Үлэтинэн-хамнаһынан үгүс көлүөнэ дьон биһирэбилин, тапталын ылбыт «Партизан» култуура дьиэтэ үлэлээбитэ 75 сылын көрсө (2024 сыл ахсынньы 2 күнүгэр туолар) бэртээхэй кэнсиэри бэлэхтээтэ.
Ыытааччы Людмила Пустолякова этэринии, уруккку кэнсиэртэр быраабыла курдук тойугунан саҕаланаллара бу да сырыыга кэһиллибэтэ. Бэйэтин бириэмэтигэр киэҥ Европа көрөөччүлэрин умсугутан, сөхтөрөн атахтарыгар туруорбут Егор Тимофеев бу да сырыыга дьикти кэрэ кылыһаҕынан бар дьонун дууһаларын долгутта, абылаата буолуохтаах.
Салгыы ыытааччылар Айсен Федоров, Роман Амонов кэнсиэри сылбырҕатык салайан иилээн-саҕалаан ыытан бардылар.
Мин төһө да ырыаттан-тойуктан тэйиччи киһи буолларбын, кэнсиэрт туһунан бэйэм санааларбын кылгастык бэлиэтии түһэргэ сананным.
Бу киэһээҥҥи кэнсиэрт көрөөччүтэ, биллэн турар, орто, аҕам саастаах дьон буолла. Ол өссө бу быйылгы сыл улууспутугар Аҕам саастаах дьон сыла буоларынан ордук сөп түбэстэ курдук.
«Партизан» кулууба хайа күн тэриллиэҕиттэн төһөлөөх киһи ыллаан-туойан, дьону-сэргэни кэрэҕэ, үөрүүгэ-көтүүгэ кынаттаан кэлбитэ буолуой?.. Дьэ ол курдук, бу киэһээҥҥи кэнсиэри 86 саастаах Владимир Петров уонна 84 саастаах Мария Прокопьева бальнай үҥкүүлэрэ кими баҕарар сөхтөрдө буолуохтаах. Оттон кулууп урукку үлэһиттэрэ Галина Евсеева, Елизавета Копылова, Альбина Прокопьева о.д.а. ырыалара үгүс көрөөччү кутун тутуон тутта. Бу киэһэ ырыаһыт быһыытынан аата элбэхтик ааттаммыт Мария Софронова-Күөрэгэй Маарыйа ыччаттара Александр Лазарев, Евдокия Иванова ырыаһыт ийэлэрин аатын-суолун өссө үрдүккэ көтүттүлэр.
Бу киэһээҥҥи кэнсиэр арыйыытынан ырыаһыт Александр Васильев, дьикти эҥээркэй куоластаах кулууп худуоһунньуга Надежда Егорова ырыалара буолла дии санаатым. Бэртээхэй кэнсиэри киэҥник биллибит Сунтаар нэһилиэгин «Көҕүөр», «Өрөгөй», саҥа ырыа ансаамбыллара, о.д.а. ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
«Бартыһааттарбыт» кэнсиэртэрин көрөн баран, «кэрэни кэрэхсээҥ, кэрэҕэ сүгүрүйүҥ, кэрэттэн үөрүҥ, кэрэни биһирээҥ» диэтэхпит буоллун.
Борис НИКОЛАЕВ