалан дьиэбитигэр атыылыыра. Кэргэним төрөппүттэрэ эмиэ Кэбээйигэ маҕаһыын аһан үлэлэтэ сылдьыбыттар. Атыыга-эргиэҥҥэ ийэм, аҕам улахан өҥөлөөхтөр дии саныыбын. Кинилэр сылдьыбыт хайысхаларынан суолбутун арыйбыт курдуктар.

Олохпор көрсүбүт олоҕум аргыһа, саамай өйдүүр-өйүүр киһим таптыыр эрэнэр эркиним — кэргэним. Иккиэн бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит диэтэхпинэ сыыспаппын. Сорох түгэннэргэ дьахтар киһи быһыытынан баҕа санаам, былааным элбэх буоллаҕа, ону  толорорго орто сүнньүн булан олоххо киллэрээччим кэргэним буолар. Үтүө, элэккэй майгылаах буолан судургутук дьону кытта биир тылы булан, кэпсэтиини-ипсэтиини, дуогабар түһэрсиини ыытар… Миэнэ табаары талан атыылаһыы, маҕаһыын кэрэ көстүүтүн тэрийии о.д.а. Икки өттүттэн өйдөһүү, биир сыаллаах буолан үлэ үтүө түмүктээх. Онон үгүс идеяларбын кэргэним мэлдьи өйүүр. Уонна саамай икки өттүттэн төрөппүттэрбит күүс-көмө буолаллар. Барыы-кэлии кэмигэр оҕолорбутун көрсөн-харайсан  абырыыллар. Оҕолорбут «эбээ оҕолоро” түгэнинэн туһанан, күндү төрөппүттэрбитигэр махталбытын тириэрдэбит. Сайын аайы ийэлэрбит аҕаларбыт кэллэхтэринэ дьол, бары мустан бииргэ буолан сынньанарбыт туохтааҕар да күндү. Оҕо сааһым устууларын көрөн ол кэмнэрбин санаан төрөппүттэрим ииппит холобурдарынан, оҕолорбор оннук эйгэни тэрийэргэ кыһаллабын. Минньигэс ас астаан уһуйаантан кэлэллэрин көрсөбүн. Сарсыарда күммүт ороммутун хомуйартан саҕаланар. Дьиэ-уот хомуллуулаах, ыраас эйгэ тэрилиннэҕинэ үлэ-хамнас, өй-санаа кытта сааһыланан табыллыы, ситиһии кэлэр дии саныыбын.

Туох барыта кыраттан саҕаланар. Бастаан оҕо саадтарынан, тэрилтэлэринэн баул суумкалаах сылдьан ийэм табаарын атыылыырым. «Тандемҥа» ийэбинээн таҥас отдела арыйан үлэлэтэ сылдьыбыттаахпыт. Сыыйа-баайа итинник эргиэн эйгэтигэр киирэн барбыппыт. Оттон сайын кэргэмминээн ыһыахха шашлык атыылыырга санаммыппыт. Ол кэннэ иккиэн харахпыт уоттанан биир сыаллаах-соруктаах хамаанда буолабыт. Ити сайын Саха сирин ыһыахтарыгар барытыгар кэриэтэ шашлык атыылаан турардаахпыт. Бастакы улахан дохуоппутун 8 ыйдаах хат сылдьан роза сибэкки, клубника атыылаан киллэрэбит. Ити кэннэ 2 ыйдаах оҕолоох олорон оччолорго муода, сонун, уоттаах илиигэ тутар шар атыылыы туралларын сэргии көрдүм уонна ыллым да Кытайга бардым. Таможнялары кытта кэпсэтэн-ипсэтэн 1 тыһыынча шардары атыыга аҕалбытым. Шардар барыта Дьокуускай куорат күнүгэр, Сунтаар күнүгэр, Ньурбанан атыыламмыттара. Онно Кытайга сылдьан наһаа үчүгэй подростоктарга аналлаах маҕаһыыны көрөн олус сөбүлээн, харахпар ол эрэ көстөр, ону эрэ саныы сылдьар буолан хааллым. Кэргэним этиитинэн, саҥа бастакы ырыынак тутуллан киирэригэр, онно эмискэ миэстэ тахсан  хос арендалаатыбыт. Уонна дьэ аат толкуйдааһына буолла. Биир сарсыарда оҕолор розовай өҥү сөбүлүүллэр, «Розовая пантера» мультигы бары көрбүт буолуохтаахтар диэн санааттан, дьэрэкээн көстүүлээх диэн итинник ааттаммыппыт.

Биир сыл буолан баран, учаастак ылан маҕаһыын туттан саҕалаабыппыт. Кэргэним архитектор буолан барытын бэйэбит күүспүтүнэн туттубуппут. Манна бэлиэтээн эттэхпинэ, маҕаһыыммыт тутулларыгар аймахтарбыт эмиэ көмөлөрө элбэх. Ити кэмҥэ, сэргэ, дьиэбитин туттан, оҕолонон үлэ күргүөмнээхтик барбыт кэмнэрэ этэ. 2020 с. табаар сакаастаан, маҕаһыыммытын кэргэним этиитинэн сайдыахпыт, кэҥиэхпит диэн санааттан «Сайдам» диэн ааттаан үлэлээн барбыппыт. Арыллан баран 20 күн иһигэр туох баар иэстэрбитин, кирэдьииппитин барытын саппыппыт. «Мария» маҕаһыыны атыылыылларын истэн, дуогабар түһэрсээт, кирэдьиит киирэн 2,5 сыл иһигэр бэйэтин сабыммыта. Дьыалабытын тэрийэрбитигэр пандемия саҕаланан үгүс ыараханы көрсүбүппүт. Ол да буоллар күүстээх баҕа санаа, харса суох буолуу көмөлөспүтэ. Билигин 15 үлэһиттээхпит, ол иһигэр товаровед, бухгалтер.

Маҕаһыын ис-тас бараана тупсаҕай, табааргыт арааһа дэлэй, хантан аҕалаҕытый?

-Табаарбытын бэйэм талабын, Кытайтан, Турцияттан, Москваттан, Бишкектан аҕалабыт. Хайысхабыт элбэх — бытовой тиэхиникэ, бытовой химия, иһит-хомуос, текстиль, оҕо оонньуура, таҥас-сап, атах таҥаһа о.д.а. Былырыын Дьокуускай куоракка бааза арынан, транспортнай хампаанньа үлэлэтэбит.  Бэйэбит дьиэ туттарга улахан матырыйаал аҕаларга кэккэ кыһалҕаны көрсөн, маннык өҥөнү тэрийэргэ санаммыппыт. Дьон түннүктэн саҕалаан, арааһы аҕалтаран туһанан махтаналларыттан үөрэбит.

Ханнык баҕар тэрилтэҕэ үлэһит булар, хамаанда тэринии биир сүрүн сорук. Үлэһит ыларгытыгар туох-ханнык ирдэбилгэ олоҕураҕыт?

— Оннук, сөбүлэһэбин. Бастатан туран үлэһит ыларга үлэҕэ наадыйааччыны кытта кэпсэтиһэбит. Биир үчүгэй үлэһит кэллэҕинэ, бэйэтин дьонун ыҥыртаан барар.

«Үлэбитигэр үчүгэй настарыанньалаах кэлэбит» диэни тутуһабыт. Дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, элэккэй майгылаах буоллахха үчүгэйи, табыллыыны бэйэҕэр иҥэринэҕин диэн бэйэм саныыбын. Үлэһиттэрбитин аһара сыаналыыбыт,  кинилэргэ бары өттүнэн  табыгастаах усулуобуйаны тэрийэн, үлэлэригэр үөрэ-көтө кэлэллэригэр кыһанабыт. Тэрилтэбитигэр төрөөбүт күннэрбитин бэлиэтиир үгэстээхпит. Маҕаһыыҥҥа үрдүгэр повардаахпыт, кини мип-минньигэс ас арааһын астаан күндүлүүр. Иҥэмтиэлээх, тотоойу аһы аһаан сылдьар киһи үлэтин түмүгэ да оннук буолар.  Барыларыгар күүс-көмө, өйөбүл буоларга кыһаллабыт. Биир дьиэ кэргэн курдук сырыттахха үлэ таһаарыылаах буолар диэн санаалаахпын. Үлэһиттэрбит бары дууһаларын ууран туран үлэлииллэриттэн астынабыт.

Атыыны-эргиэни таһынан эһиги улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттыһан, мал-сал сүүйүүлээх оонньуулары ыытаргытын дьон сэргиир, күүтэр…

— Саҥа сонун бырайыак тэрийэн элбэҕи билэҕин-көрөҕүн, сайдыы биир көрүҥэ. Үлэбит быыһыгар саҥа сүүрээн, сүүйүүлээх оонньуулары тэрийэн, дьон-сэргэ олус көхтөөхтүк кыттан биһирэммитэ. Ааспыт күһүн Арассыыйабыт биир чаҕылхай ырыаһыттарын «Дабро” бөлөҕү ыҥыран, Дьокуускай куоракка концерт тэрийбиппит. Хаһан баҕарар «риск» баар бөҕө буоллаҕа, билиэт барыта атыыга баран, этэҥҥэ ааспыта.

Олоххо тутуһар сүрүн принциптэриҥ?

— Саха киһитин сиэринэн, айыыларбытыгар сүгүрүйэн, сиэр-туом тутуһабыт. Кырдьаҕаска, кыаммакка көмөлөһөн, дьонтон үрдүктүк санаммакка, орто сиэринэн сылдьабыт. Кэргэним саҥа үүммүт күммүтүн махталынан саҕалыыр. Мин киниттэн элбэххэ үөрэнэбин. Тулалыыр эйгэбититтэн саҕалаан, бэйэ-бэйэбитигэр, оҕолорбутугар чугас дьоммутугар, олохпутугар махтанабыт. Сайын аайы ыһыахха алгыска булгуччу сылдьан ыраастанан, арчыланан, күүс-уох ылынабыт. Олох устатын тухары киһи үөрэнэр диэн этиигэ сөпсөһөбүн. Ол курдук, киһи бэйэтин майгытын-сигилитин көннөрүнэн, бэйэҥ-бэйэҕин кыайаҥҥын, ииттинэн үтүө хаачыстыбаларгын элбэтэн уларыйаҕын. Хас биирдии күнтэн үөрэн, дуоһуйууну ылыы олох биир суолтата.

Инникитин туох былааннааххытый?

— Инники былаан элбэх, «Мария» маҕаһыыммытын кэҥэтии, тутуу матырыйаалын, оптовай арыйар былааннаахпыт. Олох тэтимин кытта бииргэ хардылаан, толкуйдаан, хамсанан-имсэнэн, кэлэн-баран, саҥаны-сонуну киллэрэргэ мэлдьи дьулуһабыт.

Мария кэпсээниҥ иһин махтанабын, тус олоххутугар дьолу, үлэҕитигэр ситиһиилэри!

 

Алена ИВАНОВА