Саха тылын уонна литературатын учууталлара күрэстэстилэр

Бүгүн Сахабыт сирин үрдүнэн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр «Саха тылын уонна литературатын бастыҥ учуутала» диэн иккис улуустааҕы куоҥкурус буолан ааста.

Манна улууспут араас оскуолатыттан биэс талааннаах учуутал кыттыыны ылла. Бу тэрээһин төрүт култуурабыт нэһилиэстибэтин харыстыыр уонна сайыннарар дьону түмтэ.

Күрэс аһаҕас уруоктары ыытыыттан саҕаланна. Онно хас биирдии кыттааччы үөрэтэригэр туһанар ураты ньыматын көрдөрдө. Уруоктар интэриэһинэй ис хоһоонноох, интерактивнай оонньуулаах аастылар, учууталлар үөрэнээччилэргэ саҥа билиилэри-көрүүлэри арыйдылар.

Ол кэнниттэн «Методическай мастарыскыай» диэн түһүмэх буолла. Манна кыттааччылар бэйэлэрин педагогическай уопуттарын үллэһиннилэр. Бу түһүмэх идиэйэлэри атастаһарга, саҥа методическай матырыйааллары уонна бэйэ-бэйэни хардарыта көҕүлээһиҥҥэ туһуламмыт былаһаакканан буолла. Учууталлар маастарыстыбаларын уонна идэтийиилэрин таһымын көрдөрдүлэр.

Түмүккэ улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имидж политикатыгар солбуйааччы Гаврил Еремеев биһиги омук быһыытынан уратыбытын харыстааһыҥҥа сахабыт тылын уонна литературатын учууталлара улахан оруоллаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини куоҥкурус хас биирдии кыттааччытын бэлэмнэниитин таһыма үрдүгүн бэлиэтээтэ уонна кинилэр эппиэтинэстээх үлэлэригэр салгыы ситиһиилэри баҕарда. Ону тэҥэ кыттааччыларга Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев Махтал суругун туттарда.

Куоҥкурус муҥутуур кыайыылааҕынан Маар Күөл оскуолатын учуутала Евдокия Юрьевна Мыреева буолла. Киниэхэ «Кылаан кыайыылаах» Добун сурук туттарылынна. I үрдэл сурук Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй учууталыгар Сахайа Николаевна Павловаҕа туттарылынна. II үрдэл – Кэмпэндээйи оскуолатын учууталыгар Нарыйа Егоровна Кондратьеваҕа, III үрдэл – Сиэйэ орто оскуолатын учууталыгар Марина Владимировна Хомподоеваҕа. Ону таһынан, Сахайа Павловаҕа «Оҕо биһирэбилин ылбыт учуутал» анал аат иҥэрилиннэ.

Бу курдук, улуустааҕы «Саха тылын уонна литературатын бастыҥ учуутала» күрэс быһыытынан биир идэлээхтэри түмэр дьаһал эрэ буолбакка, норуоппут култууратыгар уонна тылыгар-өһүгэр аналлаах сүрүн тэрээһин буолла. Маннык куоҥкурустар учууталлар ситиһиилэрин бэлиэтииргэ уонна көҕүлүүргэ эрэ буолбакка, саҥа көлүөнэни үөрэтиигэ, бэйэбит нэһилиэстибэбитигэр тапталы үөскэтэргэ көмө буолаллар.

Сунтаардааҕы үөрэх управлениетын пресс-сулууспата.

Читайте дальше