«Все болезни от стресса» диэн этиини билигин истибэтэх дьон суоҕа буолуо. Ол эрэн стресс хайаан да ыарыыга кубулуйар диэн буолбатах. Бу манна улахан оруолу киһи организма стресска хайдах эппиэттиирэ буолар. Стресс икки көрүҥнээх: эустресс — күүстээх санааны биэрэр стресс, киһиэхэ үчүгэй өттүттэн сабыдыала уонна дистресс — санааны баттыр, сэниэни былдьыыр дьайыыта.
Психосоматическай көстүү- диэн уйулҕа уонна эт-сиин биир ситимнээҕин туһунан буолар: “психо — душа” уонна “сома — тело”.
Бэлиэлэрэ:
Хам баттаммыт эмоция, санааҕа ылларыы хайа да вирустааҕар организмҥа охсуута куустээх буолар
Киһи уйулҕата кэһиллибит буоллаҕына, тирэҕэ-көмүскэлэ суох курдук буолар. Киһи өһургэммитин, кыыһырбытын, курус санааны бэйэтигэр тута сылдьар буоллаҕына, баар ыарыы күүһүрэр уонна сайдар.
Ыарыыга ылларбыт киһи араас эминэн эмтэнэ сатыыр да үтүөрбэт. Үксэ киһи бэйэтин уйулҕатын кэһиллибитин билбэтиттэн, ону ыарыытын кытта сибээстээх диэбэтиттэн, кыһалҕатын кыайан этиммэтиттэн тахсар.
Эмтэнии киһи бэйэтэ үтүөрүөн баҕарарыттан тутулуктаах:
• Бастатан туран, киһи бэйэтэ бэйэтигэр көмөлөһүөн баҕарыахтаах.
• Төһө да ыарахан буолтун иһин, ыарыытын биричиинэтин билэ сатыахтаах.
• Төһө кыалларынан бэйэҕэ болҕомто ууруохха, сынньаныахха, элбэхтик сибиэһэй салгыҥҥа сыалдьыахха наада.
• Сөбүлүүр дьыалаҕынан дьарыктанар туһалаах (онно йога, спорт араас көрүҥэ, сибэкки үүннэриитэ, тигии уонна да атын араас дьарык киирэр)
Ис туругу ырытар үгэс наада. Стресс төрүөтүн өһүлэр сыалтан чугас киһини кытары кэпсэтэн эбэтэр күннүк сурунар туһалаах.

Доруобай буолуҥ!

Алена ПАВЛОВА,

Сунтаардаа5ы психологическай киин социальнай педагога .

Читайте дальше