Улууһум хаһыатыгар үлэлии сылдьыбыт кэмнэрбэр дойдум дьонугар булт сонунун, сокуоннарга, булт быраабылатыгар туох уларыйыылар киирбиттэрин өрүү туоһулаһан сырдатар буоларым. Бэйэм айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай инспектора буоларым да быһыытынан булт туһунан ону-маны сураһыахпын, туох уларыйыылар киирбиттэрин билэ таарыйа өрүү сэргэхтик үөрэ көрсөр улууспут Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччытын Николаев Сергей Макаровиһы кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтэргэ сананным.
– Сергей Макарович, быйыл сааскы кустааһын уратылардаах буолбутун истэбин, маны сырдат эрэ, чопчу туох уларыйыылар киирдилэр?
– Былырыыҥҥытааҕар болдьоҕо уратылардаах буолла, ол курдук иитиэх тыһы ыҥырар куһунан (подсадная утка) атыыр кустары бултааһын муус устар 25 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри болдьохтонно. Подсадной куһунан бултуурга биир подсаднойга икки булчуттан ордуо суохтаах диэн ирдэбил баарын санатабын. Атыыр куһу уонна хааһы бултааһын ыам 11 күнүттэн ыам ыйын 20-гэр диэри болдьохтонно, итиннэ уларыйыы тахсыбата. Итини таһынан биир саҥа киллэрии киирдэ, ол курдук андыны бултааһыны эмиэ көҥүллээтилэр, бэс ыйын 1 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри.
– Үгүс сааланар дьон кустуур болдьохпут олус уһаата, туох да омуна суох ыһыахха диэри кустааһын буолар буолла диэхпитин баҕарабыт, онуоха эбии анды биһиги улуус күөллэригэр түспэтин, таарыйбатын билэбит, сааһы быһа кустаан куспутугар улахан хоромньу тахсаарай диэн санаа эмиэ үөскүүр. Маны эн туох дии саныыгын?
– Ханнык баҕарар бултааһын болдьоҕун уһуна бултанар кыылга да, көтөргө да хоромньулаах буолара саарбахтаммат. Булчут барыта чиэһинэй, быраабыланы тутуһар диир эмиэ тутах курдук. Тоҕо диэтэххэ, биһиги улууска бэрэбиэркэлэр түмүктэринэн биирдиилээн быраканьыардааһын, булт быраабылатын кэһии, хомойуох иһин, сыл аайы тахса турар, сороҕор улахан хоромньуну оҥорбуттар эмиэ баар буолааччылар. Билигин иитиэх куһу булчут хантан баҕарар булуон сөп. Онон кустааһын болдьоҕо хара кэлиэҕиттэн сымыыттыар диэри уһун буолар буолла. Ол гынан баран, бултааһыҥҥа элбэх ирдэбиллэр бааллар, холобур, биир булчут нуорма быһыытынан сааскы болдьоххо (сезоҥҥа) 30 атыыр кустан, 7 хаастан уонна 10 андыттан элбэҕи бултуо суохтаах. Сааһы быһа булчут күөлгэ сыппата чуолкай, бөһүөлэккэ киирэр-тахсар, кэлэр-барар. Бултуур сириттэн тахсан айанныырыгар булт көҥүлүн (разрешениетын) кэннин булгуччу төһөнү бултаабытын толоро сылдьыахтаах. Булчут кустаах эрээри көҥүлүн (разрешениетын) кэннин толорботох буоллаҕына, булт быраабылатын кэһии буолар, онон булчут административнай эппиэккэ тардыллыан сөп. Булчут ирдэбил быһыытынан наар атыыр куһу талан бултаһар буоллаҕына уонна бэриллибит нуорматын тутустаҕына улахан хоромньу тахсыбат диир оруннаах. Биһиги, олохтоох дьон, булка сыһыаммытын учуоттаан Булт сокуонугар кыралаан уларыйыылар киирэ тураллар. Сааскы кустааһын болдьоҕо уһун буоларыгар сөпсөспөт дьону кытта сөбүлэһэбин. Ол төрүөтүнэн буолар, ыам ыйын бүтэһик күннэриттэн бэс ыйын саҕаланыытыттан күн-дьыл сылыйбытынан барар, ойуурга улахан баһаардар турар кэмнэрэ саҕаланар. Ити кэмҥэ үгүс киһи тыаҕа өссө да кустуу, андылыы сылдьаллара улахан ойуур баһаардара туралларыгар төрүөтүнэн буолуон сөбүн өйдүүрбүт тоҕоостоох.
– Быйыл сааскы кустааһын болдьоҕо уһунун көрдөххө собобут саҥа ыы тахсарыгар эмиэ түбэһэр, балыктыыр дьон эмиэ баар буолуохтара, саха киһитэ буоларбыт быһыытынан балыкпытын амсайыахпытын эмиэ сокуон быһа түһэн атахтыыр. Дьэ, ити эмиэ хайдах эрэ киһи өйдөөбөт дьыалата, төрүт олохтоох эрээрибин иннибэр оргуйа сылдьар балыктан илимнээн сиэбэтим.
– Саха сиригэр балык сааскы ыамын кэмигэр бобуллааһынын болдьоҕо ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри. Балыктааһын быраабылатыгар уларыйыы киирдэҕинэ эрэ ыамын болдьоҕун көннөрүөхтэрин, эбэтэр сыҕарытыахтарын сөп. Хайа баҕарар быраабыла, сокуоннар даҕаны уларыйыылара, алларааттан (норуоттан) этиилэр киириилэригэр олоҕуран оҥоһуллаллар. Итиннэ үлэлэһиллиэхтээх дии саныыбын. Манна диэн эттэххэ, саха киһитэ, ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһи, устар сайыны быһа оттуур, күһүнүн кыстыгар бэлэмнэнэр, кыһын тымныыга балыктаабата чуолкай. Саха дьоно үксэ собо саас бастаан тахсар эрэ бириэмэтигэр, сонуҥҥа, ону даҕаны ахсааннаах киһи илимнээн амсайаллар, онон хоромньу тахсарын курдук собону эһэ балыктааһын суох. Булчуттар, балыксыттар бэйэлэрин санааларын этинэллэрин тэрийиллиэхтээх. Бултааһыҥҥа сыһыаннаах этиилэри түмэн улуустааҕы булчуттар түмсүүлэрин кытта бииргэ үлэлэһиэхтээхтэр дии саныыбын. Нэһилиэнньэ, дьон туруорсуутун олоххо киллэрэргэ, сокуону уларытыһарга, араас таһымнаах дьокутааттар бааллар, олор норуот туһугар мэктиэ тылларын биэрэн үлэлииллэр. Өссө биири санатар буоллахха, балыксыт балык ыамын болдьоҕуттан ураты кэмҥэ икки илиминэн, хараҕа сөп түбэһэринэн балыктыан сөп. Бултуур илимнэрэ бииркэлээх, регистрацияламмыт буолуохтаах. Интэриниэт нөҥүө балыктыыр тэриллэргэ: муҥхаҕа, илимнэргэ, о.д.а. балыктааһын быраабылатыгар сөп түбэһэллэри, регистрацияламмыттарын туоһулуур бииркэлэрин Саха сиринээҕи Росрыболовство тэрилтэтиттэн босхо ылыахха сөп.
– Эһиги балыктааһыны хонтуруоллуур тэрилтэ буолбатаххытын билэбин, ол да буоллар, олус наадалаах сүбэҥ, бултааһын туһунан кэпсээниҥ иһин махтанабын. Улууһуҥ дьонугар-сэргэтигэр тугу туһаайан этиэҥ этэй?
– Хаһыат ааҕааччыларын, булчуттары саас кэлэн иһэринэн, сааскы кустааһын болдьоҕо чугаһаабытынан эҕэрдэлиибин. Кэлэр сайын, космомониторинг ыытан, кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэриилэринэн биһиги диэки кураан сайын буолара кэтэһиллэр. Итиннэ олоҕуран тыаҕа сылдьааччылар, чуолаан булчуттар, ойуур баһаара турбатын курдук, сэрэнэн сылдьалларыгар сүбэлиибин.
– Эрдэ эйигин көрсөрбөр биһиги улууска соторутааҕыта баһаары умуруорар этэрээт тэриллибитин кэпсээбитиҥ, баһылыкпыт Анатолий Васильевич ити өрүккэ үгүс үлэни ыыта сылдьар диэн ахтан аһарбытыҥ. Онон улууспутугар, нэһилиэктэргэ кэмигэр сөптөөх дьаһаллар ылыллан, ойуур баһаарыттан көмүскэнэргэ толору бэлэмнээх көрсүөхпүт диэн эрэнэбин. Ситиһиилээх үлэни баҕарабын.
Борис НИКОЛАЕВ,
айылҕа харыстабылын уопсастыбанньыга.