Сааскы суол-иис, полигон

 Саас халлааммыт ириэрэн, кылгас кэминэн бу аҕыйах да хонукка түспүт баһаам хаарбыт түргэнник ууллуо. Ону кытта кыһыны быһа саһа сыппыт бөхпүт-сыыспыт тахсыа турдаҕа. Ол курдук, нэһилиэкпит сыбаалкатын боппуруоһугар уонна муус устар кэмигэр Бүлүү эбэбитин туоруур сырыы хайдах буолуоҕун билсэ Сунтаар улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччы Николай Александровтуун сэһэргэстибит: 

– Тулалыыр эйгэбит ыраас буоларын туһугар хас биирдиибит кыһаллыахтаах. Ааспыт сылларга улууспутугар бөҕү тиэйиигэ-таһыыга  кэккэ кыһалҕалаах олорбуппут. Оттон ааспыт сылтан олохтоох ЖКС тэрилтэтэ ылсыаҕыттан үлэ-хамнас бэрээдэктэннэ. Нэһилиэкпитигэр баар Сунтаарбыт сыбаалката элбэх көрүүнү-истиини эрэйэр. Ирдэбил быһыытынан сыбаалка миэстэтэ көһүөхтээх. “Тураҕас саҥата” аэропортан 15 км сиргэ киирэр буолан сөмөлүөт көтөрүгэр мэһэйдиир диэн надзорнай ирдэбили туруораннар, Аллыҥа диэкки баар федеральнай трассаттан киириигэ сири көрө сылдьабыт. Дьон-сэргэ өйдүөх тустаах, бу судаарыстыба ирдэбилигэр сокуоҥҥа толору эппиэттиир курдук үлэни оҥорорго былаанныыбыт. Аныгы олох ирдэбилинэн сыбаалка диэн буолбакка – полигон дэнэр. Инники өттүгэр үп-харчы көрдөрөр курдук үчүгэй бырайыак оҥорон күрэстэргэ кыттыахпыт диэн былаанныыбыт. Оттон билиҥҥи сыбаалкабытыгар көрүү-харайыы үлэтэ барар. Билэргит курдук, единэй оператор Сунтаарбыт улууһугар үлэлии турар. Бу тэрилтэ нэдиэлэ ахсын сыбаалканы  бульдозерынан астаран, чөкөтөн биэрэр. Саас бүтүүтэ, халлаан сылыйдаҕына олбуорданыахтаах, будка туруохтаах уонна бөх-сах тахсарын учуоттуур сыалтан харабынай баар буолуо. Маны сэргэ, биир үтүө сонуммут диэн, улууспут баһылыга Анатолий Васильевич көҕүлээһининэн бөх таһар саҥа массыынаны атыыластыбыт. Бу күннэргэ тиийэн кэлиэхтээх уонна үлэтин саҕалыахтаах.  

Иккис тыын боппуруоспут муус хаайар кэмигэр хивус уонна аэробот сылдьарын хааччыйыахтаахпыт. Билигин аэробот өрөмүөнүн, күүһүрдэн биэрии үлэтэ бүтэн эрэр, хивус лопастара соҕурууттан оҥоһуллан  кэлбит буолан, эрдэттэн дьаһанан, билигин оҥоро сылдьаллар. Суол сабылыннаҕына дьон-сэргэ суолга хааччахтамматын курдук үлэ барыа. 

Алена ИВАНОВА 

Читайте дальше