Билигин дьон-сэргэ ортотугар бэйэбит айылҕабытыттан доруобуйаҕа туһалаах үүнээйилэри билии-көрүү, үөрэтии, хомуйан туһаныы күүскэ бара турар. Хас биирдии үүнээйи ураты, ыллыҥ да туһанан киирэн барбаккын. Сөпкө хомуйууттан саҕалаан, харайыытыгар, иһэр, бистэр, туһанар кээмэйин чопчу билэр ирдэнэр. Эмтээх оту истиҥ да үтүөрэ охсубаккын. От эмп арыый бытааннык ол эрэн олохтоохтук эмтиир, ону өйдүөххэ наада.
Бу күннэргэ биһиги, сунтаардар биир дойдулаахпыт Семен Григорьев-Алгыс От баай ис хоһоонноох кинигэни бэлэмнээн таһаарда. Кинигэ «Народная медицина якутов Вилюйского округа» диэн ааттаах. Билигин да актуальнай уонна олус интэриэһинэй туһалаах сүбэлэр, ньымалар бааллар. Урукку өттүгэр балары учуонайдар эрэ ааҕан туһанар кыахтаахтара. Семен Карлович кинигэ туһунан маннык билиһиннэрдэ:
– Уһун кэмҥэ иитиэхтээбит биир баҕа санаабын олоххо киллэрдим. Дьокуускай куоракка, бүгүҥҥү сайыҥҥы куйаас киэһэ типографияттан буруолуу сылдьар бэлэмнээн таһаарбыт кинигэлэрбин илиибэр туттум.
Саха норуотун эмтэнэр ньымаларын, эмтээх отторун элбэх чинчийээччилэр үөрэппиттэрэ. Олортон биирдэстэрэ, умнууга хаалбыт саха норуотун уһулуччулаах уола, Амма бааһынайдарыттан төрүттээх, П. Сокольников кэнниттэн сахалартан иккис үрдүк медицинскэй үөрэхтээх Бушков Пантелеймон Митрофанович буолар. Бу киһи Томскайдааҕы медицинскэй университеты бүтэриэҕиттэн үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, саха норуотугар үөрэтэр-сырдатар үлэни күүскэ ыыппыт уонна баара-суоҕа 44 сааһыгар олохтон барбыт. Билиитэ-көрүүтэ бэрт буолан наар былдьаһыкка сылдьыбыт, сахалыы олус үчүгэйдик саҥарарын уонна киэҥ билиилээҕин иһин, улуустар наар былдьаһаннар көрдөһүү бөҕөтүн суруйар эбиттэр. Ону архыып докумуоннара туоһулууллар. Историктар салҕыы үөрэтиэхтэрэ дии саныыбын. Бушков доруобуйа харыстабылын наркомата диэн туспа тэриллэ да илигинэ бу эйгэни эмиэ салайбыт. Ол эрээри бу туһунан ханна да суруллубат. Ол иһин кинигэм киирии тылыгар «незаслуженно забытый» диэн суруйдум…
Кинигэ 500 ахсаанынан (112 стр.) бу «Алгыс От» түмсүүбүт көмөтүнэн күн сирин көрдө. Урукку өттүгэр Бушков үлэлэрин биирдиилээн учуонайдар эрэ ааҕан туһаммыт буоллахтарына, билигин саха норуота барыта ааҕар кыахтанна. Бу кинигэни бэлэмнээн таһаарарбар наставнигым медицинскэй наука кандидата, фитотерапевт Татьяна Семеновна Неустроева сүбэ-ама буолан, олус көмөлөстө. Онон киниэхэ махтанабын.
Уһун кыһыны быһа сороҕун сахалыы былыргы латиницаттан бэчээттээн элбэх бириэмэм, сырам барбыта. Ол түмүгүн илиигэ тутан олорор саҕа үрдүк үөрүү суох эбит. Биир үтүө киһи аатын үйэтипиппиттэн, саха норуотун эмтэнэр ньымаларын үөрэтиигэ сэмэй кылааппын киллэрсэ сылдьарбыттан бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын.
Кинигэни атыылаһыан баҕалаахтар Семен Карловичка 89142801426 төлөппүөнүнэн бассааптыаххытын сөп. Кинигэ баара-суоҕа 500 ахсаанынан тахсан улахан аҥаара улуустарга барыахтаах. Дьокуускайга 200-чэкэ курдук хаалыахтаах. Билигин номнуо 150 эрэ устуука хаалбыт уонна ханна да атыыга тахсыбат. Сунтаарга биһиги эрэдээксийэбитигэр атыыга кэлиэхтээх, үлэ кэмигэр 22-3-32 нүөмэргэ билсиэххитин сөп.
Ааптар: Юлия-Айархаана Алексеева