Саахарнай диабет билиҥҥи кэмҥэ өрө турбут ыарыынан биллэр. Аан дойду үрдүнэн саахарнай диабетынан, ордук 2-с тииптээх саахарнайдаахтар суоттарыгар, 540 мөлүйүөн киһи ыалдьар. Эпидемиологтар сабаҕалаан көрөллөрүнэн, 2030 сылга сахарнай диабеттан эмсэҕэлиир дьон ахсаана 643 мөлүйүөҥҥэ тиийиэҕэ.

Саахарнай диабет кэлиҥҥи кэмҥэ саамай кылаабынай медико-социальнай кыһалҕанан буолла. Холобур, Арассыыйа үрдүнэн 4 мөлүйүөн 900 тыһыынча киһи, Саха сиригэр 25 тыһыынча кэриҥэ киһи, Сунтаар улууһугар 500 тахса киһи ыалдьар.

Кэлин диабет бэргээн истэҕин аайы, ыарыһах киһи көрбөт, бүөрдэрэ сүһүрэн аккаастыан, тымырдара кэбирээн инфаркт миокарда, инсульт буолуон сөп.

Саахарнай диабет диэн ноор былчаххайдарыгар оҥоһуллар инсулин гормон тиийбэтиттэн, эбэтэр инсулин гормон кыайан үлэтин толорботуттан киһи хааныгар саахар үрдээһиниттэн (>7,2 ммоль/л сарсыардааҥы аччык искэр, >11 ммоль/л аһаан баран 2 чаас ааспытын кэннэ) үөскүүр хроническай ыарыы. Саахарнай диабет 4 сүрүн көрүҥэ биллэр: 1 тииптээх сахарнай диабет, 2 тииптээх диабет, хат дьахтар ыалдьар диабета уонна саахарнай диабет атын көрүҥнэрэ.

2-с тииптээх диабетынан сүрүннээн 40 саастарын ааспыт олус уойар дьон ыалдьаллар. Саахарный диабет 2-с тиибин сайдар кутталынан уойуу, аҕыйахтык хамсаныы, диетаны кэһии (түргэн, чэпчэки, углеводтары уонна клетчатканы аҕыйахта аһааһын суотугар), сааһырыы, стресс буолаллар. Ыарыы бу көрүҥэ утумунан бэриллиэн сөп.

1-кы тииптээх саахарнай диабетынан оҕолор, 30-гар диэри эдэр дьон ыалдьаллар. Оҕолор вируснай инфекция кэнниттэн сыстараллар (корь, краснуха, эпидемическай паротит, ГРИПП).

Саахарнай диабет чаастатык биллэр симптомнара: айах кууруута, утатыы, элбэхтик ууну иһии, элбэхтэ ииктээһин, тириилэрэ кыһыйар, эттэрэ бааһырар, ыйааһыннара түһэр 1-кы тииптээхтэр, 2-с тииптээхтэр уойаллар, харахтара мөлтүөн, сүрэхтэрэ ыалдьыан сөп, күүстэрэ-уохтара эстэр, утуйуохтарын баҕараллар.

Диабеттаах дьон олохторун устата диетаны тутуһуохтаахтар, элбэхтик хамнаныахтаахтар, саахар түһэрэр эмтэри иһиэхтээхтэр уонна инсулин укуолун оҥостуохтаахтар. Маннык ыарыһахтар 9 нүөмэрдээх эмтээх остуолу тутуһуохтаахтар, күҥҥэ 5-6 төгүл уонна биир бириэмэҕэ аһыахтаахтар, сөптөөхтүк хамнаныахтаахтар (хаамыы 30-40 мүнүүтэ күн аайы, кыратык сүүрүөххэ, харбыахха да сөп). Аҥаардас бу ньыымалары тутуһан диабетынан ыалдьар киһи хааныгар саахарын таһымын 6,0-8,0 ммоль/л тутуон сөп.

Саахарнай диабетынан ыалдьар ыарыһахтар эмтээх диетаттан ураты, быраас анаабытынан, саахары түһэрэр эмтэри иһиэхтээхтэр. Холобур, аныгы препараттары (амарил, амарил М, галвус, галвус Мет, янувия, форсига, випидия, глюкофаж, сиофор уо. д. а.), саҥа инсулин препараттарын оҥостуохтаахтар (соликва, лантус, апидра, левемир, новорапид уонна хумалог).

Саахарнай диабетынан ыалдьар дьон куруук кэтээн көрүүгэ уонна эмтэниигэ наадыйар. Үчүгэйдик эмтэннэхтэринэ бу ыарыы содула кыра буолар, диабеттаах дьон кэргэннэнэллэр, оҕолоноллор, идэлэринэн үөрэнэллэр, үлэлииллэр.

Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!

Степан ТИХОНОВ, Сунтаардааҕы киин балыыһа эндокринолог бырааһа

Читайте дальше