Отчуокка дьон кэлиитэ көхтөөх

Дьаархаҥҥа

Улуус баһылыга Анатолий Григорьев салайааччылаах улуус дьаһалтатын 2023 с. ыыппыт үлэтин отчуоттуур бөлөх бүгүҥҥү үлэтин Дьаархан нэһилиэнньэтин кытта көрсүһүүттэн саҕалаата.
Отчуоту истэ, санаа үллэстэ, олохтоох култуура киинигэр үгүс дьон муһунна.
Анатолий Васильевич дакылаатын саҕалыан иннинэ нэһилиэктэргэ отчуоту истэ кэлэр дьон элбээбитин, сэргиир, сонургуур буолбуттара үчүгэйин бэлиэтээн эттэ.
Отчуоту истэн баран олохтоохтор мунаарар ыйытыыларын тустаах тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэригэр биэрдилэр.
Дьаархан дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Александр Васильев:
Дьаархаҥҥа КСК хаһан тутуллан бүтүөй? Нэһилиэк волейбол, баскетбол көрүҥнэригэр атын нэһилиэктэртэн лаппа хаалла.
Бу ыйытыыга Анатолий Григорьев маннык хоруйдаата:
Дьаархан КСК-ны тутуу «Үтүө дьыала» бырайыагынан барыахтаах. Бу туһунан тутуу министиэристибэтин кытта кэпсэтии барыа. Билиҥҥитэ улууспут дьокутаата Андрей Николаев бу боппуруоска үлэлии сылдьар.
Биир сүрүн кыһалҕанан үгүс дьон сытан эмтэнэр балыыһа суоҕун ыйдылар.
Ол курдук киин балыыһа бэрэстэбиитэлигэр маннык ыйытыыны биэрдилэр: «Сытан эмтэнэр балыыһата суохпутуттан олус хомойобут. Тойбохой балыыһата хаһан тутуллуой?» Киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Нюргуяна Тимофеева маннык хоруйдаата:
Тойбохой врачебнай амбулаторията модернизациялааһын бастакы бырагырааматыгар баар этэ. Кэлин уустук соҕус кэм буолан, үбүлээһинэ кыччаан биэрбитэ. Билиҥҥитэ Элгээйигэ врачебнай амбулатория тутуллар. Модернизация бырагыраамата уһуохтаах, Тойбохой амбулаториятын тутуу онно 1-кынан сылдьар. Бырайыага эҥин барыта баар. 2030 с. диэри тутуллуо диэн эрэнэбит.
Бу курдук Дьаархаҥҥа буолбут улуус дьаһалтатын отчуотун кэннэ олохтоохтор үгүс ыйытыыны биэрдилэр. Олортон сүрүн сүрүннэрин ыллахха:
Тыа хаһаайыстыбатыгар: оттуур ходуһаны күрүөлээһиҥҥэ үлэ барыыта, эдэр чааһынай хаһаайыстыбалаах олохтооххо инникитин үлэтэ-хамнаһа сайдарыгар, эбэтэр кэпэрэтиип тэринэригэр туох өйөбүл баар буолуон сөбүн сураһан, хаһаайыстыбаҕа электричество уотун киллэриигэ докумуон ситэригэр сүбэ көрдөөһүн.
Үөрэҕириигэ: каадыр тиийбэт кыһалҕата, сүрүн биридимиэттэргэ кытта кыһалҕаттан тэйиччиттэн үөрэтии, баар базаҕа (манежка) оҕону чэпчэки атлетикаҕа эрчийэр тириэньэр штатын көрдөрүү.
Олох-дьаһах: киин ититиигэ чааһынай ыаллары холбооһун, электричество уотун күүһүрдүү, о.д.а.
Бу манна киирбит ыйытыыларга сүбэлэр этилиннилэр, кыаллар өттүлэригэр инникитин үлэ барарыгар эрэннэрдилэр.
Отчуот түмүгүнэн Дьаархан олохтоохторо улуус дьаһалтатын 2023 с. ыыппыт үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.

Уһун Күөлгэ

Уһун Күөлгэ буолбут улуус дьаһалтатын 2023 с. үлэтин отчуотугар нэһилиэк олохтоохторо сааланы толору муһуннулар.

Улуус баһылыга Анатолий Васильевич сүрүн дакылаатын кэннэ олохтоохтор мунаарар ыйытыыларын биэрдилэр, санааларын эттилэр.

Роман Данилов, нэһилиэк дьокутаата: «Балыыһата суох олорбуппут сыл кэриҥэ буолла. Саҥа балыыһабыт тыбыс-тымныы, 1 биэлсэрдээхпит 3 нэһилиэгинэн сылдьар. Быраас наада».
Хоруйа маннык буолла: «Былырыын модульнай балыыһа тутуллубута. Хомойуох иһин, бу ааспыт сыл бырааскыт уурайан барбыта. Каадыр тиийбэтэ дойду үрдүнэн баар кыһалҕа. Олохтоох оҕолору медицинскэйгэ үөрэттэриэххитин наада. Тус сыаллаах үөрэхтээһин бырагыраамалара бааллар. Быйылгыттан Сунтаардааҕы технологическай колледжка Нерюнгритааҕы медколледж филиала үлэлээтэ. Манна киирэн үөрэнэ сылдьааччылар биэлсэр идэтин баһылаан улууска хаалыахтара, «целевойунан» үөрэнэллэр.
Балыыһа уота табыллыбакка турар. Дьаархаҥҥа туруоруллубут энергесервиснэй оһох диэн хайдаҕын-тугун кэтээн көрүөхпүт, көдьүүстээх буоллаҕына, манна оннугу үлэлэтэри былаанныыбыт».
Уһун Күөлгэ баар «Татыйыына» маҕаһыын сабыллан эрэр эбит. Олохтоохтор нэһилиэккэ килиэбэ суох хаалабыт диэн долгуйалларын биллэрдилэр. «Күҥҥэ 100-120 килиэби дьон ылар. Самозанятоһынан эҥин бэкээринэ аһарга субсидия көрүллэр дуо?» -диэн ыйыттылар. Хоруйа: «Татыйыына» фирма нэһилиэги килиэбинэн уонна үрүҥ аһынан хааччыйа туруом диэн эрэннэрбитэ.
Урут «самозанятайынан» үлэлэтэ сылдьыбыт бэкээринэ баар, баҕалаах бизнес-былаан оҥостон, көмүскээн көмө үбү ылан, бу дьыаланы ылсыан сөп».
Уһун Күөлгэ буолбут улуус дьаһалтатын отчуотугар уопсайа 67 киһи кэллэ. Кэлбит дьон отчуоту истэн, ыйытыыларын биэрэн, санааларын этэн, дьаһалта ыыппыт сыллааҕы үлэтин «биһириибит» диэн сыаналаан тарҕастылар.

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше