Профилактика отдела төрөппүттэрдиин ситимнээхтик үлэлиир

2022 сылтан Сунтаар улууһугар «Кэскил» сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин С.Г.Кривошапкин аатынан Сунтаардааҕы дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киини кытары холбоһон «Ыарахан быһыыга-майгыга түбэспит ыалы кытары сэрэтэр үлэҕэ улэлиир уонна арыаллыыр отделение» диэн ааттанан улэлээбитэ номнуо 2-с сылыгар барда. Сэбиэдиссэйинэн эдэр кэскиллээх салайааччы Марианна Босикова үлэлиир.

Исписэлиистэр сүрүн соруктара — дьиэ, оҕо быраабын көмүскээһин, ,дьиэ кэргэни харыстаан ыалы кытары үлэлээһин. Бу сыалы ситиһэргэ биэс араас хайысханан үлэ барар:, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор өттүлэриттэн бэрээдэги кэһии тахсыбатын туһугар сэрэтии; ыалга тахсар кыһалҕалары туоратарга; төрөппүттэр чөл олохтоох буолалларыгар дьиэ кэргэни арыаллааһын; өйдөтөр үлэ ыытыы , дьиэ кэргэни кытары үлэлэһии; оҕо олоҕор, оннун буларыгар көмөлөһүү буолар.

Дьиэ кэргэни кытта үлэҕэ исписэлиистэр социальнай-бытовой, психологическай, педагогическай, социальнай, правовой уонна суһал социальнай өҥөлөру онороллор.

Стационарнай отделенияҕа оҕо ханнык түгэҥҥэ киириэн сөбүй? ИДьО актатынан эбэтэр социальнай харысхал управлениетын хадатаайыстыбатынан. Өскөтүн, төрөппүт олоҕор ыарахан түгэни көрсүбүт буоллаҕына социальнай өҥөнөн уһаабыта 10 күҥҥэ киллэриэхтэрин эмиэ сөп.

Профилактика отдела бары уорганнары кытта ситимнээхтик үлэлиир. Бу күннэргэ Сунтаар улууһун профилактика уорганнара оскуолаларга профилактическай хабааннаах үлэлэри ыыталлар.

Профилактика отделын сэбиэдиссэйэ Марианна Босикова «Эппиэтинэстээх төрөппүт» диэн тиэмэни көтөҕөн кэпсиир, итиэннэ тэрилтэ үлэтин билиһиннэрэр. Ол курдук, төрөппүттэргэ, учууталларга анаан бэсиэдэлэр оскуолаларынан ыытыллар. Соторутааҕыта Сунтаар 1, 2, 3 №-дээх оскуолаларга, гуманитарнай гимназияҕа  профилактика отдела, төрөппүттэргэ бэсиэдэ аахта, ыйытыыларга хоруйдаата. Манна элбэх төрөппүт, учуутал кытынна.

 

Валентина АРХИПОВА

Читайте дальше