Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев Билии күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Билии күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Балаҕан ыйын 1 күнэ – бары ахтар-саныыр оскуолатааҕы уонна устудьуоннаабыт кэрэ кэмнэрбитин кэрэһилиир уопсай бырааһынньыкпыт. Учуутал хас биирдии оҕону олоххо бэлэмниир, кини инники ситиһиилэрин түстүүр, билии киэҥ эйгэтигэр сиэтэн киллэрэр. Онтон салгыы үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дьикти арыйыыларынан, чаҕылхай түгэннэринэн, умнуллубат көрсүһүүлэринэн баай билиини-көрүүнү кэҥэтэр айаннара салҕанар.

Бүгүн Саха сирин 15 650 кырачааныгар маҥнайгы чуораан чугдаарыаҕа, кинилэр аан бастаан маҥнайгы учууталларын кытта долгуйа көрсүөхтэрэ. 11 кылааска тахсыбыт 8 тыһыынча үөрэнээччигэ түмүктүүр тургутууларга бэлэмнэнэр эппиэттээх кэм тиийэн кэллэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн идэтийбит орто үөрэх тэрилтэлэрин бастакы кууруһун 6,7 тыһыынча уонна үрдүк үөрэх кыһаларын 6 тыһыынча устудьуона талан ылбыт идэлэрин баһылыырга бастакы хардыыны оҥоруохтара.

Өрөспүүбүлүкэҕэ хас биирдии оҕо ханна олороруттан, хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэриттэн тутулуга суох хаачыстыбалаах үөрэҕи ыларыгар дьоһун үлэ-хамнас ыытыллар. Онуоха үөрэх инфраструктуратын сайыннарарга күүрээннээх үлэ тэрилиннэ. Ол курдук, 2018 сылтан 51 саҥа оскуола уонна 70 оҕо уһуйаана аанын тэлэччи арыйда, 57 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Сыл бүтүөр диэри 16 саҥа оскуоланы уонна 6 оҕо уһуйаанын тутан үлэҕэ киллэриэхпит.

Бүгүн оскуола оҕолоро “Үүнүү точката” сыыппара уонна гуманитарнай хайысхалаах 383 Үөрэх киинигэр дьарыктаналлар. 346 оскуолаҕа сыыппара үөрэҕин эйгэтэ тэрилиннэ. Инникитин даҕаны бу тэтиммитин ыһыктыахпыт суоҕа.

Быйылгыттан 25 колледжка биэс сыллаах саҥардыы бырагыраамата үлэлиэ. Экэниэмикэ сүрүн хайысхаларынан каадырдары бэлэмниир мастарыскыайдары аныгы тэрилинэн хааччыйыы ыытыллар. Билигин номнуо 55 мастарыскыай тэриллэн үлэлиир.

Бу уларыта тутуулар үүнэр көлүөнэ бары өттүнэн сайдарыгар усулуобуйаны тэрийэллэрэ улахан суолталаах. Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, Саха сиригэр Үлэ сылыгар биһиги билиибитин уонна сатабылбытын, дириҥ өйбүтүн уонна эдэрдии эрчиммитин түмэн ситиһиилээхтик үөрэниэхпит уонна таһаарыылаахтык үлэлиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.

Күндү үөрэнээччилэр, устудьуоннар! Үөрэниҥ, саҥаны билиҥ, кэрэҕэ дьулуһуҥ, дьоҕургутун, талааҥҥытын арыйыҥ. Үчүгэй үөрэҕэ, ылбыт билиини туһанар кыаҕа, духуобунай, култуурунай үгэстэргэ ытыктабыллаах сыһыана суох туруоруммут сыалы ситиһэр сатамматын умнумаҥ.

Ис сүрэхпиттэн Билии күнүнэн эҕэрдэлиибин! Эйэлээх олоҕу, эрчими уонна баҕа санаа туолуутун, саҥа ситиһиилэри уонна кыайыылары, кытаанах доруобуйаны уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.

Читайте дальше