Сунтаар нэһилиэгэр Денис уонна Виктория Поповтарга күүтүүлээх иккис оҕолоро — уол оҕо күн сирин көрдө. Кырачаан киһини Давид диэн сүрэхтээтилэр, ыйааһына — 3.260 киилэ, уһуна 51 см.
Бэҕэһээ саҥа киһини улуустааҕы төрүүр дьиэттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьиэтигэр атаардылар. Улуустааҕы ЗАГС исписэлииһэ оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэни туттаран, кырачаан хайаан да үтүөкэн киһи буола улаатарыгар эрэлин биллэрдэ. Нэһилиэк, улуус баһылыктарын эҕэрдэ суруктарын, бэлэхтэрин кырачаан Давидка, кини ийэлээх аҕатыгар туттардылар. Оҕо бырааһа Мария Игнатьева уонна балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Нюргустана Тимофеева истиҥ эҕэрдэ тылларын этэн, бэлэхтэрин туттаран, кырачааҥҥа, ийэҕэ чэгиэн доруобуйаны баҕардылар.
Сунтаар оройуонун киин балыыһата