Саха саарына – Ариан Игнатьев

Биһиги бииргэ үөскээбит дьоммутутуттан олох оҕо эрдэҕиттэн биһигини бары өттүнэн баһыйар, баһылаан-көһүлээн сылдьар киһибитинэн Ариан Игнатьев буолара.

Кыра оҕо сааспыт Бордоҥҥо, Марба күөлүн тула ааспыта. Онно Ариан хамаандатыгар Уаров Саша, Иванов Вася, бырааттыы Тимофеевтар уонна мин баар этибит. Хамандьыырбыт кыранан аҕа, күүстээх, бөдөҥ уҥуохтаах буолан, олох өрө көрө да соруммат этибит. Хата, киһибит бэрт сымнаҕас, аһыныгас, сиэрдээх-майгылаах буолан, олус табыллыбыппыт. Тоҕо эрэ кинини Баттах диэн хос ааттаабыттар этэ. Ол аатыттан өһүргэммэтэ, иккис аатын курдук ылынара.

Биһигини барыбытын элбэхтик туһуннарар, сүүрүүгэ күрэхтэһиннэрэр буолара, сороҕор охсуһуннартыыр да этэ. Охсуһан мочоохтоһон эрдэхпитинэ сөбүн көрөн тохтоторо, охсуһуу кэмигэр быраабыланы тутуһарга, уоран охсубат буоларга үөрэтэрэ. Онон тулуурдаах, куттаһа суох, эр киһи буолуу бастакы оскуолатын олох быыкаайык сылдьан Ариан салалтатынан барбыт эбиппит.

Алта саастаахпар дьоммун кытта Бүлүүчээҥҥэ көспүппүт. Онон уһук сиргэ олорор буолан, Арианныын балачча уһун кэмҥэ арахсыбыппыт. Ол эрэн хамандыырбын куруук саныырым, ахтар да курдугум. Иккис кылааһы бүтэрэ сылдьар сайыммар дьоммун кытта Кириэстээххэ хас да хоммуппут. Онно Ариан баара, син биир бэйэтин саастыылаахтарын баһылыы-көһүлүү сылдьара. Хата, мин хамандыыр атаһа буолан, олус бэркэ сылдьыбытым, оонньоспутум, адъютант курдук буолбутум. Олохтоох уолаттар тургутан көрбөтөхтөрө, ол эмиэ туһугар улахан үөрүү этэ буоллаҕа.

Ариан аҕата Иван Захарович уонна мин аҕам Игнатий Яковлевич олус чугас доҕордуулар этэ, араас анекдоттара да элбэҕэ. 1962 с. сайын биһиги оскуола хамаандата оройуоҥҥа туризм күрэҕэр бастаабыппыт уонна өрөспүүбүлүкэҕэ күрэхтэһэ бараары Тойбохойго сүүмэрдээһини ааспыппыт. Хата, аатырбыт Тойбохой ыһыаҕар сылдьар буолбуппут. Аны Бүлүүчээнтэн аҕам ыһыахтыы кэлбитэ, кэһии аҕалбыта. Аҕам атаһыгар Иван Захаровичка түспүтэ, онно кыра соҕустук водка испиттэр этэ. Онтон эбинэр санаа киирэн кэлбит. Иван Захарович: “Кэргэним Катя умуһахха заначкалаах, ону таһаарыам”, – диэт, умуһахтан бытыылка аҥаара водканы кылабачытан таһааран үрүүмкэлэригэр куппут. Иккиэн үөрэ-көтө охсуһуннаран баран түһэрэн кэбиспиттэрэ скипидар буолан биэрбит. Инньэ гынан иккиэн кыайан ыһыахха киирбэккэ үүтүнэн эмтэнэ сыппыттар этэ. Куһаҕан үчүгэйдээх дииллэринии, хата, аҕам гастрита үтүөрэн хаалбыта уонна олох кырдьыар диэри куртаҕа моһуоктаабатаҕа. Кэнники «Здоровье» сурунаалга аахпытым: гастриты, язваны ууга скипидар хааппылаларын суурайан иһэрдэн эмтииллэр диэн суруйбуттар этэ. Биһиги аҕабыт ол аата иккистээн күөдьүйбэт гына ударнай дозанан эмтэммит.

1964 с. күһүөрү кыһын ийэбит Дьокуускай куоракка эпэрээссийэлэнэ барбыта. Ол кэмҥэ Тойбохойтон Иван Захарович тиийэн кэлэн хас да хоммута. Таайбыт Чөҥкөлө оҕонньор элбэх баҕайы тууһаммыт быйыты бэрсибитэ, мундирдаах хортуоппуйу кытта сииргэ олус минньигэс этэ. Иван Захарович уонна аҕабыт киэһэ аайы балыгынан сокуускалаан кыратык арыгы иһэллэрэ уонна олус иэйэн-куойан туран кэпсэтэллэрэ. Истэргэ олус интэриэһинэй буолара, ол иһин олох аттыларыгар олорон арахпакка истэрим. Быраатым Ваня үс саастаах этэ, Иван Захарович бөдөҥүн-садаҥын көрө сөҕөн «Тойбохой бухатыыра» диэн ааттаабыта. Кэнники ийэм Иван Захарович кэргэнигэр Кэтэриинэҕэ: «Биһиги Ванябыт Иван Захаровиһы Тойбохой бухатыыра диэн ааттаабыт», – диэбитигэр: «Оо, нокойум, төһө эрэ аһаан-сиэн кимирийдэ, үс саастаах оҕо аат быһыар диэри», – диэн күлбүт үһү.

1969 с. сайын морфлокка сулууспалыы сылдьан уоппускаҕа кэлэн Сунтаар ыһыаҕар сылдьыбытым. Онно Арианы көрсүбүтүм. Кини хапсаҕайга тустан абсолютнай чөмпүйүөн буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыарахан ыйааһыҥҥа көҥүл тустууга, хапсаҕайга хастыыта да чөмпүйүөннээбит, Уһук Илиҥҥэ, Илин Сибииргэ призердаабыт аатырбыт тустуугу, хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга успуорт маастара Виктор Михайловы, хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ абсолютнай чөмпүйүөнүн, хапсаҕайга успуорт маастара Лука Ивановы, өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга чөмпүйүөнүн, көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга успуорт маастара Анатолий Амбросьевы кыайталаабыта. Ол туһугар эмиэ улахан өрөгөй этэ. Ыһыах хонуутугар түһүлгэ тэрийэ охсоннор Иван Захарович уонна мин аҕам малааһын оҥорбуттара. Онно мин эмиэ уос-тиис салаһан турардаахпын. Ариан 176 см үрдүктээх, 87 кг ыйааһыннаах дьиҥнээх дуулаҕа бөҕөс көрүҥнэммит этэ. Ити сыл Ариан үрдүк үөрэххэ туттарсар буолан өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга чөмпүйэнээтигэр кыайан кыттыбатаҕа. Кэнники Волгоград Үрдүкү силиэстийэлиир оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан самбоҕа маастарга кандидат, Волгоград 87 киилэҕэ чөмпүйүөнэ буолбут диэн истибитим.

Мин 1975 с. Харьковтааҕы юридическай институту бүтэрэн Таатта орйуонун ИДьУо силиэдэбэтэлинэн ананан үлэлээбитим. Ол сыл Ариан биэс хаайыыттан күрээбит толору сэбилэммит бандьыыттары тутууга хорсун быһыыны оҥорон турар уонна Бойобуой Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта. Кини наҕараадатын Москва куоракка ССРС Ис дьыалаҕа миниистирин Николай Анисимович Щелоков илиититтэн ылбыта. Ариан туһунан киин тэлэбиидэнньэҕэ, хаһыаттарга сырдаппыттара. Саха дьоно бары да олус үөрбүппүт, киэн туттубуппут.  Ол саҕана наҕарааданы ыарахан соҕустук биэрэллэрэ, билиҥҥи кэм эбитэ буоллар, Дьоруой аатын биэриэ этилэр дии саныыбын. Оҥорбут хорсун быһыыта онно эппиэттиир.

Ариан Ивановиһы ити кэнниттэн ИДьМ аппараатыгар зонатааҕы силиэдэбэтэлинэн көһөрбүттэрэ. Мин кураторым буолан Тааттаҕа бэрэбиэркэҕэ тахса сылдьыбыта. Биһиги дьиэ кэргэн олус үөрбүппүт, бары олус чугастык саныыр киһибит буоллаҕа. Мин сулууспалыы сырыттахпына Бүлүүчээн отделениетыгар тахсан суоппарынан үлэлиир кэмигэр мин дьоммор олоро сылдьыбыт этэ. Быраатым Ваняны ол үлэлиир кэмигэр массыынаҕа олордон элбэхтик хатааһылаппыт эбит. Таатталар Арианы олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, хас да көрсүһүүнү тэрийбиттэрэ.

Мин Дьокуускайга киирдэхпинэ сороҕор кинилэргэ түһэрим. Элбэхтик кэпсэтэр, сороҕор мөккүһэр этибит. Онно Ариан профессионал быһыытынан чахчы үрдүк таһымнааҕын, интеллегэ күүстээҕин итэҕэйбитим. Үлэтигэр олус түргэн-тарҕан, быһаарыгас, дьыалаларын соһо-сыһа сылдьыбат идэлээҕэ. Салайааччы быһыытынан, төһө да чугас сыһыаннаахпыт иһин, кытаанахтык ирдиирэ, сороҕор күүскэ сэмэлиирэ даҕаны. Ариан сахалыы киэҥ көҕүстээх, ис туруга сымнаҕас, табаарыстарыгар бэриниилээх, юмордаах, сытыы өйдөөх киһи этэ. Ардыгар киһини хаадьылыыр идэлээҕэ, ону сорохтор таба өйдөөбөккө өһүргэнэр түбэлтэлэрэ да баара.

Онтон мин норуот хаһаайыстыбатыгар юриһынан үлэлии көспүтүм. Салгыы судьуйанан талыллыбытым. Онон Саха сирин кытыы сирдэринэн үлэлээбит буолан көрсүһэрбит аҕыйаабыта. Ариан кэнники прокуратураҕа көспүтүн кэннэ хам-түм көрсөн кэпсэтэр этибит, уруккубутун-хойуккубутун ырытыһан сүрдээҕин астынан арахсарбыт.

Түмүктээн эттэххэ Ариан Иванович Саха сирин быраабы харыстыыр уорганнарын үлэһиттэриттэн омугун дорҕоонноохтук ааттаппыт биир бастыҥ киһибит буолар. Дьүһүннүүн-бодолуун, уҥуохтуун-арҕастыын, майгылыын-сигилилиин дьиҥнээх саха саарына. Төһө да уһуннук тутар-хабар уорганнарга үлэлээтэр, ис туруга алдьамматаҕа, кырыктамматаҕа, аһыныгас, сиэрдээх санаата уларыйбатаҕа итини толору туоһулуур. Онон олохторун араас уустук кэмигэр дьылҕаларын Ариан Иванович быһаарбыт дьоно олох хом санаата суох буолуохтаахтар диэн итэҕэйэбин. Юрист да, киһи да быһыытынан олохпор Ариан Ивановиһы кытта чугастык алтыспыппынан, билсибиппинэн олус астынабын.

 

Игорь НИКОЛАЕВ, СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ,

Таатта уонна Сунтаар улуустарын бочуоттаах гражданина,

СӨ үтүөлээх юриһа.

Читайте дальше