Дойдуга бэриниилээх буолуу ыйын сабыллыытыгар Сунтаардааҕы И.С.Иванов аатынан 2-с №-дээх орто оскуолатыгар «Память» диэн историко-краеведческай хайысхалаах түмэл аһыллыыта буолла. Түмэли оскуола педагог-бибилэтиэкэрэ Светлана Федорова салайар. Дьоҕус түмэл оскуола үөрэнээччилэрин, учууталларын, үлэһиттэрин уонна «Абаҕа» ТОС олохтоохторун көмөлөрүнэн тэрилиннэ.
Түмэл үөрүүлээх аһыллыытыгар «Абаҕа» ТОС салайааччыта Зоя Кузьмина, үөрэҕирии салалтатыттан Анна Егорова, Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Константин Уаров, Бордоҥ орто оскуолатын дириэктэрэ Михаил Максимов күндү ыалдьыт буоллулар.
Түмэл экспозициятыгар учууталлар уонна үөрэнээччилэр күүстэринэн түмүллүбүт стендэлэр, экспонаттар уонна оскуола тэриллиитин кэпсиир архыып матырыйааллара киирдилэр. Ону таһынан эбии матырыйааллар хомуллан саҥа истиэндэлэр көрдөрүүгэ турдулар. Ол курдук, “Абаҕа” түөлбэҕэ 1950 с. саҕалаан 1990- с. диэри үлэлээбит тэрилтэлэр туһунан кэпсиир стендэ дьон болҕомтотун тарта.
Бу күн “Герои нашего времени” диэн стендэ арылынна. Манна байыаннай дьайыыга кыттыбыт Саха дьоруойдарын хаартыскалара, олохторун олуктара уонна наҕараадаларын туһунан иһитиннэрии, «Боотур» добровольческай этэрээт хаартыскалара баар. «Сунтарцы на защите Родины» диэн стендэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын, Сунтаар сэлиэнньэтигэр олорон ааспыт бэтэрээннэр хаартыскалара киирдэ.
Оскуола кэлэктиибэ «Абаҕа» ТОС салайааччытыгар Зоя Кузьминаҕа, СӨ сибээһин уонна транспорын үтүөлээх үлэһитигэр Галина Николаеваҕа, оскуола үөрэнээччилэригэр, төрөппүттэргэ чуолаан Анастасия Чолбодуковаҕа махталларын тиэрдэллэр.
Оскуола пресс-киинэ