2023 с. Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылын туолла. Атын улуустар курдук, биһиги улууспут эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт сайдыытыгар кырата суох кылаатын киллэрэр.

Күндү ааҕааччым, ыстатыйам аатын көрөн баран, “бу ким туһунан суруйдахтарай” диэн сонургуу көрбүтүҥ буолуо. Бу суруйар киһим бу орто дойдуттан барбыта. Ньир-бааччы үлэлии-хамсыы сылдьан, бэрт кылгас кэмҥэ ыалдьан, биһиги кэккэбититтэн хомолтолоохтук туораабыта. Үгүстэр соһуйан хаалбыппыт, сорохтор истибэккэ хаалан, кэлин ыйыталаһаллар этэ. Саха сиригэр кинини билэр киһи үгүс буолуохтаах. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ боксаҕа 8 төгүл чөмпүйүөн аатын ылан турар. Аан бастаан 1967 с., 5-с кылааска үөрэнэ сылдьан, оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ чөмпүйүөннээн турар. Чэ, бэйи, саас-сааһынан кэпсээн көрүүм дуу. Кини туһунан суруйуохпун баҕарбытым ыраатта эрээри, хайдах эрэ тардыллан испитэ.

1966 с. Түбэй-Дьаархан 8 кылаастаах оскуолатыгар бокс секциятын аан бастаан үлэлэппитим. Оччолорго сонун секция буолан, саала иһин толору кыратыттан улаханыгар диэри саастаах уол бөҕө кэлбитэ. Ол эрэн, сотору кэминэн син оннун-тойун булан, көҕүрээн дьиҥнээх баҕалаахтар эрэ хаалбыттара. Олор истэригэр 5-с кылаас үөрэнээччитэ Михайлов Гоша ордук чорбойор этэ. Син оҕо-оҕо курдук этэ эрээри, уҥуоҕунан улахана уонна олус харахха быраҕыллар дьулуурдаах, эппиккин барытын толоро сатыыр уһулуччу дьүккүөрдээх этэ. Улахан уҥуохтаах буолан, наар улахан кылаас оҕолорун кытта паараҕа үлэлиирэ. Үксүн 8-с кылаас үөрэнээччитэ Петров Андрианныын пааралаһан эрчиллэрэ. Урутаан эттэххэ, Андриан армияҕа Польшаҕа сулууспалаабыта. Польша оччолорго боксаҕа биир күүстээх хамаандалаах судаарыстыба этэ. Олимпийскай чөмпүйүөннээх, аатырбыт Феликс Штамм диэн тириэньэр үлэлиирэ. Андриан Петров онно аармыйа чөмпүйүөнэ аатын ылары ситиспитэ.

Дьэ, Гоша Михайлов итинник уолу кытта паараҕа туран эриһэн, эрчиллэн силиктэһэн, характера уһаарыллан, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр бэлэмнээх киһи буолан, убайа Василий Ананьев эппиэтигэр сааһа да сиппэтэр, ыйааһынынан хапсан, бастакы киирсиилэриттэн кыайыы көтөллөөх, спортивнай олоҕо саҕаламмыта. Убайа Василий Ананьев оройуон хамаандатын дьарыктаан өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтик илдьэ сылдьыбыта. Василий Егорович бэйэтэ өрөспүүбүлүкэ араас күрэҕэр 5 төгүл чөмпүйүөннээн турар. Кырдьаҕас көлүөнэ боксердар билэллэр.

1967-1974 сылларга оройуон оскуолаларыгар бокс секцията бобуллан, үлэлээбэт кэмнэрэ этэ. Ол иһин бокска оройуон чиэһин наар Сиэйэ орто оскуолатын хамаандата ыстаарсай бөлөхтөргө, Түбэй-Дьаархан 8 кылаастаах оскуолата алын бөлөхтөргө көмүскүүр этэ. Ол курдук, 1967 с. Мииринэй оройуонун аһаҕас күрэхтэһиитигэр ыҥырыллан тиийэн күрэхтэһэн турардаахпыт. Манна биһиги оҕолорбут аҥаардастыы “айбардаабыттара”. Гоша Михайлов оччоттон ыарахан охсуулааҕа биллэн барбыта. Мииринэй уолун кытта киирсиитигэр икки өттүттэн ыга киирэн үлэлээн баран судьуйа «Брек!» хамаандатынан икки аҥыы кэннилэринэн тэйбиттэригэр, уола турар сиригэр эргийбитинэн сууллан түспүтэ. Рефери соһуйан хаалан (охсууну өйдөөн көрбөтөх буолан) чочумча булумахтанан баран, “счету аах” диэн үөгүүлээбиттэригэр, дьэ өй ылан, ахсаанын аахпыта. Дьэ ити курдук хас күрэхтэһии аайы утарылаһааччыларын наар нокаутунан, нокдауннаан быһа кыайталыыр буолан барбыта.

Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитэ буолла да: «Сунтаардар Гошаҕыт кэллэ дүо?» – диэн тириэньэрдэр төбөлөрүн ыарыыта буолбута. Гоша Михайлов өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ тиийдэ да, эбэһээт чөмпүйүөн үрдүк аатын ылара. Сорохтор кинини утары оҕолорун киллэрбэт да түгэннэрэ баар буолар этэ. Гоша кэлин хомолтотун этэр буолара: «Куруук чөмпүйүөннүүбүн да, өрөспүүбүлүкэ таһыгар хаһан да таһаарбатахтара. Куорат, өрөспүүбүлүкэ тириэньэрдэрэ бары бэйэлэрин оҕолорун таһаара сатыыллар этэ. Миигин, хантан эрэ ыраах тыаттан кэлбит уолу, чугаһаппат этилэр. Ол-бу биричиинэ булан ылбаттар этэ» – диирэ. Ордук өрөспүүбүлүкэ ыстаарсай тириэньэрэ Шитиккэ улахан хомолтолоох этэ. Мин кэллим да туох эмэ төрүөт булан күрэхтэһииттэн сыыйтара сатыыр этэ. Эбэтэр: «Билигин техничнэй бокс наада, силовой бокс наадата суох» – диэн куоһур туттар этэ. Билигин кэлэн туох кистэлэ кэлиэй, туох баарынан суруйабын. Өһүргэнэр, баҕар, өһүргэниэ. Оччотооҕу тириэньэрдэрдэр бэйэлэрин оҕолорун таһааран аат-суол ыла сатыыр баҕалаахтара. Билиҥҥи курдук үчүгэй көрдөрүүлээх оҕолору талан ылан өрөспүүбүлүкэ туһа диэн сүүмэрдиир үлэ суох этэ. Бэйэ-бэйэни тэпсиһии, түһэрсэ сатааһын, туох кистэлэй, нуучча-саха оҕото, куорат-тыа оҕото диэн атааннаһыы бокс сайдыытын кэккэ кэмҥэ бытаардыбытын билигин аһаҕастык этиэххэ сөп. Билиҥҥи тириэньэрдэр тустууга да, боксаҕа да, атын да көрүҥнэргэ, уопсай сүбэнэн үлэлиир политикалара киирбитэ Сахабыт сирин успуордун быдан үрдүк таһымҥа таһаарбытын бары билэн- көрөн олоробут.

Сунтаар оройуонун оскуолаларыгар бокс бобуулаах буолан, Гоша Михайлов 9-с, 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр Сунтаар аатыттан соҕотоҕун суол-иис булан, ньурбалары кытта барсан күрэхтэһэрэ. 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан, оччолорго үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадалара буолара, онно боксаҕа, секундана суох буолан, Ньурба тириэньэрэ Герасим Быдыгыевы көрдөһөн секунданнаппыта. Бу күрэхтэһиигэ кини түөртэ киирсибитэ. Бастакы киирсиитин 35 сөкүүндэнэн утарсааччытын нокауттаан кыайбыта, иккис киирсиитин 47 сөкүүндэнэн эмиэ нокауттаан кыайбыта, үсүһүн тахсыбытыгар Герасим Быдыгыев «Чэ, Гоша, бэйэҥ да таҕыс, эйигин кытта тахсан син биир мин тугу да гыммаппын» – диэн тиэрэ түһэн кэбиһэр, (дьээбэлэнэр буоллаҕа). Гоша: «Хайдах секундана суох тахсыахпыный, үүрбэттэр дуо?» – диэн ыксыыр. Үһүс утарсааччытын эмиэ 30-ча сөкүүндэҕэ тириэрдибэккэ нокауттуур. Финалга да тахсан баран утарсааччытын мүнүүтэҕэ да тириэрдибэккэ нокаутунан кыайан өрөспүүбүлүкэ оҕолорун спартакиадатын уочараттаах төгүлүн кыайыылааҕынан буолар. Ити гынан СӨ боксун историятыгар уһулуччулаах рекорду олохтоон турар. Биир күрэхтэһиигэ түөртэ киирсэн, (утарсааччыларын барыларын хоппут бириэмэтин холбоон), биир раунд бириэмэтин саҕаны да толору туһаммакка, кыайталаан турар. Ити билигин Аан дойдуга аатырбыт Майк Тайсон биллиэн быдан иннинэ итинник талааннаах ыччаттана сылдьыбыппыт туох да өйөбүлэ суох хаалбыта.

Герасим Быдыгыев кэлин, Ньурбаҕа оҕолору күрэхтэһиигэ илдьэ сырыттахпына: «Сунтаардар дьэ мөлтөх дьоҥҥут, итинник чаҕылхай уолгутугар үлэлээбэтигит», – диэн турар. Кырдьык, бэйэтин кэмигэр туох да өйөбүлэ суох кэмҥэ спортивнай олоҕо аастаҕа.

Ити күрэхтэһии кэнниттэн тута аны көҥүл тустууга спартакиада бырагырааматынан оҕолорго күрэхтэһэ киирэр. Тустууга оройуонун хамаандатыгар, кини ыйааһыныгар киһилэрэ суох буолан, штрафной ылымаары, Гошаны сөбүлэһиннэрэн сайаапкаҕа суруйбут этилэр. Аны тустуутугар эмиэ бары утарылаһааччыларын кыайан өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүн аатын ылан, дьонун соһутан да, үөрдэн да кэлэр. Онон Георгий Михайлов Сунтаар оройуонуттан тустууга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ буоларын билигин умнан да бардылар.

Гоша этэр буолара: «Табыллыбат киһи куруук табыллыбат буолар эбит», – диэн.

Аармыйаҕа сырыттаҕына, арай, “боксаҕа күрэхтэһии буолар, боксердар бааргыт дуо” диэн буолбут. Биһиги Гошабыт “мин дьарыктана сылдьыбытым” диэбит. Эрчиллии, сүүрүү-көтүү дуома оҥорбуттар. Перекидкаҕа чаас күрэхтэһиитигэр ыйааһыныгар кыайталаан, өссө биир офицер киирбитин дөйүтэн кэбиһэн саллааттар ый-хай саҥаларын таһаарбыт. Хамаандаларын капитаннара салайан, Новосибирскайга көппүттэр. Аармыйа күрэҕэ эбитэ дуу, Сибиир киэнэ эбитэ дуу, капитаннара үчүгэйдик эппэтэх. Онно тиийэн мандатнай хамыыһыйаны баралларыгар капитаннара отой да суох үһү. Киһилэрэ хамыыһыйа үлэтэ бүппүтүн кэннэ хомнуо-хойут итирик туруктаах тиийэн кэлбитигэр хамаандаларын күрэхтэһииттэн устан кэбиһэллэр. Дьэ, кыһыы-аба бөҕө буолар. Эдэр эрчим өрө күүрүүтэ буолуо, «күрэхтэһии умсулҕаныгар киирэ сылдьар киһи, кыйытта, кычыгылана сылдьар этим» – диирэ. Күрэхтэһиини көрөн баран кыһыым-абам өссө төгүл улааппыта. “Киирсибитим буоллар, отой кыайталыах эбиппин”, – диэн хомолтотун кэпсиир буолара.

Армияттан кэлэн баран Сунтаар СПТУ-гар үөрэнэ-үөрэнэ боксаҕа тириэньэрдиир. Онно иитэлээбит оҕолоруттан боксаҕа уһуйуллан кэлин тириэньэринэн үлэлиир уолаттарын көрүстэҕинэ муҥура суох үөрэр буолара. “Саатар, бу уолаттар биир эмэ уолу таһаараллара, мин ситиспэтэхпин ситиһэллэрэ буоллар”, – диэн баҕа санаалааҕа. Кэлин СПТУ-га үлэлии сылдьан Магадаҥҥа «Трудовые резервы» күрэхтэһиитигэр баран кыттан кэлбитэ. Манна эмиэ, «Миэнэ миэнин курдук, сатамматаҕым» – диэн сүрдээх улаханнык дууһатыгар хоммут хомолтото сүгэһэр буола сылдьарын санаатаҕына саҥата суох сөҥөн хаалара… Сэрэбиэй быһыытынан рингэҕэ тахсан, Москва маастарын кытта киирсэр буолбут. Спортивнай тэриллэрин бэрэбиэркэлээн баран бастакы рауннарын саҕалаабыттар. Киһитин муннукка ыкпыт, хаста да таппыт. Рефери «Стоп!» хамаанда биэрбитигэр, нокдаун ааҕаары гыннылар диэн, нейтральнай муннукка барбытын бэйэтин муннугар ыыппыт. Тугуй-ханныгый диэн буолбутугар, биир боковой судьуйа оннун була илик эбит. Онтон дьэ судьуйаларын булан иккиһин киирсии буолбут. Саҥа киирсэн аҕыйахта хардарыта охсуһан эрдэхтэринэ эмиэ «Стоп!» хамаанда буолбут. “Хайа, аны эмиэ туох буолла” дии саныыр. Иккиэннэрин судьуйа рингэ ортотугар тутаттаан ылан утарылаһааччытын илиитин өрө көтөхпүт уонна: «Ввиду отказа секунданта», – диэн саайар. Секунданын диэки көрбүтэ сотторун рингэҕэ ыйаан турар эбит. Секунданынан «Трудовые резервы» тириэньэрэ, хамаанда салайааччыта Валь эбит. Гоша муннугар кэлэн “хайдах буола тураҕын” диэн кыйахаммытыгар: «Ничего, ничего, өссө да эдэргин» – диэбит, киһим. «Хантан эдэр буолуохпунуй, хата, бэйэтэ миигиттэн 3-4 сылынан балыс эрээри… Үлтү кыйаханан хаалан баран хомунан, түспүт гостиницабыттан таҥаспын-саппын ылан, төттөрү билиэт ылан Сахам сиригэр көтөн хаалтым уонна онтон бэттэх бэрчээккибин кэппэтэҕим» – диэбитэ. Кырдьык да, спортивнай үйэтигэр биирдэ да хотторуу хомолтотун билбэтэх киһиэхэ сүрдээх ыарахан этэ. Арай былыргы күүстээх күрэхтэһээччилэр хоттордохторуна иккиһин эргийбэт буолаллара үһү. Кини эмиэ ити хомойбут санаата үйэтин-сааһын тухары ыар сүгэһэр буола сырыттаҕа.

Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кэлин боковой судьуйа, рефери, кылаабынай судьуйа буолан күрэхтэһиилэри ыытыһар этэ. Кини судьуйалыырыгар хаһан да, “бу биһиги спортсмеммыт”, “бу атын сир спортсмена” диэн араарбат этэ. Аһара обьективнайдык судьуйалыыра. Ол иһин кини этиитэ, кини санаата мөккүөрэ суох убаастанара. Барытын бэйэтэ дууһатынан аһарбыт буолан, кырдьыктаахтык судьуйалыыры ирдиирэ. “Бокс сайдыыта эһигиттэн судьуйалартан тутулуктаах” диирэ.

Сунтаарга билигин сүрдээх улахан уонна хааччыллыылаах олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуола үлэлии турар. Онон бэйэтин кэмигэр кыайан өйөммөтөх чаҕылхай спортсмеммыт Георгий Михайлов аатынан улахан оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир уоттаахтык-күөстээхтик тэриллэн ытыллара буоллар, улууска бокс көрүҥэ өссө күүскэ сайдарыгар улахан олук буолуо этэ. Өрөспүүбүлүкэбит арҕаа өттүнээҕи улуустарыгар таһымнаах күрэхтэһии хонуута бэйэбит улууспутугар баар буоларын календарнай былааҥҥа киллэттэрэр буоллар биир дойдулаахпыт аата умнуллуо суох этэ. Улууспут салалтата, успуорт эйгэтин үлэһиттэрэ болҕомтоҕо ылаллара буоллар.

Сахабыт сиригэр успуорт сайдыытын историятыгар чаҕылхай спортсмен Михайлов Георгий Григорьевич аата ааттанара наадалаах.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр успуорт историята куруук эриэ-дэхси буолбатаҕын биир туоһута буолуо. Киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сирин улуустарыгар, нэһилиэктэригэр, кыра түбэлэригэр төһөлөөх талааннаах ыччат биллибэккэ, арыллыбакка, өйөммөккө хаалбыта буолуой. Билигин ити алҕаһы туоратан тириэньэрдэр, успуорт эйгэтин үлэһиттэрэ бары биир санаанан үлэлиир кэмнэрэ кэлбитэ аһара үчүгэй. Түмүктэр да баар буола тураллара ону туоһулуур.

Бүтэһигэр өрөспүүбүлүкэ тустууга чөмпүйүөнэ, бокска 8 төгүл чөмпүйүөн Георгий Григорьевич Михайловы билэр, кинини кытта алтыһан ааспыт дьон, күрэхтэһиилэргэ бииргэ сылдьыбыт, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит, аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт, рингэҕэ кинини кытта алтыспыт, күрэхтэспит спортсменнар ахтыыларгытын ыытаргыт буоллар диэн көрдөһүүлээхпин.

Аадырыһым: 678277 Сунтаар улууһа, Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэ, Афанасьев Алексей Никифоровичка.

Алексей АФАНАСЬЕВ, уруккута физкультура учуутала, уопсастыбаннай тириэньэр, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

 

 

Читайте дальше